Перевод с якутского
уу-уот
аат тыл
Нууччалыы вода и огонь как стихийная сила
1 аат тыл #
Уу уонна уот алдьатыылаах күүс быһыытынан
Нууччалыы Вода и огонь как стихийная сила
Сир сирэйин, сигилитин кубулутар Силлиэ-буурҕа ытыллыыта Ууну-уоту, чаҕылҕаны Умса баттаан көлүйэр.
П. ОйуунускайИннокентий Трофимович бэрт үгүс геологы, булчуту уу-уот соһумар кутталыттан, быстарыыттан, хоргуйууттан өрүһүйтэлээбитэ
Суорун Омоллоон
2 этии #
Нууччалыы Попадать в крайне затруднительное, чрезвычайное положение
Этиилэр
Ууга-уокка түс (киир)
1) эмискэ, күүтүллүбэтэх өттүттэн ыксаллаах балаһыанньаҕа киир Өйдөөх, үөрэхтээх дьон туох эрэ тирэхтээх, эрэллээх буоланнар тойоттору, ыраахтааҕыны утары, ууга-уокка түһэллэрин кэрэйбэккэ охсуһан эрдэхтэрэ. Болот Боотур. Кэпсээтэххэ судургу, биһиги ити иһигэр ууга-уокка киирэн ыллыбыт. Далан. Барҕа баайы хотороору суудайан тэриммит эспэдииссийэлэрэ сүүстэ тимирэ сыһар, ууга-уокка кииртэлээн ылар. П. Филиппов; 2) туохха эрэ аһара, сиэри таһынан дьулус, умса-төннө түс.
Слишком, чересчур стремиться к чему-л.
Сорохтор үп-ас, баай ымсыытыгар ууга-уокка түһэллэр дии. Болот Боотур
Ууга-уокка түһэр (киллэр)
эмискэччи, өмүтүннэрэн кими эмэ олус ыгылыт, ыксаллаах балаһыанньаҕа киллэр.
Привести в замещательство, в состояние растерянности, вызвать оторопь.
Үүт-ас астаммакка аһыйан-кутуйан, тоҕуллаары ыксатан холкуостар салайааччыларын сотору-сотору ууга-уокка киллэртиирэ. Далан Били бастаан көрсөрбүтүгэр, кииримээри тэйиэккэлээҥҥин, ыксатан ууга-уокка түһэрбитин субу баар. Н. Босиков
Өссө холобурдар (1)
Аны, көрдөр хараҕын дьүккэтэ, көтүрдэр тииһин миилэтэ Сэмэнчик ыараханнык ыалдьан, ууга-уокка түһэрдэ. В. Протодьяконов