Перевод с якутского
ыт-кус
аат тыл
Нууччалыы общее название домашних животных; мелкие хищные звери, грызуны
1 аат тыл #
Дьиэ кыылын уопсай аата; кыра сиэмэх кыыл-сүөл
Нууччалыы Общее название домашних животных; мелкие хищные звери, грызуны
Халыҥ тириибин хайыттардыҥ, ыкка-куска сиэттэрдиҥ, абааһы кыыһыгар атаҕастаттыҥ. Саха фольк Бу туохпут ыта-куһа булла, дьон ыта да суох олороллор. Р. Кулаковскай Костя сыарҕалары, көлөлөрү, ыттары-кустары үрдүлэринэн ойуолаан, оскуола кирилиэһиэгр биирдэ ыстанан кэбиспитэ Н. Заболоцкай
2 этии #
Нууччалыы Пропасть без следа (букв. умереть как собака)
Ыт-кус курдук өлбүт (өлөр) кэпс. – сиргэ-тыаҕа өлбүт, ханна өлбүтэ биллибэт, хараллыбакка хаалбыт Мин да иэстэбиллээх киһи буолуом, ыт-кус курдук өлөрөн кэбиһиэҥ суоҕа. Саха фольк "Аны баҕас ыт-кус курдук өлбөт киһи буоллум, өллөхпүнэ даҕаны булуллан хараллыам", – диэн кини эрэммит. ВНЕ НЭНь. Ыт-кус ыһыаҕа буол кэпс. – ыһыллан-тоҕуллан, сүтэн-оһон, баранан хаал, аҕыйаа (хол., баайы-дуолу этэргэ). Θ Пускаться на ветер, разбазариваться неразумно (напр., о состоянии, богатстве). Ньирэйдэр үстэн биирдэрэ өллө быһыылаах, бачча баай тоҕо туһата суох ыт-кус ыһыаҕа буола турарый? ВМП УСС. Ыт-кус ыһыаҕа оҥор кэпс. – үбү-аһы, баайы-дуолу туох да туһаҕа таһаарыма, ыһан-тоҕон, матайдаан симэлитэн кэбис. Θ Транжирить, проматывать, разбазаривать состояние, богатство. Ыһыллыы саҕана, холкуос баайа дии-дии, ыт-кус ыһыаҕа оҥорбуттара. "Кыым". Төрөппүттэрэ үйэлэрин тухары муспут баайдарын-дуолларын ыт-кус ыһыаҕа оҥорботоллор бэрт буолуо этэ. "Чолбон"