ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

уу

аат тыл

Нууччалыы прозрачная жидкость, образующая ручьи, реки, озёра, моря; вода

English water

Ис хоһооно · 10
I

1 аат тыл #

Үрэхтэри, өрүстэри, күөллэри, муоралары үөскэтэр дьэҥкир дьүһүннээх убаҕас

Нууччалыы Прозрачная жидкость, образующая ручьи, реки, озёра, моря; вода

  • Ууга төрөөбүт, ууттан куттанар баар үһү (тааб.: туус). Уу да буолбатар убаҕас, Хаар да буолбатар маҥан, Уокка уурдахха суорҕаҥнанар, Сөрүүҥҥэ уурдахха бүрүөлэнэр (тааб.: үүт). Хаста да чаанньыгар уу баһан таһааран, саһаан хардаҕастарын быыһыгар бырдьыгыныы умуллан эрэр уокка кутта.
    Амма Аччыгыйа
  • Миичээн таас үрэх элгээнигэр тиийэн кэллэ. Сүгэнэн аҕыйахтык охсорун кытары муус тэстэн, уу быччас гынна. А. Кривошапкин (тылб.)
  • Ол убаҕас намыһах сирдэргэ мустубута эбэтэр хотооллорунан сүүрүгүрэ устара (хол., күөл, өрүс). Θ Скопление воды в низменностях, водоём (напр., озеро) или водный поток значительных размеров с естественным течением по руслу (напр., река). От-мас төбөтө эймэнэ түстэ, күүстээх холорук күөл уутун ортотунан хайа солоон, илин кытыыга курбачыйан таҕыста.
    Н. Неустроев
Өссө холобурдар (3)
  • Аан дойдуга аатырбыт тутууларын - уу сүүрүгүн күүһүнэн үлэлиир Днепрдээҕи элэктэриичэскэй ыстаансыйаны көрдүбүт.
    Амма Аччыгыйа
  • Сэмэнчик, атаҕынан ууну биллиргэччи охсуолаан, уҥуоргу биэрэк диэки харбыы турда.
    Т. Сметанин
  • Былыргы киһи өрүс буоллун, күөл буоллун, үрүйэ буоллун, барыларын уу диэн ааттыыра
    Багдарыын Сүлбэ

2 аат тыл #

Туох эмэ симэһинэ, сүмэтэ; туох эмэ убаҕаһа, сиигэ

Нууччалыы Жидкость, содержащаяся в клетках, тканях растений и животных; сок

  • Хатыҥ уута. Киһи куртаҕын уута. Арыы уута. Уохта уута. ù Харытыана икки саһарчы көрбүт харахтара, -- отон уутунан соппут курдук икки уоһа, лычыгыр көмүс тиистэрэ бу көстөн ааһаллар.
    П. Ойуунускай
  • Преһинэн виноград уутун, олива арыытын ыгаллара, ырыынакка ыарахан корзиналары сүгэн илдьэллэрэ
    КФП БАаДИ

3 аат тыл #

Сүөһү-кыыл үөскэҕэ

Нууччалыы Зародыш у животного

  • Итинник уонча хонуктаах аһатыыны кулун тутар бүтэһигэр, муус устар саҥатыгар тэрийиллэр. Ол уулара улааппыт буос биэлэргэ көмөлөөх. ОГИ С. [Биэ] үһүс ыйыгар өссө улаатан уута -- киһи төбөтүн саҕа буолар. НПИ ССЫа. Тиҥэһэлэри тутан, имэрийэн-бигээн, -- түүлэрин-тириилэрин ыраастаан, сууйан-сотон, уулара ыарыырыттан көрөн аһатан, сириннэрин олохтоон төрөөһүннэригэр бэлэмниибин. Биэс т

4 аат тыл #

Үрүҥ көмүскэ алтан булкааһыга

Нууччалыы Примесь меди к чистому серебру

  • Уута суох көмүс
    ПЭК СЯЯ

5 этии #

Нууччалыы Так говорит человек с тяжелой судьбой, оставшийся без заступника (букв. заступник мой - только слёзы моих глаз, защитник мой - только слёзы моих глазных орбит). [Маайа:] Харыһыттарарым эрэ хараҕым уута, көмүскэтэрим эрэ көмүскэм уута (ытамньыйар)

Этиилэр

Аһыы уу көр аһыы III

  • Ылдьаалаахха онон эмиэ Ыалдьыт дьоннор мустаннар, Атах эти алдьатан Аһыы ууну амсайан, Алыс үөрэн, айманан, Албаан-чалбаан бааттара.
    Күннүк Уурастыырап
  • "Хата, ыл, доҕоор -- Санаабын аралдьытыс, Самантан аһас", - дии-дии, Аһыннарбыт муҥнаах Аһыы уутуттан Кудулу-бадылы Куппахтыы олордо.
    Р. Баҕатаайыскай

Атыйахтаах уу курдук аймаа көр атыйах

  • Бу дойдуну кута курдук Күөгэлдьиччи тэбистилэр, Атыйахтаах уу курдук Аймыы үктүөтүлэр. Ньургун Боотур. Орто аан ийэ дойдуну -- атыйахтаах уу курдук аймыы тэбистилэр.
    Саха фольк

Буур кэспит уутун испиккэ дылы көр буур II

Буур харбаабыт уута - буур кэспит уутун испиккэ дылы диэн курдук (көр буур II). Па, миин диэн биэртэ - буур харбаабыт уута. "ХС". Икки ардыларынан (ардыларыгар) уу тохтубат (тэстибэт) көр икки I. Бастаан бэрэссэдээтэллиин икки ардыларынан уу тэстибэт этэ. Далан. Оттон киэһэ буоллар эрэ ханна эрэ сүтэн хаалаллар, холуочуйан икки ардыларынан уу тохтубат буолан кэлэллэр. П. Аввакумов. Көмүскэтэрим эрэ көмүскэм уута, харыһыттарарым эрэ хараҕым уута - ким да көмүскүүрэ, харыһыйара суох киһи эрэйдээх дьылҕатын туһунан этии А. Софронов. Көмүскэтэрим эрэ көмүскэм уута, харыһыттарарым эрэ хараҕым уута буолта эчи абатын!... Кэбис, түксү, олоруҥ бэйэҕит, мин түксү, түксүлээтим. Суорун Омоллоон. Мас атахтаах уу - үрэҕи икки хара тыатынан киэптээн кэлэр сааскы халаан уута.

