ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

уйус

аат тыл

Нууччалыы касатка.

English falcated duck, falcated teal

II

аат тыл

Көҕөҥҥө маарынныыр, арыый кыра, кураанах кус

Нууччалыы Касатка. Чөркөй уйустуун куотуһан, Эҥин араастаан иһиирэллэр. П. Тобуруокап. [Терминологическай тылдьыкка] бултанар кустар ааттара: ээбиллэ, уйус, биргинэх эҥин көтүтүллэн хаалбыттар. АНК СБТЛ

  • уй I диэнтэн холб. туһ. Иккиэн сытыы-хотуу, көрдөөх-нардаах дьон -- тыл тылларын уйсан, нэмнэрин билсэн, өртөн доҕордоһон сылдьаллар.
    Амма Аччыгыйа
  • Суох, доҕор. Хайдах мин эйиэхэ өһүргэниэхпин сөбүй? Оччону уйсан кэллибит ини.
    Н. Лугинов
  • Оҕо эрдэхтэн оччону уйсан, баччаҕа кэллэхпит. С. Федотов
Өссө холобурдар (3)
  • уйусхан 2 диэн курдук. [Үрдүк тиит] Истэр этэ уйус тыаллар Уораһыйар ырыаларын.
    Күннүк Уурастыырап
  • Доҕорум, таптыыр уйус Сүрэххэ эрэбил, Хомойуу курдук курус, Ыар ыарык суоҕун билэбин.
    С. Данилов
  • Эккирэтэ сатаан кэбистим даҕаны Эдэр бэйэм элэйэ быһыытыйдым, Арай эн, уйус санаам, ситтэрбэтиҥ, Арай эн үрдээн, күөрэйэн истиҥ. Н. Босиков

«У» буукуба