Перевод с якутского
көх-нэм
аат тыл, даҕааһын
Нууччалыы энтузиазм, подъем
1 аат тыл #
Өрө көтөҕүллүү, үлүһүйүү
Нууччалыы Энтузиазм, подъем
Баара дьулуур, көх-нэм даҕаны, Баара араас хааччах, кыһалҕа. Баал Хабырыыс [Эдэр сааспар элбэх этэ] Сырыы-айан сындалҕана, Сырдык таптал ахтылҕана, Үөрэх, үлэ көҕө-нэмэ Үлүһүппүт умсулҕана. М. Хара Маннык көҕү-нэми иккиһин саҕалыыр уустук буолааччы [ол иһин Ангелина Ивановна] лабораторията атын хосторун эмиэ көҕүлүү түһээри ойон тураат, көрүдүөр устун тибигирэйэ турар В. Гаврильева
Өссө холобурдар (3)
Сэргэхсийии, уопсай хамсааһын, туохха эрэ дьулуһуу (дьону кытта). Θ Общее оживление, заинтересованное, увлеченное занятие чем-л., активное движение. Бу көх-нэм саҕана быар куустан олорорбун сөбүлээбэтим бэрт. И. Никифоров Тэтим даҕаны, көх-нэм даҕаны баар дьоно диэтэҕиҥ. В. Яковлев Олордуо баара дуо эгэ оҕо саас кэрэ чуор кэмэ, Оонньуу, көр-нар түбүгэ, От үлэтин көҕө-нэмэ! М. Хара
2 даҕааһын #
суолт. Көхтөөх, күө-дьаа, сэргэх
Нууччалыы Живой, деятельный, энергичный
Финансовай техникум кыргыттара көх-нэм бөҕө дьон эбит. Э. Соколов Күлэ-сала көх-нэм билсиһии буолта. П. Аввакумов Пионердарым бэйэлэрэ эмиэ, сыылба да киһини хамсатыах курдук, көх-нэм, көр-нар, сытыы-хотуу, элэгэлдьигэс дьон ХС
3 этии #
Нууччалыы Активно, заинтересованно поддерживать разговор, беседу
Көх-нэм буол - 1) күө-дьаа буолан сэҥээрэн, сөбүлэһэн кэпсэтиини көҕүлээ Киһи кэпсээнин сатаан истэр, көх-нэм буолан тэбиэһирдэн биэрэр туспа идэлээх дьон баар буолааччылар. Сэмээр Баһылай. Биирдэрэ кэпсээн бүтээтин кытта, иккис киһи салгыыр, онтон үһүстэрэ иилэ хабан ылар, хардары-таары көх-нэм буолан, кэпсэтиини күөртээн иһэллэр. ВНГ ГОПХ. Чириков ханнык да кэпсэтиигэ барытыгар көрүдьүөстүк, эйэҕэстик көх-нэм буолан испитэ.
Л. Толстой; 2) ким, туох эмэ туһугар дууһаҕынан кыһалын, өйөө, "ыарый". Θ Сильно, остро переживать, болеть за кого-что-л. (напр., за больного, любимую спортивную команду). Атыттар "Ыалдьааччы" оруолун толорон, оонньууларын көрөн, көх-нэм буолан айдаараллар, ыалдьар киһилэрин тэптэрэн биэрэллэр. В. Тарабукин ; 3) туохха эмэ көмө буол, көмө-ньыма буол, туох эмэ оҥоһулларын, туоларын өйөө. Θ Поддерживать, способствовать чему-л. (напр., выполнению какой-л. работы). Чэ, туруоххут дуо, аанна аһыҥ, көх-нэм буолуҥ! Күннүк Уурастыырап
Өссө холобурдар (2)
Дьоно -- кини тыаҕа тахсарыгар көх-нэм буолан, тахсарга тэриммитигэр үөрэн да хаалаахтаабыттара. Р. Кулаковскай Саамай улахан ходуһатын уутун хачайдатарга бэйэтинэн элбэхтик үлэлээтэ, көх-нэм буолла. "Кыым"