Весеннее половодье, когда водой заливаются прибрежные деревья. 1979 с.

  • сайыны өйдөөн кэлэбин. Быйылгыга да тиийбэтэр, ардах балачча түһэн, сир тот тоҥмута. Ол түмүгэр 1980 с. сааһыгар мас атахтаах уу кэлэн, Ытык Күөлү иэдэппитэ дии. "Саха с. ". Уу сутун ардах аҕалар, оттон мас атахтаах ууну – сааскы халаан уута. "Саха с. ".

Өлбөт мэҥэ уута көр өл I

  • Олоҥхолорго этиллэр өлбөт мэҥэ уута баар буоллар, кус эрэйдээҕи тириэрэн, атаҕар кыһыл кыччааһыны баайан баран, көтүтүллүө этэ.
    Т. Сметанин
  • Кырдьан, мөлтөөн бардаххына, Ыалдьар, сүтэр буоллаххына, Төрүт буоруҥ отун сыллыаҥ - Өлбөт мэҥэ уута гыныаҥ. Доҕордоһуу т.

Сылбай уу көр сылбай

  • Үлэ дьоно сылбай ууларын утуйа сыттахтара.
    П. Аввакумов
  • Киһи балаакка тардынан утуйара, оттон ыт иччитин сылбай уутун араҥаччылаан, кыра да тыастан-уустан сэрэҥкэдийэн, хоруйа-хоруйа үрэн маргыйара.
    ХС

Сыҥааҕын уута сүүрэр көр сыҥаах

Манна диэн эттэххэ, бүлүүһэни көрөн мин сыҥааҕым уута сүүрдэ. Софр. Данилов. Сүөдэр балыгы сиэбэтэҕэ өр буолан, көрөөт, сыҥааҕын уута сүүрэр. Н. Якутскай. уунан саба ыстарбыттыы (саба ыстарбыт курдук) – туох эмэ күүтүллүбэтэхтэн соһуйбут-өмүрбүт курдук (буол, тутун-хабын).

От неожиданности прийти в замешательство, смятение, будто холодной водой окатить.

  • Мөрүөн Ыстаарыһын уунан саба ыстарбыт курдук буола түстэ.
    Д. Таас
  • Муоча кинини [солко ырбаахылаах Биэрэни] көрөөт, тымныы уунан саба ыстарбыттыы, дьигиһийэ түстэ.
    НС ОК

Уйатыгар уу киирдэ көр уйа

  • . Дьахтар киһи итинник бэйэтин кыатаммат буолбутуттан оҕонньордоох эмээхсин уйаларыгар уу киирбитэ, түүн утуйбат, күнүс аһаабат буолбуттара.
    В. Яковлев
  • Уолаттар куттанан, уйаларыгар уу киирбит: сорохторо уҥкучахха түстэ, сорохторо сыгынньаҕын оһох кэннигэр түстүлэр.
    Н. Түгүнүүрэп

Ураҕаһынан ууну суруйбут курдук көр ураҕас

  • Ону-маны кэпсиир да, киһи ылыммат, ураҕаһынан ууну суруйбут курдук.

Устар ууну сомоҕолуур көр сомоҕолоо

Ньукуус устар ууну сомоҕолуур уус тыллаах ахан киһи. В. Протодьяконов. Устар ууну сомоҕолуур араатар. Д. Таас. Уу алҕастаах түөлбэ. Барарга өрүс, үрэх эбэтэр күөл туорааһыннаах (сир).

С водными преградами, с переправами (путь, дорога); местность, на которую можно попасть, преодолев водное пространство.

  • Сайын сылдьарга уу алҕастаах сиргэ олорор эрэйдээх.
    СГФ СКТ

Уу арыгыһыт көр арыгыһыт

  • Уу арыгыһыт буолан хаалаахтаабыт.

Уу билик (ньалык) буол көр билик или ньалык

Биирдэ тыал түспүтүгэр табаларбын күлүк сиргэ үүрэн, дэлби сылайан, уу билик буолан кэлэн, балааккабар киирээт, оһохпун оттубакка -- утуйан хаалбыт этим. Г. Колесов. Кинилэр сүүрүү түмүгүн билэ охсоору, аттарын уу билик буолуохтарыгар диэри үүрэн-түрүйэн аҕалбыттар этэ. "ХС". Ууга тааһы бырахпыт курдук (сүт) - туох да сураҕа суох (сүт).

соотв. Как будто в воду канул (букв. как камень, брошенный в воду).

  • Соҕуруу үөрэххэ барбыт аатырбыта да, ууга тааһы бырахпыт курдук сүппүтэ. НАГ ЯРФС II. Ууга түстэххэ ороспот сыганныылар элэк., сэмэ - тус-туспа сиргэ үөскээбит буоланнар, бэйэ бэйэлэрин билсиспэт уруулуулар (уруулуу эрээрилэр аймахтыыларын билбэт дьону элэктээн эбэтэр сэмэлээн этии). Братья, которые не подозревают, что они родственники (букв. они такие двоюродные братья [по матери], что один другого, утопающего, и то не стал бы спасать). (В старину якуты имели обычай выдавать замуж своих дочерей в дальние улусы, считая грехом выдавать в ближние улусы и наслеги. Естественно, что дети родных сестер не узнавали друг друга, а случайно встретившись, относились друг к другу, как посторонние люди). Ууга уймаммат, илиигэ иҥнибэт (киһи) - сотору-сотору күлүгээнниир, сотору-сотору бэрээдэги куруубайдык кэһэр (киһи). Часто бесчинствующий, занимающийся хулиганством (человек). Ол сахха олус үчүгэй оҕо үһү. Онтон ууга уймаммат, илиигэ иҥнибэт күлэр күлүгээн, иһээччи буолан барбыт.
    Э. Соколов
  • Ууга уһун - букатын эстэн-дьадайан хаал, туга да суох буол. Вконец разориться. Эрэйдээхтэр баһаар кэнниттэн ууга устан хаалбыттар.

