ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

үт

туохтуур

Нууччалыы толкать кого-, что-л., отодвинуть, передвинуть что-л., двигать от себя

English to push, to kick

Ис хоһооно · 9
I

1 туохтуур #

Анньан биэрэн, анньыалаан, кими, тугу эмэ миэстэтиттэн сыҕарыт, сыҕарытан илт

Нууччалыы Толкать кого-, что-л., отодвинуть, передвинуть что-л., двигать от себя

  • Уолаттар Миитээни түһүлгэҕэ чемпиону кытта туһуннараары үтэн киллэрдилэр.
    Е. Неймохов
  • Уолаттар туртаһы үрэх хааһын үрдүгэр сиэтэн, кэнниттэн үтэн, таһаарбыттара. Тоҕо эрэ кини мөхсүбэт этэ.
    И. Федосеев
  • Күнүс Кыымы көлүөһэлээх остуолга сытыаран хирург хоһун диэки үттүлэр
    С. Никифоров

2 туохтуур #

Тугу эмэ кимиэхэ туохха эмэ чугаһата анньан биэр

Нууччалыы Толкнув, двинув что-л. приблизить к чему-л

  • Ити олох маһы бу диэки үтэн биэр эрэ.
  • Миискэлээх аһын ньирэйин төбөтүгэр үттэ
    А. Сыромятникова

3 туохтуур #

Үөһэ диэки кими, тугу эмэ өрө анньан биэр, тахсарыгар көмөлөс

Нууччалыы Помочь кому-л. забраться вверх, подтолкнуть снизу

  • Эн куттаныма... биһиги үтэн биэриэхпит! – дииллэр дьонум.
    Н. Заболоцкай
  • Кыым кинини өрө үтэн биэрэрин кытта, киһитэ бэрт чэпчэкитик үөһээ хатаастан тахсар
    С. Никифоров
II

4 туохтуур #

Итии күлүнэн көмөн үрдүгэр уоттаах чоҕу тарыйан тугу эмэ (хахтаах хортуоппуйу, кыра балыгы) буһар эбэтэр уоттаах чоххо чараас гына быһыллыбыт эти ууран буһар

Нууччалыы Печь (картошку, мелкую рыбу) в золе под горящими углями, жарить мясо на рожне или на углях

  • Уол эт үтэн сиэн, ойуулаах муос уктаах, көмүс кыыннаах быһаҕын атаҕар уктан, үөрэн-көтөн баран хаалар.
    Саха фольк
  • Хахтыын үппүт хортуоска Хаарыан сыта тунуйда.
    Күннүк Уурастыырап
  • Кыра хатыыһы үтэн баран тириитин ньылбы тардаҕын.
    Далан
Өссө холобурдар (1)
  • Хортуосканы күл анныгар уган үтэн сиэбиттэрэ минньигэс да буолар эбит
    Г. Колесов

5 туохтуур #

Тугу эмэ (хол., чаанньыктаах чэйи) уокка сылыта (оргута) уур (ас)

Нууччалыы Поставить чайник на огонь

  • Дьэллик отууга балачча тииҥнээх арыый эрдэ кэлэн уот оттон, чаанньыгын уокка үтэ сылдьара
    Н. Заболоцкай
III

6 туохтуур #

Хойуутук өлгөмнүк үүнэн таҕыс (сайын эрдэ өлгөм ардах кэнниттэн куйаас күннэргэ от хойуутук, түргэнник үүнэрин этэргэ)

Нууччалыы Вырастать быстро и густо (о травостое: после обильных дождей в знойные дни)

  • Үс салаалаах Үнэр күөх ото Өрө үүнэн үтэр эбит.
    Күннүк Уурастыырап
  • Долгуһа турдуннар холкуостаах хонуулар Дороххой үүнүүнэн өлгөмнүк үтэннэр!
    С. Васильев
  • Үүнэр оппут үтэн, Локуорабыт торолуйда, Боруу, өлөҥ от быыһынан Бочоох собо чолумнаата
    К. Туйаарыскай
IV

7 туохтуур #

Илими күөлгэ иит, туруор

Нууччалыы Ставить сети (рыболовные)

  • Эһиги биһиги туспутугар сээбэҥнээмэҥ. Бытаан эрэ буолуо, илими атын ньыманан үтүөхпүт. Тыы үрдүттэн буолбатах.
    И. Федосеев
  • Вася эрэһиинэ тыытын үрдэринэн, илимнэрин үтэ киирдэ.
    Н. Лугинов
  • Илими үтэн кэбистиҥ да бэрт сынньалаҥнык киирэн көрүөххүн эрэ наада – аһаатаҕыҥ ол
    Багдарыын Сүлбэ

8 этии #

Нууччалыы Испытывать, проверять кого-, что-л. (букв.: попытаться толкать-пихать)

Этиилэр

Үтэн-анньан көр

тугун-ханныгын билээри, анаан тургутан холоон, чинчийэн көр Үтүө киһи буоламмын, Үөнүм батарбакка, Үтэн-анньан көрбүтүм.

  • "Бука эн сиргэ быраҕан аралдьаттардыҥ буолуо?" – диэн үтэн-анньан ыйытан көрбүтүгэр, уола ытыы-ытыы мэлдьэстэ.
    Н. Заболоцкай
  • Татьяна ол сылдьан санаатын тоҕо тэбээтэ: "Следователь кыыс эйигин үтэн-анньан көрбүтэ буолуо, ол аайы ыксаан түһэҥҥин". М. Попов

9 этии #

Нууччалыы Выступать, выдаваться мысом (о воде, лесе и т. д.)

Этиилэр

Үтэн киир

туохха эмэ (хонууга, ууга) тоҕойдоон ыраахха диэри киир (ууну, тыаны о.

  • д. а. этэргэ) Үөскэ үтэн киирбит таас очуостар уу ортотугар ууллумахтыы олорор курдуктар.
    Амма Аччыгыйа

Ыраах түгэххэ

Абаҕа дэриэбинэтэ: тумустуу үтэн киирбит ойуур хаххалаан, кыһыл былаахтаах оскуола уонна биир-икки дьиэ хоруобуйалара эрэ быгаллар.

  • Үтэн киирбит лиҥкинэс тииттэрдээх тумус сыырын өрө сүүрэн тахсаат бобуоска тохтоото. П. Филиппов

«Ү» буукуба