Перевод с якутского
кус
аат тыл
Нууччалыы утка.
English duck
Ис хоһооно · 4
1 аат тыл #
Ууга түһэр, аһыыр, кэтит тумустаах, атахтарын тарбаҕар сарыылардаах көтөр
Нууччалыы Утка. Дьөгүөрдээн онтон булдунан оҕо оонньууруттан куттанар да, куһу былдьаан оҕотун хомотуон эмиэ кэрэйэр. Амма Аччыгыйа. Бараары сылдьар кустар чычаас ууга аһаан айахтарын тыаһа чабыгырас, уу тыаһа чалыгырас, саҥалара маатырҕас-мээтирҕэс буолаллара. Т. Сметанин. Ср. тюрк. куш 'птицы'
2 этии #
Нууччалыы Резвый, быстроногий и сильный человек
Этиилэр
Кус быһый, ат бөҕө
олус кытыгырас уонна күүстээх киһи Толору толуу куҥнаах, Кус быһый, ат бөҕө оҕо Ордук буолуо этэ.
Манчаары Баһылай диэн алыс кус быһый, ат бөҕө киһи үөскээн эрэр. МНН.
Кус (куобах) сүрэх
олус куттас киһи; куттас, хоргус.
Очень боязливый человек; трус.
Куттас киһи
кус сүрэх (өс хоһ.
). "Дьоммут ат үрдүттэн тутта үөрэхтээхтэр дуо?.. Сатаммат... – Хайдах!.. Кус сүрэх!" – диэн Бурхалей өксөйө саҥарда. Эрилик Эристиин Кус сүрэх! Букатын ханан да эписиэр быһыыта суох. С. Ефремов
Кус сыгынньах
букатын таҥаһа суох, ийэттэн төрүү сыгынньах.
соотв. В чем мать родила.
Үстээх үөдэн, Түөртээх төбөт, Биэстээх бэдик буолуор диэри Кус сыгынньах куталыйда.
Өксөкүлээх ӨлөксөйСылабаардара, кырдьык даҕаны, "оһох чанчыгар кус сыгынньах оҕо куталлан туран ыллаан сыыгыныыр үһү" диэн таабырынныылларын курдук эбит, оҕо саҕа. Болот Боотур
Кус уҥуоҕун уҥуохтанар
улаханнык ырбыт, дьүдьэйбит.
Сильно исхудать, истощиться.
Сылгыһыт Сүөдэр күнүн аайы холлон, кус уҥуоҕун уҥуохтанар. Н. Якутскай
Кус хаҥыл
айааһана, көлүүргэ, ыҥыырга үөрэтиллэ илик (сылгы туһунан этэргэ).
Необъезженная (о лошади).
Ити кус хаҥылы сатаан тутуо суохпун. М. Доҕордуурап
3 этии #
Кус аһылыга - төгүрүктүҥү эбэтэр ньолбоҕордуҥу бытархай сэбирдэхтээх күөл кытыыларын бүтүннүү кэриэтэ саба үүнэр от үүнээйитэ Көлүйэлэргэ уонна күөллэргэ уу үрдүгэр көҥүл уста сылдьар дьоҕус сибэккилээх үүнээйилэр бааллар. Ол кус аһылыга [ряска] уонна куйуур от [пузырчатка]. КВА Б.
Нууччалыы Ряска (водное растение)
Этиилэр
Кус олоҕо
биир сиртэн үүнэн тахсыбыт уһун уктаах үстүү сэбирдэхтээх, үрүҥ эбэтэр тэтэркэй өҥнөөх киистэлии бөлөхтөспүт бытархай сибэккилэрдээх силиргэхтээх бадараан үүнээйитэ.
Вахта (разновидность болотного растения).
Кус олоҕо ветеринарияҕа, гомеопатияҕа эмиэ туттуллар. Саха эмчиттэрэ кус олоҕунан тиис ыарыытын эмтииллэрэ. МАА ССКОЭҮү
4 #
тыаһы үт. т. Салгыны чыпчаххайынан (кымньыынан) быһа охсуу тыаһа
Нууччалыы Подражание резкому короткому звуку, похожему на свист (напр., от резкого удара плетью по воздуху)