Уу да ылбат, уот да сиэбэт көр уот

Кини Аҕа дойду Улуу сэриитигэр биир бастакынан барбыта уонна 1946 сыллаахха этэҥҥэ эргиллэн кэлбитэ. Сахалыы эттэххэ, уу да ылбат, уот да сиэбэт киһитэ эбит. "Уу" диэбитэ - хаар, "хаар" диэбитэ - уу сөбүлээб. - сымыйанан ону-маны кэпсии сылдар киһи, сымыйаччы.

Любитель сочинять, выдумывать, враль, лгун (букв. то, что он сказал "вода" - снег, то, что он сказал "снег" - вода). "Уу" диэбитэ - хаар, "хаар" диэбитэ - уу, быстар сымыйаччы.

  • Ким билэр, ити "уу" диэбитэ - хаар, "хаар" диэбитэ - уу соҕус киһи буолуо.
    Суорун Омоллоон

Уу долгураҥ олох көр долгураҥ

Дьонум уу долгураҥ олохторо үөдэн-таһаан ыһыллыбыта. "ХС". Кудаҥса үүт тураан, уу долгураҥ олоххо олорууну ууратан, охсуһар илбиһин -- билиҥҥи биһиги көҥүл кэммитиниин ситимниир. ФЕВ УТУ. Уу дугуй сүһүөхтээх - олус чэпчэки, сиргэ үктэнэр-үктэммэт курдук хаамыылаах.

Имеющий воздушно-легкую походку.

  • Ону баара [Бодойбо көмүһүн] улаан ньуурдаах, Уус-уран санаалаах, Уу дугуй сүһүөхтээх Урааҥхай киһи Уһуннарбакка булла.
    Өксөкүлээх Өлөксөй
  • Мин бу орто туруу дьаҕыл дойду бар дьонун олоҕун тупсараары, уу дугуй сүһүөхтээх урааҥхай саханы үөһээ үөтүүлээх халлаан өлүүтүттэн быыһаары гыммытым сэттээх-сэмэлээх буолуо дии?!!
    П. Ойуунускай

Уу дьоруо көр дьоруо

Кинээс киэн туттар уу дьоруо ата эмискэ дьиктитийбит -- иннинэн да, кэннинэн да барбакка, чугуруҥнуу-чугуруҥнуу турар үһү. И. Гоголев. Уу дьоруо ат, түөрт атаҕын үрдүгэр үҥкүүлээн, күөх хонууга эргичийбэхтээн ылла. А. Сыромятникова. Уу дьоруонан - киһини сахсыйбакка, сымнаҕастык, уу долгунун курдук долгулдьутан (айаннаа - ат туһунан).

Лёгкой иноходью (бегать - о лошади).

  • Атын миинэн баран, тыаны быыһынан уу дьоруонан дайбатан бара турбут. МНН. Охсор улаан туйахтарын Олбу-сулбу тардыталаан. Оҕонньору долгуппакка, Уу дьуоранан ууран истэ.
    Күннүк Уурастыырап

Уу испит сылгы курдук көр ис II

  • Уҥуоҕа уу испит сылгы курдук, халыр босхо баран хаалла.
    Суорун Омоллоон
  • Оҕонньор, уу испит сылгы курдук, уҥуоҕа босхо барда, ойон кэлэн Коляны окумалыттан харбаата.
    Болот Боотур

Уу иһэ-иһэ хайгыыр көр ис II

Ол Тукулаана дьонугар сылдьан баран, аҕата, тордоҕор Тукулаана кыыс үчүгэй көрүҥнээҕин, майгыннааҕын уу иһэ-иһэ быһа хайгаан тахсара. В. Протодьяконов. Түспүт ыалларыгар массыыналарын уу иһэ-иһэ хайгыыллара. "ХС". Уу кырбас оҕолор - кыра, улаата илик сыры-сыллата оҕолор.

Маленькие, малолетние дети-погодки.

  • Уу кырбас оҕолордоох уолу үс ый үлэҕэ үүрэн эрэр эбиккин диэн, үлтү күргүйдээн баран, сурдьун улууска муус ураҕаһынан утаарбыта.
    Болот Боотур
  • Ити сылларга төрөөбүт уу кырбас оҕолор илиитин-атаҕын баайаллар.
    ХС
Өссө холобурдар (3)
  • Уу кыһыл оҕо - сабыс-саҥа эбэтэр, букатын соторутааҕыта төрөөбүт оҕо. Только что или недавно родившийся, новорождённый младенец. Сатаан бардаҕына уу кыһыл оҕолорун ааһан, эт туруйан баран өлөллөр.
    Н. Түгүнүүрэп
  • Таанньабыт чугаһаабыт быһыылаах: уу кыһыл оҕо таҥаһа кырыы-кырыытынан ыйаммыт.
    ХС
  • Уунан ыытар кэпс. - иһэ ыалдьан сотору-сотору үөһүрэр, убаҕаһынан саахтыыр. Часто и жидко испражняться, страдать поносом. Иһэ ыалдьан уунан ыыта сылдьар. НАГ ЯРФС II. Ууну омурдар - саҥарбат буолан хаалар. Лишаться дара речи. Оттон үөрэнэн бүтэрэн баран ханна үлэлээһин, дьоно-аймахтара тугу үлэлииллэрин, хайдах гыннахха киһи куоракка хаалыан сөбүн эҥин туһунан кэпсэтиигэ кинилэр ууну омурдаллара, тылларыттан маталлара.
    ХС

Ууну омурдубут курдук көр омурт I

[Маайа:] Саатар эрим киһи курдук саҥалаах-иҥэлээх киһи буоллаҕа дуу, мэлдьи ууну омурпут киһи курдук сылдьара эрэ баар. А. Софронов. Ууну охсон баҕаны куттаама - ол-бу кыранан, солуута суоҕунан куттаама.

