Перевод с якутского
көх
аат тыл, даҕааһын
Нууччалыы влекущая сила воздействия чужого примера
English the impact of someone's example
Ис хоһооно · 6
1 аат тыл #
Дьон холобурун тардыыта, угуйуута
Нууччалыы Влекущая сила воздействия чужого примера
Бүтүн дэриэбинэ дьоно тахсан тибийбиттэрэ көҕө диэн, күүһэ диэн, сырсыыта диэн олус да буолар эбит.
П. ОйуунускайМанна көҕө бэрт. Бары барыта "хаалыма", "куораттыаҥ", "биһигини кытта барыс" дииргэ дылылар Н. Заболоцкай
2 аат тыл #
Туохха эрэ тардыһыы, баҕа
Нууччалыы Влечение, желание
Мин суруйбут ырыаларбын дьон син сэргэҕэлииллэр ээ, итинэн көх тахсыа. А. Софронов [Семен] доҕотторо булт чааһыгар букатын көхтөрө суох эбиттэр. Н. Якутскай Сүгүн олорбот көх үөскээн, Сүргэлэрэ көтөҕүллэн, "Эмтээх" муора салгыныттан Эгдэйдилэр, биһи дьоммут Күннүк Уурастыырап
Өссө холобурдар (8)
Күүс-күдэх, эниэргийэ. Θ Энергия, сила, настойчивость, упорство. Куппут чэй минньигэс сылааһа, Кулуһун дьиктилээх сылама, Саллыыгын, сылааҕын киэр үүрэн, Саҥа күүс, саҥа көх угуоҕа. Күннүк Уурастыырап Көр оонньуу аргыстаах Көх үлэ дьарыктаах Сүрэҕи көччүтэр, Сүһүөҕү мэччитэр Болот Боотур Тугунан эрэ уопсай үлүһүйүү, умсугуйан дьарык оҥостон кэрэхсээһин. Θ Всеобщее увлечение чем-л. Сааскы сэргэх саһарҕаҕа Булт көҕө саҕаланна. И. Гоголев Тамма уҥуор сүрдээх бултаах үрэхтэр бааллар. Бу дойдуга бултааһын көх уонна үгэс буолан хаалбыт сирэ эбит. И. Федосеев Сааскы ыһыы күрэҕин көҕө Түүҥҥү түүлү уймаата А. Абаҕыыныскай Саҥаран-иҥэрэн биэрбэттэр.
Н. ЛугиновСайын сайылык аайы Сүпсүһүү, мунньах бөҕө, Күө-дьаа кэрэ баҕайы, Көтөҕүллэр дьон көҕө. Баал Хабырыыс Илии үлэтигэр да биһиги үөрэнээччилэрбит көх дьон ББ
3 аат тыл #
Тугу эрэ саҕалааһын, бачыымы көтөҕүү
Нууччалыы Какое-л. начинание, почин
Өндөрөй оҕонньор -- эмиэ биэс уон сүүһү суруйтарда, онон көх таһаарбыт дьоннорго иһигэр бэркэ абалана олорор
П. ОйуунускайОрдук кимээһиннээх, дьулуурдаах, тахсыылаах өттө (хол., оонньуурга). Θ Инициатива, почин, активность (напр., при игре). Оонньуу көҕө син-биир мин өттүбэр оннунан хаалла. Бачча баһыйа ылан бараммын сүүйэр инибин диэн наһаа холкутуйбутум НСС ОоО Тоҕус уон тоҕус кумах үрэх буолан, Көҕүнэн, күйгүөрэн киирэннэр, холбоһон, тоҕус үөстээх Тоҥмот муора буоллун диэбиттэр үһү. Саха фольк
Өссө холобурдар (2)
Үөрэх иккис аҥаарыгар былааннаабыт үлэбит элбэх, онно барытыгар пионердар да, хомсомуолустар да көҕүнэн үчүгэйдик кыттыахтара диэн бигэтик эрэнэбит. ББ Ср. туркм. көк 'веселый, радостный'; тув. хөг 'забава, развлечение, веселье'
4 даҕааһын #
суолт. Сэргэх, күө-дьаа, сонуну-саҥаны хабан ылымтыа
Нууччалыы Живой, восприимчивый, активный. [Оскуолаҕа] сорох кылаас бытаан, көҕө суох
5 аат тыл #
көҕүнэн пуормаҕа сыһ. суолт. Бары бииргэ, тутуспутунан, күргүөмүнэн
Нууччалыы Всей компанией, все вместе, сообща
6 этии #
Этиилэр
Көх түһэн көр көҕүс түһэн
Ол [өйөбүл] суох буоллаҕына, саҥа ыанньыксыт сопхуостан бүтэн барар болдьоҕун эрэ күүтэ, үлэ оҥорумтуотун үрдэтии "мин кыаҕым таһынан эбит" диэн көх түһэн сырыттаҕына, ама, баа буолуо дуо. "Кыым"