ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

көччөх

аат тыл

Нууччалыы молодая осенняя утка

1 аат тыл #

Күһүҥҥү көтөн эрэр кус оҕото

Нууччалыы Молодая осенняя утка (уже летающая или начинающая летать)

  • Көбүөхтэс көччөхтөөх, Барылас бараахтаах, Бырылас былдьырыыттаах, Дойҕохтуур лоокууттаах, Үөхсэр чөкчөҥөлөөх, Өһүргэс үгүрүөлээх [дойду эбит].
    Күннүк Уурастыырап
  • Күөл уута долгуннурда, Үөр көччөх кэлэн түстэ.
    Баал Хабырыыс
  • Кэлбит кус-хаас көччөхтөрүн көтүтэн айаҥҥа хомуммуттара ыраатта
    П. Филиппов

2 аат тыл #

Олоххо, үлэҕэ саҥа киирэр эдэр оҕо киһи (дьон)

Нууччалыы Молодая поросль, только вступающая во взрослую жизнь

  • Күммүт сирин көччөхтөрө, Күндү көмүс чыычаахтарбыт, Эһиги ыал, дьон буолан, Иэримэ дьиэни тэриниҥ!
    Суорун Омоллоон
  • Мин көмүс көччөхтөрбүн сүтэрэммин, Өстөөххө уоттаахтык абарбытым
    Эллэй

3 этии #

Нууччалыы Вступить в самостоятельную жизнь, покинуть родительский дом, выйти из-под опеки и попечения родителей

  • Көччөх буолан көт - төрөппүттэриҥ дьиэлэриттэн, көрүүлэриттэн, бүөбэйдэриттэн арахсан, олох суолугар үктэн Үгүс сыллар аастылар Көччөх буолан көппүттэн, Көрдүм онтон Киэҥ аан дойду кэрэтин.
    С. Данилов
  • Хас биирбит олоҕун суола Атын атынын көөрпүт, Көччөх буолан көппүппүт.
    И. Эртюков
  • Көччөх гынан көтүт - бүөбэйдээн, улаатыннаран, олох суолугар атаар (ыччаты - үксүгэр төрөппүттэр тустарынан). Θ Вырастить, выпестовать, поднять, поставить на ноги (ребенка). Кэлиҥ даа, көччөх гынан көтүппүт Күүстээх-уохтаах уолаттарым.
    И. Егоров
Өссө холобурдар (1)
  • Кини [эбэм] миигин адьас аччыгый эрдэхпиттэн оҕолообут, көмүс-ньээкэ уйабыттан көччөх гынан көтүппүт күн сиригэр күндү киһим. А. Кривошапкин (тылб.)

«К» буукуба