Не вздумай пугать пустяками (букв. хлеща по воде, не пугай лягушку).

  • [Миша:] Көрүөхпүт. Ууну охсон баҕаны куттаама.
    ХС
  • Ууну охсоҥҥун баҕаны куттууруҥ курдук буолуо суоҕа.
    ХС
Өссө холобурдар (3)
  • Ууну суруйар кэпс. - 1) таах мээнэни кэпсиир, кураанаҕы эрдэр; сымыйалыыр. Говорить чепуху; лгать. Киһи сатаан кэпсэппэт киһитэ, наар ууну суруйан тахсар. ЯРФС II. [Кытыан:] Эн "кырдьыгыҥ" кыайар буоллаҕына, мин соҕотох ынахпыттан - баһырҕастаах атахтаах саадьаҕай кулун төрүөҕэ… халтайга ууну суруйума! Уу арыы үрдүгэр хаһан да дагдайыа суоҕа! Күннүк Уурастыырап; 2) туһата суоҕунан дьарыктанар. Заниматься чем-л. бесполезным (букв. по воде пишет). Ама оччо өйүттэн тахсыбыта буолуо дуо?.. Ол да иһин сыыста дуо? Эс, ама, тугун үлүгэрэй! Урут оччо-бачча сааланна, бултаата ини. маннык ууну суруйбут курдук буолбат этэ.
    В. Яковлев
  • Ууну таһыйар - букатын сымыйаны, онно суоҕу этэр, кэпсиир. Привирать, выдумывать, рассказывать небылицы (букв. он хлещет по воде). Ээс, ол Сургулла кэпсээнэ диэн. Оччону уу таһыппыт, киһини кэлэппит киһи.
    Болот Боотур
  • Туох да туһата суох, кураанах, ууну таһыйар кэпсэтиини төрүт тулуйбат. СТБКТ.

Ууну харбатар

кими эмэ кэнэнин туһанан албыннаа.

Обманывать кого-л. в расчёте на его наивность, дурачить.

Уу ньалык буол көр ньалык

[Эмээхсин] ийэ-хара көлөһүнэ уу ньалык буолуор диэри сарт түспүт, тыынын кыайан ылбакка бопторон, өрө хаччыгынаата. Айталын. Уу ньамаан - 1) сулугур уу, амтана суох, барбатах (үксүгэр миин туһунан).

Очень невкусный, непитательный (о жидкой пище).

  • Тиихэн оҕо сааһа чуҥкук, уу ньамаан астаах, саабан курдук үрүҥ испиэскэлээх балыыһаларга ааспыта.
    В. Титов
  • Остолобуойдара уу ньамаан астаах, онтукаларыгар да тииһиммэккин, килиэп суох. "Кыым"; 2) ис хоһооно аанньа өйдөммөт, солуута суох тыллаах-өстөөх. Невнятный, невразумительный. Киһитэ уу ньамаан тылынан кэпсэтэр. Саха ост. I. Ааҕааччы сэҥээриитин ылбат, уу ньамаан суруйуулар бэчээттэнэн тахсар түбэлтэлэрэ баарын сийиэскэ ахтан аһардылар. "ХС"; 3) акаарытыҥы өйө тиийбэт (киһи). Глуповатый, туповатый. Ээ дагдаа мэйии, уу ньамаан мэйии, эйигин күөрчэх курдук ытыйар улахан буолуо дуо?
    П. Ойуунускай
Өссө холобурдар (9)
  • Сахалыы нарын иэйиилээх хомуһуну толбоннурда оонньоппот, күлүмүрдэтэ дьирибинэппэт уу ньамаан өйдөөх дьоннор эһиги буоллугут.
    П. Аввакумов
  • Уу ньирэй оҕо - уу кыһыл оҕо диэн курдук (көр уу I). Биһиги төрүөх буолбут хат дьахталлар буолбатахпыт, бүгүн, бэҕэһээ төрөөбүт уоһахтаах уу ньирэй оҕолор буолбатахпыт.
    Эрилик Эристиин
  • Биһиги уу ньирэй оҕолор буолбатахпыт, син улааппыт, үлэни-хамнаһы кыайар буолбут дьоммут.
    А. Сыромятникова
  • Уу саар буол (гын) - тугу эмэ гынаргын уһат-кэҥэт, тардылын. Не торопиться делать что-л, медлить с выполнением чего-л. Бу да тутууга сарсыарда хойутаабаттара уонна күнүс уу саар буолбаттара буоллар, биир дьиэ эбии тутуллубут буолуо этэ.
    А. Сыромятникова
  • Мэхэнисээтэрдэр бириэмэни уу саар гыммакка, тэйиччи саһааннанан турар маһы өрүһүспүт курдук тиэйбитинэн бардылар. "Кыым". Уу саха - саха буолбатах буолан баран, дьиҥнээх саха курдук, сахалыы ыраастык саҥарар киһи. Человек неякутской национальности, который свободно и чисто говорит по-якутски. [Баһылай Боппуок аҕабыыт] бу дойдуга бэрт өр олорбут. Бэрт үгүс ынахтаммыт-сылгыламмыт, уу саха буолан хаалбыт, үксүн үгэнэн кэпсэтэр киһи.
    Амма Аччыгыйа
  • Табаарыс нуучча гынан баран, адьас уу саха киһи түбэстэ.
    Суорун Омоллоон
  • Уу сахалыы - дьиҥ сахалыы, туох да атын тыл булкааһа суох (саҥар, кэпсэт). Чисто по-якутски, совершенно по-якутски (говорить, беседовать). Кини -- кэргэниттэн иккиэйэх сыл аҕа эрээри, ханнык баҕарар киһини баһыйыах курдук дириҥ өйдөөх-санаалаах, уу сахалыы лоп-бааччы тыллаах-өстөөх киһи.
    Н. Лугинов
  • Күндү ыалдьыт нуучча дьоно, Ол үгэһи ытыктааннар, Түһүлгэҕэ, доҕор дьоҥҥо Уу сахалыы саҥараллар.
    С. Данилов
  • Бэс Дьарааһын айымньылара тылын-өһүн өттүнэн адьаһын уу сахалыы суруллубут буоланнар, ааҕааччы өйүгэр-санаатыгар кииримтилэр.
    ХС

Уу сирэй, угунньа харах көр угунньа

Уу судураай (киһи) - дуоспуруна суох, акаарытыҥы уонна мэниктиҥи киһи.

