ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

көҕөн

аат тыл

Нууччалыы кряква.

English mallard

I

1 аат тыл #

Саас эрдэ кэлэр бөдөҥ кураанах кус (атыыра баттаҕа күөх, атаҕа кыһыллыҥы буолар)

Нууччалыы Кряква. Адьас чугас чөркөй чуруктаабыта, ыраах көҕөн кэһиэхтээхтик маатырҕаабыта. Далан. Кус бииһиттэн, биллэн турар, көҕөн урутуо, маҥнай тахсыбыт ууга кини бэйэлээх маатыргыа. С. Никифоров. Талах төрдүгэр икки бэйэ көҕөн бөлтөһөн олорон саҥараллар. Т. Сметанин. Ср. кирг. көгөл, минус. -тат. көгөн ‘селезень’

II

2 аат тыл #

, эргэр. Кулун сулара, сулардаах көнтөһө

Нууччалыы Обороть, узда для жеребенка

  • Көҕөннөрдөөх кулуммут Көҥүл дэлэй көччүйдүн, Үрүөлэрдээх торбоспут Үксээн-элбээн үөрдүстүн.
    Күннүк Уурастыырап
  • Иэйэхсит хатын иһэрэ Илэ-бааччы иһилиннэ эбээт, Оҕо-ло-оор! Э-э-э, дуо! Чохчой көҕөн Бөхтүргэлээх үһү! Доҕотто-о-ор!
    Саха фольк
  • Араас ойуулаах көҕөнүнэн көҕөннөммүт кулуннар кистэһэ тураллар. АаНА СТО
    Т. Казах
Өссө холобурдар (1)
  • көгөн ‘веревка для привязи мелкого скота’
III

3 #

көҕөн эт - киһи сүнньүн, моонньун бөлтөйө сылдьар күүс этэ, быччыҥа

Нууччалыы Шейные, затылочные мышцы человека

  • Икки илиитин иҥиирдэрэ Лычыгырыы күүрдүлэр, Лыҥкыныы түстүлэр, Көҕөн эттэрэ Күүрэн таҕыстылар.
    П. Ойуунускай
  • Куппут курдук быһыылаах-таһаалаах, сүүрэлии сылдьар быччыҥнардаах, сүрдээх түөстээх, көҕөн эттээх, олус мөгөччөк киһи.
    Күннүк Уурастыырап
  • Хас оҕустаҕын аайы көҕөн эттэрэ күүрэн логлоруттан тахсаллар
    М. Доҕордуурап

«К» буукуба