ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

уот-күөс

аат тыл

Нууччалыы яркий свет чего-л

1 аат тыл #

Туох эмэ умайар, холбонор уота барыта, туох эмэ элбэх уота

Нууччалыы Яркий свет чего-л

  • Халлаан сулустара буоллаҕына уоттара-күөстэрэ сүрдэммит.
    Н. Неустроев
  • Бу ыал утуйбут, уоттара-күөстэрэ көстүбэт, түннүктэрэ хараҥа.
    Н. Якутскай
  • Бу да киэһэ уот-күөс сандааран тупсубут
    Далан

2 аат тыл #

Өрө көтөҕүллүү, көх-нэм, эрчим

Нууччалыы Огонёк, энтузиазм, воодушевление. [Эмээхсин:] Уотум-күөһүм букатын бүппүт эмээхсиммин, харах мөлтөх

  • Ити кэнниттэн кэпсэтии уота-күөһэ сөҕүрүйдэ.
    Е. Неймохов
  • Хамначчыт сойууһа диэн тэриллэн үлэлээн эрэр да, билиҥҥитэ уота-күөһэ мөлтөх
    И. Гоголев

3 этии #

Нууччалыы Не имея особого желания, без энтузиазма, огонька (делать что-л.)

Этиилэр

Уота-күөһэ суох

улахан баҕата суох, суолтатыгар, аатыгар эрэ Үлэтигэр улам-улам уота-күөһэ суох саллаҥныыр буолан эрэр.

  • Инициативата, уота-күөһэ суох дьон маннык эппиэттээх улахан дуоһунаһы былдьаан олороллоро олус да кыһыылаах, үлэҕэ-хамнаска охсуулаах дьыала буоллаҕа. Тумарча. Дроздев чопчу техническэй боппуруостары баһаарсыыга тоҕо эрэ уота-күөһэ суох кыттара, олору үксүн кылаабынай инженеригэр соҥнуура.
    В. Яковлев

Уота-күөһэ умуллубут (өлбүт, өспүт)

1) мөлтөө, мөлтөө-ахсаа.

Терять силу, слабеть, затухать, угасать.

  • Ити бэртээхэй саҕалааһыннар уоттара-күөстэрэ улам өһөн барар. “Кыым”; 2) туохха эмэ хам баттат, туохтан эмэ харааһын. Впадать в подавленное состояние, чахнуть, гаснуть. Оҕонньор эмээхсинигэр уота-күөһэ умуллан, сүргэтэ тостон тиийдэ.
    ХС
  • Луха бэйэтэ да хайдах эрэ уота-күөһэ өстө.
    Амма Аччыгыйа

Уотун-күөһүн умуруор

ким эмэ туохха эмэ өрө көтөҕүллүбүтүн, көхтөммүтүн тохтот, хам баттаа.

Подавлять чью-л. инициативу, чей-л. энтузиазм (букв. погасить чей-л. огонь-горшок).

  • Уоскуйан иһит: Ороспуойу да туттаргын Уоккун-күөскүн умуруор, Омуҥҥун харат! Күн Дьирибинэ

«У» буукуба