Несолидный, дурашливый и шаловливый человек.

  • Акаарыгын! Ураҕаска умньаммат уу судураай акаарыгын! Софр. Данилов. Уруучуканы убаастаабат, Уу судураайбыт Улдьаа мэникпит кими?
    С. Тимофеев

Уута уҥуор, бэһэ бэттэх көр бэс

Ууттан кураанах тахсар

- буруй оҥорон баран, эппиэккэ тардыллыбат, эппиэттэн куотан хаалар.

Выходить сухим из воды. Ыларов буруйдаах буолуохтаах.

  • Бастаан Ыларовы көрсөн быһаарсан көрдөххө? Дьэ саарбах. Кус курдук ууттан кураанах тахсыа - мэлдьэһиэ.
    Р. Баҕатаайыскай
  • Кырдьык, Иоганцев уорбута, алдьаппыта диэн суох. Кини, били этэргэ дылы, ууттан кураанах тахсан иһэр идэлээх эбит.
    В. Яковлев
Өссө холобурдар (19)
  • Уу тохтубат (тэстибэт) доҕордуулар –ким да кинилэри араарбат олус истиҥ, чугас доҕордуулар. Закадычные друзья. Үчүгээйэп Барахсаанаптыын уу тэстибэт доҕордуулар.
    С. Ефремов
  • Бултуу барбыт уолаттар иккиэн уу тохтубат доҕордуулар.
    ХС
  • Уутун тарҕат - кыһын уулаан тоҥмут аты сүүрдэн итит. Прогреть коня после водопоя зимою (т. е. проехать на нём быстро некоторое расстояние). Ат уутун тарҕат. ПЭК СЯЯ. Ити аата айан дьоно хоноору тэриннэхтэрэ, уулатан баран, аттарын уутун тарҕатан кэллэхтэрэ.
    В. Яковлев
  • Уу тулаайах - төрөппүтэ да, аймаҕа да суох, төгүрүк тулаайах. Круглый сирота. Уу тулаайах хаалбыт оҕону детдомҥа туттарбыттар.
    ХС
  • Уу туҥуй - үлэҕэ, олоххо уопута, үөрүйэҕэ суох эдэр киһи. Молодой человек, не имеющий опыта в жизни, работе. Уу туҥуй оҕокком, очурга оҕустаран, охтон сытар.
    Амма Аччыгыйа
  • "Биһиги бары саҥардыыҥҥа диэри уу туҥуй оҕолор, олох ынырык өттүн билбэт этибит", - диэтэ Николай.
    А. Сыромятникова
  • Уу тэстибэт гына (уу тэстибэтинэн) - 1) киһи тугу да тутуспат гына, барытын сааһылаан, уурбут-туппут курдук, киһи өйдүүр гына (эт, кэпсээ). Ладно, складно, логично (говорить, рассказыать). Бардасов уһун соҕустук дакылааттаан, кини киһи этиэҕин барытын үүйэ-хаайа этэн, уу тэстибэт гына кэпсээн бүтэрээт, тохтуу биэрэн кырапыынтан кырыылаах ыстакааҥҥа уу куттан истэ.
    В. Яковлев
  • Һы, бу барахсан уу тэстибэт гына этэн ньылбырыттаҕа бэрдин! "ХС"; 2) сүрдээх кичэллээхтик, лып-лап курдук (тугу эрэ оҥор, тут). Очень аккуратно, точно (делать, строить и т. д.). Оронноро уу тэстибэт гына ыпсарыллыбыт, устуруустаммыт.
    А. Данилов
  • Уу уллуҥах түөлбэ. - биир сиргэ тулуйан-тэһийэн олорбот киһи, бар да бар буолар, бэйдиэ сылдьар киһи. Человек, ведущий непоседливый образ жизни. Дьөгүөрү таба туппаккын - уу уллуҥах буоллаҕа дии. Уу хараҕынан көрдө - сымыйа буолбатах, чахчы бэйэтин хараҕынан көрдө. Видеть собственными глазами. Бэҕэһээҥҥэ диэри баар этэ дии, уу харахпынан көрбүтүм. НАГ ЯРФС II. Кинилэр ханна ханнык сидьиҥ быһыыны оҥорбуттарын уу харахпынан көрбүппүн суруйабын.
    И. Никифоров
  • Уу харахтаах фольк. - олоҥхоҕо, тылынан уус-уран айымньыга киһини ойуулаан этии. В героическом эпосе-олонхо, устном народном творчестве: эпитет человека (букв. с водяными глазами). Оҕонньоро киниэхэ, төрдө-ууһа суох Тоҥ Уус кыыһыгар, суон дугда, халыҥ хахха этэ. Ол иһин Хаҥалас улууһугар, төрүт-төбө диэн олус аахсыллар сиригэр, кинини уу харахтаахха утары көрдөрбөтөҕө.
    Далан
  • Уу харчынан - счётунан буолбакка, ыраас харчынан, тыыннаах харчынан (төлөс, ааҕыс). Наличными деньгами, живыми деньгами (рассчитываться). Эдьиэй, билигин уу харчынан ууран биэрэр кыаҕым суох.
    И. Гоголев
  • Бастаан уу харчынан төһө киирбитин билиэҕиҥ.
    В. Протодьяконов
  • Уруккуттан кэпсэтии быһыытынан тутааччылар биэстии мөһөөх уу харчынан уурдаран ылаллар.
    В. Миронов
  • Уу хаһа - ыраас хаһа. Чистый, натуральный брюшной жир лошади. Улаан сылгы уу хаһата Утахтанан олус уойбут. Эллэй. Оннооҕор сылгы уу хаһата былчархайдаах диэбиккэ дылы, биһиги киһибит олоххо биир ньылбы тирэнэрдээх - ол арыгы.
    Э. Соколов
  • Улуу сылгы Уу хаһатын Олох оҥостон. УуУЛ. Уу чаккырас (чоккурас) буол - бүтүннүү уу буолуоххар диэри тирит; бүтүннүү уу буол. Сильно взмокнуть, покрыться потом; стать совершенно мокрым, промокнуть до нитки. Уу чаккырас буола тириппит тот атын тохтотто.
    А. Сыромятникова
  • Кыыс ойуур иһигэр уу чоккурас буолан баран, аҕылыы турар ыҥыыр аты дьэ өйдөөн көрдө.
    С. Никифоров
  • "Хаарыаннаах булпут куоттаҕа ити!" - дии-дии Оппоос уу чаккырас буолбут таҥаһын устан ыгынна.
    ХС
  • Уу чуумпу - кыра да тыала суох чуумпу, саҥа-иҥэ, тыас уус иһиллибэт чуумпу. Мёртвая тишина (букв. тихо как у воды). Уу чуумпуга иһиллээн олордулар.
    Амма Аччыгыйа
  • Долгун хаптайыыта эмиэ уу чуумпу буолла. Сунтаар. Уу ылбытын курдук - туох да суох, кубус-кураанах. Ничего нет, совершенно пусто (букв. будто водой скрыло). Урут манна өтөхтөр, хотоннор дьардьамалара баара.

