Перевод с якутского
ыһаар
туохтуур
Нууччалыы окуривать, пропитывать дымом бересту, берестяной сосуд и т. п.
English fry, grill
Ис хоһооно · 4
1 туохтуур #
Туоһу, туос иһити уо. д. а. буруоҕа тутан, буруо сытын иҥэр (хол., бөҕөргөтөн, үөнтэн-көйүүртэн харыстаан)
Нууччалыы Окуривать, пропитывать дымом бересту, берестяной сосуд и т. п. (напр., для прочности, дезинфекции)
Үүт аһыйбатын диэн, туос иһити сууйан, куурдан баран сугун абаҕата, боҕуруоскай оттору кыратык буруолатан иһит иһин ыһаарар идэ баар эбит. ГПП ТО. Сорох ыал иһиттэрин үчүгэй сыттаннын, сииккэ ылларбатын, үөн-көйүүр тыыппатын диэн кытыанынан ыһаараллара. КЕФ СТАҮӨ. Өбүгэлэрбит кытыаны аһы-үөлү хаһаанарга, иһити-хомуоһу ыһаарарга, дьиэни-уоту ырааһырдарга туһаналлара ПАЕ ЭАБ
2 туохтуур #
Буруо сытынан тунуй, хойуу буруота таһаар; буруолат
Нууччалыы Испускать чад, едкий дым; обдавать дымом
Ынахтарын боҕуруоскай оту уматан, минньигэс сыттаах буруонан ыһаараллар. Амма Аччыгыйа Остуолга кыраһыын лаампа симириҥнии умайар, сэбирдэх табах хойуу буруота дьиэ иһин ыһаарбыт. Софр. Данилов. [Сэппэрээк] Аһыы хатан сытынан Арай былыр эмээхситтэр Алаһа дьиэлэрин Алгыыр, ыһаарар эбиттэр М. Тимофеев-Терёшкин
3 туохтуур #
ыыһаа 2 диэн курдук. Күһүҥҥү эмис балыгы иһин ылан, уҥуоҕун ылҕаан баран, кэрдиистээн, аргыга ыйаан күн уотугар хатараллара, буруоҕа ыһаараллара. Далан. Байҕалтан бултаан таһааран Балык хатаран, буруоҕа ыһааран, Бааркы, дьуухала оҥорон Ол дьон оннук олорбуттар. Болот Боотур. Бу дьоҕус сопхуос өссө халбаһы оҥоруоҕа, эти тууһаан, буруоҕа ыһааран атыылыаҕа. "Кыым"
4 туохтуур #
Кими эмэ быдьар, ыыс-бурут тылларынан үөх
Нууччалыы Оскорблять бранью, поносить кого-л
ыһаарылаа диэн курдук. Эмээхсин майаҕас балыгы ыһаарда, күөһү толору собо буһарда. П. Егоров Хаас сымыытын ыһааран сиир үчүгэй. ПАЕ ДьКК. Төбөтүн эттээн баран ыһааран да, бүтүннүү буһаран да сиэ. "Кыым". Ср. др. -тюрк. ыш, тюрк. ыш, ис, монг. ис ‘копоть, дым’ Харытыай ону кытта тэҥҥэ часкыйа түһээт, киһи иилэн ылбатынан үөҕэн ыһаарбытынан барда. Р. Кулаковскай
Өссө холобурдар (2)
Кутуукап Дьарааһын кыыһыран сабын быһа тарта, эбиитин маатыранан ыһаарда. Д. Очинскай Суох, син биир ыыс-бурут тылларынан ыһаараллар ХС