Перевод с якутского
үттэ
аат тыл
Нууччалыы бородок, пробойник
аат тыл
Ылтаһыны, чараас тимири чуолҕаҥҥа ууран баран дьөлө охсорго аналлаах уһун бөкүнүк биир уһуга сыыйа синньиир кытаанах тимиртэн, ыстаалтан оҥоһуллубут тимир ууһун тэрилэ (чыскынан тутан туран, өтүйэнэн охсон дьөлүллэр)
Нууччалыы Бородок, пробойник
Уус -- үгүс элбэх Үттэ сэптэрдээх, Дьоһун элбэх чуолҕаннардаах, Ити курдук үгүс игиилэрдээх. Саха нар. ыр. II. Туллайа тиэйэн аҕалбыт хоппо дьааһыгыттан бэйэтин кытаҕаһын, балтатын, өтүйэтин, үттэтин, суохапчатын, араас ол-бу малын хостоото Н. Босиков