Билигин ол да суох

уу ылбытын курдук. Үрдэ үүс бэргэһэ, анна адьыр уу - көстөр дьүһүнэ мааны буолан баран, майгыта-сигилитэ түктэри, сидьиҥ.

Красивая и хорошо одетая женщина с плохой нравственностью (букв. сверху рысья шапка, снизу грязная вода).

  • – Киэбир, чолоҥноо, эн да үрдүҥ үүс бэргэһэ, анныҥ адьыр уу ини, - Бүөтүр Уйбаанабыс, хойохтоох санаата хойдон, харыс үрдээбиккэ дылы буолла. Кустук.

Хараҕын уута саба биэрдэ (сарт түстэ) көр харах

  • "Аны бу мин үөскээбит алааһым сааскы салгынынан хаһан кэлэн тыыныамый, хаһан манна бу курдук кустуомуй…" – дии саныырбын кытта, хараҕым уута саба биэрдэ.
    Суорун Омоллоон
  • Оҕонньор, санаатыгар, сыарҕаҕа туох эмэ тиэллибитэ буолаарай диэн, оччойо сатаата да, хараҕын уута сарт түһэн, тугу да көрдөрбөтө.
    Болот Боотур

Хараҕын уутугар тумнар көр харах

  • Эн аҕалаах, ийэлээх эбитиҥ буолуо, санаан көр: соҕотох кырдьаҕас аҕабын хараҕын уутугар тумнаран, быраҕан кээһэрбин ыарыргыыбын.
    Суорун Омоллоон

Хараҕын уутунан суунар көр харах

  • Уол муҥнаах, атаҕастаммыт абатыттан хараҕын уутунан сууна-сууна, айыллан үөскээбит аар тайҕатын устун атах мээнэ барбыт. Софр. Данилов. Аны -- сэриигэ өлбүт уолун ийэ аһынан хараҕын уутунан суунара тохтоотун.
    Суорун Омоллоон

Ыаҕастаах уунан кутта (ардах, самыыр туһунан) көр ыаҕас

Икки болуотунньугу кытта ат сарайыгар тэлиэгэ үрдүгэр утуйа сыттахтарына, ардах ыаҕастаах уунан куппут. Эрилик Эристиин. Кыратык сэллиэхчэ буолан иһэн, самыыр ыаҕастаах уунан кутан курулаппытынан барда. В. Протодьяконов. Ыт ууну кэспитин курдук (ыт ууну салаабытыгар дылы) - туох да олоҕо, туһата суоҕу этэр, халлааны эрдэр киһини этэллэр.

О человеке, который говорит и действует без основания, цели и последствий (букв.

  • как собака поводе ходила / подобно тому, как собака лакала воду)

6 этии #

Нууччалыы Дождевая вода, собранная в бочках, баках и. т. д

Этиилэр

Ардах уута

ардаҕы иһиккэ хомуйан муспут уу Даачатыгар ардах уутун аҕыс буочукаҕа муспут. Дистиллированнай уу - сүүрдэн ыраастаммыт уу.

Дистиллированная вода.

  • Үгүс ааптардар этэллэринэн, уһун кэмҥэ итинник дистиллированнай ууга чугасаһар састааптаах уунан дуоһуйуу киһи этин-хаанын туругар, доруобуйатыгар сабыдыаллыыр уларыйыылары аҕалыан сөп.
    ППА БЭХКК

Ийэ уу көр ийэ

Бу үрэх ийэ уута билигин да тымныы. ù Умайар уот кураан дьылларга сорох күөллэр ийэ уулара уолан, былыыгынан көрө сытар буолаллар эбит. Багдарыын Сүлбэ. Иһэр уу - киһи иһэригэр сөптөөх, киһи иһэригэр аналлаах уу.

Питьевая вода.

  • Иһэр уу, дьиктиргэтиэн иһин, айахха да, куртахха да иҥэриллибэт, сүрүн иҥэриллэр сиринэн суон, ол иһигэр көнө оһоҕостор буолаллар. ППА БЭХКК. Минеральнай уу - айылҕаҕа (хол., дьүүктэлэргэ, сыркыларга) үөскээбит киһи доруобуйатыгар туһалаах эмтээх уу. Минеральная вода. Кавказ минеральнай ууларыгар куруорга барда.
  • Пластмассанан үүккэ, минеральнай ууга, лимонадка аналлаах бытыылкалары оҥорор ордук табыгастаах. ЮГ КХЭДьС. [Эмээхсин] туристарга пиибэ, бирээнньик уонна минеральнай ууну атыылыыра.
    И. Тургенев
Өссө холобурдар (1)
  • Намыһах ходуһа уута - саас өрүс халаанын саамай кыра таһыма, орто уонна үрдүк ходуһаҕа халыйбат уу. Самый маленький уровень весеннего паводка. Намыһах ходуһа уута бэрт намтал эрэ сирдээх ходуһалары ылар.
    ХС

Орто ходуһа уута көр орто

  • Эс, бу улахана суох, нэһииччэ орто ходуһа уута буолара дуу?

Ону баҕас биһиги билэбит,

диэтэ Матаахап уонна үгэһинэн үөннээх баҕайытык сонньуйан ылла.

  • "ХС".

Сатана хараҕын уута

үрүҥ көмүс дьүһүннээх, киһи туттаҕына куота сылдьар, ууллаҕас металл, уртуут.

Ртуть (букв. слёза сатаны. – Железо, медь, серебро якуты считают за слёзы невидимых существ - абаасы).

  • Дьааҥы хайаларыгар сатана хараҕын уута көстүбүт үһү.

Сүөгэй уута көр сүөгэй

  • Тымныы сүөгэй уутун сөбүлээн иһэллэр. "Кыым".

Сүһүөҕүн уутун супту обор көр сүһүөх I

  • Баайдар дьадаҥылары сүһүөхтэрин уутун супту обороллоро.
    ХС

Сүһүөх уута

сүһүөх хамсыырыгар туһалаах симэһин, убаҕас.

Суставная влага, сок суставов.

  • Сүһүөҕүҥ уута куурдаҕына, хаамаргар эрэйдэнэҕин. ù Бүүкээнниир Ыаһах тугу булбутун барытын Алаа Моҥус аас-туор айаҕар таптайар, сулбут сүһүөҕүн уутун сүтэрбэккэ, кини мэҥиэ бэлэһигэр биэрэ турар эбит.
    Саха фольк

Сыҥаах уута

киһи-сүөһү айаҕын иһигэр мунньустар ас буһарар симэһин.

Тягучая жидкость, выделяемая в полости рта человека и животного, слюна. Уу аала эргэр.

  • Уунан сылдьарга аналлаах оҥочоттон улахан уу сэбэ (үксүгэр борохуоту, хараабылы этэллэр). Любое плавательное судно, большее чем лодка (преимущественно о пароходе, корабле). Уолусхан айаннаах уу аала, Таҥнары устаҥҥын дагдаһый, – Үөрэхтээх үйэбит албаһа, Өлүөнэ күүһүнүүн хатыһый!
    Күннүк Уурастыырап
  • Ыраас сааскы салгын хоту ыраах гудуок хаһыырар, Ол Ленаҕа соҕуруу, хоту Уу ааллара ааттаналлар.
    С. Руфов
Өссө холобурдар (1)
  • Уу баһар массыына - ууну баһан аҕалар массыына. Водовоз (автомобиль). Уу баһар массыына биир-икки күн туран хааллаҕына, отделение үлэтигэр улахан охсуу таһаарыллар. ПТК. Манна улахан тэрилтэлэргэ уу баһар массыына элбэх эрээри, ол тэрилтэлэр салайааччылара сопхуос отделениетыгар көмөлөһөр туһунан өйдөрүгэр да оҕустаран көрбөттөр. "Кыым". Уу былахыта зоол. – тоноҕоһо суохтарга киирсэр, ууга үөскүүр кып-кыра кыһыллыҥы харамай. Водяная блоха. Биир сайын эмиэ уу былахыта бэркэ моһуоктаабытыгар хоппуруон чулку атыылаһан кэппитэ. Ол хоппуруону уу былахытын тииһэ хоппот эбит этэ. ВМП УСС. Кып-кыракый кыһыллыҥы этэҕэлэр бокуойа суох анньыалаһа-үтүөлэһэ сылдьаллар, кинилэри уу былахыта диэн ааттыыллар. АВ СҮү.

Уу дьулай

дьулай оройо.

Центр темени.

  • Киһи иккитэ тыыллан мөхсөн баран, туос хабарҕатыттан ылан, уу дьулайынан аҕалан, тааска сырбатан кууһуннарар.
    Суорун Омоллоон
  • Ити икки ардыгар Александр имигэс баҕайытык бэстилиэтинэн ылан, Петяҕа уу дьулайга тирээтэ.
    М. Доҕордуурап

Уу иччитэ көр иччи

  • Уу иччитин санаатын таптаххына киһиэхэ элбэх балыгы тэбэн биэриэн сөп. Ол иһин уокка ас бэрсэн киниттэн көрдөһөллөрө.

Уу көҕөччөр

сылгы өҥүн арааһа: сырдык көҕөччөр дьүһүннээх.

О масти лошади: светло-сивый.

  • Уйбаанчык үүрбүтүгэр үөр сылгы иннигэр испит маҥан уонна уу көҕөччөр биэлэр туора өҕүллэн, алаас арҕаа өттүн диэки салаланнылар.
    В. Протодьяконов
  • Арай, айан суолунан биир уу көҕөччөр аттаах киһи тэбилиннэрэ турда.
    А. Сыромятникова

Уу көтөрө көр көтөр

Чаҕыл оҕо сааһын ол умнуллубат кэрэ кэмнэриттэн саас уу көтөрө маҥнай кэлиитин саҕана эһэтиниин Нэлээримэ кытыытыгар куска хоноллорун ордук үчүгэйдик саныыр. С. Никифоров. Кэнники бириэмэҕэ сорох булчуттар уу көтөрдөрүн (куһу уонна хааһы) ытынан бултуур буолан эрэллэр. АФС БЫ. Уу күөгэйэ - 1) чөкчөҥө арааһа.

Разновидность куликов.

  • Кутан туруйа уонна Кураҕаччы, Оннооҕор Уу күөгэйэ кытта үөрэн, Куоластыырга эттилэр быһаччы.
    Болот Боотур
  • Уу күөгэйиттэн кутан туруйаҕа, бытаһыттан сырҕан эһэҕэ тиийэ - бары биис көтөр-сүүрэр, бу сискэ-тыаҕа, үрүйэҕэ-харыйаҕа төрөөн-сымыыттаан, оҕолонон, саһан-бүгэн сырыттахтара ахан. Болот Боотур; 2) түөлбэ. саҥардыыҥҥыта төрөөбүт ньулдьаҕай кыһыл оҕо. Недавно родившийся, ещё не окрепший ребёнок. - Оо, дьэ… саллар сааспар хааман сири хороппотох хотуммун, ол айыыбар бу үлүгэр иэдэйдим. - Үчүгэй аҕай, уу күөгэйэ эбиккин! - диэтэ Аана. М. Доҕордуурап; 3) түөлбэ. балык кырата, дьыраах. Молодь карася и гольяна. Тууга уу күөгэйэ бөҕө киирбит. Уу кымньыта түөлбэ. - наһаа көтөх собо. Очень тощий карась. Олус көтөх собону хаһан да сыаналаабаттар, ол иһин уу кымньыыта диэн ааттаабыттар. "Кыым".

Уу кыыһа

тэмэлдьигэн күөл кытыытыгар баар ууга улаатар ыамата.

Личинка стрекозы, растущая в воде на берегу озера.

  • Сөтүөлүү сылдьан, күөл кытыытыгар уу кыыһын элбэхтик көрөр буоларбыт.

Уу нуһараҥ көр нуһараҥ

  • Ханна эрэ ырыых-ыраах уу нуһараҥ олох дьаалатынан доллойон эрдэҕэ.
    Н. Лугинов
  • Киириилээх-тахсыылаах сир киһитэ эбит, эн бу уу нуһараҥ олоххун иһигэр киллэриэ биллибэт.
    ХС

Уу нуурал

туох да аймалҕана суох, чуумпу, наҕыл.

Исполненный покоя, тихий, безмятежный. Бу уу нууралы таптааннар, Мэниктээбэт буолтар бэл чычып-чааптар. М. Тимофеев.

  • Дэлэҕэ даҕаны бар-дьон киэһэ аайы бэйэ бэйэлэригэр ууну ханар уу нуурал чуумпу түүнү баҕарсыахтара дуо? ФВС К. Уу оҕуһа 1. көр оҕус II. Урут сөтүөлүү сылдьаннар уу оҕуһун икки муоһун булбуттара, онон үс муостаннахпыт диэн сүрдээхтик үөрэн айманнылар. Дьүөгэ Ааныстыырап. Арай уу оҕуһун ураа-лаҥкыр муоһа Сытыы өргөһө сынтарыйыаҕын кэриэтэ Сылтан сыл ордук уһуктанарга дылы.
    В. Миронов
  • 2. түөлбэ. Аҥыр.

Уот курааҥҥа

үстэ, от-мас үүммэт сайыныгар – түөртэ, өҥ дьыл – биэстэ, уу сукка алтата сааскы аҥыр (уу оҕуһа) мөҥүрүүр.

  • "Чолбон". Сахаларга "уу оҕуһун" өйдөбүлэ киэҥ тарҕаныылаах. Аҥыр саҥатын сахалар уу оҕуһа мөҥүрүүр дииллэр. ЕВФ УуДК.

Уу субай хаан

сүөһү өһөҕө суох ып-ыраас хаана.

Чистая, без кровяных сгустков скотская кровь.

Уу сут

уһун, элбэх ардах түһэн от (үүнээйи) кыайан үүммэккэ, сүөһү аччыктааһына, өлүүтэ-сүтүүтэ.

Бескормица, голод и подеж скота вследствие неурожая на траву (сено) из-за чрезмерно больших и длительных дождей.

  • Хаһан эрэ халыҥ хаар дьыл төрөөбүтэ үһү, ол дьыл сайыныгар уу сут буолбут.
    И. Гоголев
  • Сахалар уу сута курааннааҕар өссө содуллаах, "айылҕа биэрбититтэн, көрө матаҕыҥ", – диэн мээнэҕэ эппэттэр эбит.
    И. Пахомов
Өссө холобурдар (1)
  • Мин билэрбинэн, Саха сиригэр сут икки көрүҥэ баар: кураан сут уонна уу сут. "Кыым".

Уу сымса

киһи, сүөһү, кыыл быттыга.

Пах, пазуха человека, скотины, зверя.

  • Күнүм тулунна, Күһэҥэм быһынна, Эн хааллыҥ, мин - бардым… Эчикийэ, иһим түгэҕэ аҕай… Икки уу сымсым аҕай.
    П. Ойуунускай
  • – Биир уолга ийэ тайах икки оҕотунаан тахсан биэрбитин, аһартыы-аһартыы, эҥил баска ытыалаан охтортообут этэ. – Эбэтэр уу сымсыгар, – диир Пуд Ильич.
    Далан
Өссө холобурдар (2)
  • Уу сэбэ кэпс. – уунан устарга аналлаах борохуоттан кыра оҥоһук уопсай аата. Общее название любого плавательного средства, меньшего чем пароход, корабль. Бастаан биһиги уолуйаммыт туран хааллыбыт, онтон дьэ өйбүтүн-төйбүтүн буламмыт, онно-манна сырсыаккалаһан, уу сэбин буламмыт, үрэх үөһүгэр киирэн таҥнары устан даллаһыйан эрэр Александр муҥнааҕы тыылары-майыардары соһон таһаардыбыт.
    Р. Кулаковскай
  • Ууттан тэйитии –улаатан эрэр оҕолор оонньуулара: хаптаҕай тааһы эбэтэр хаппыт чараас буору ууну кырсынан сырыынньа быраҕан тэйитэллэр. Биир быраҕыыга үгүстүк тэйиппит оҕо кыайар. Игра подростков: бросают плоский камень или твёрдую тонкую глину по поверхности воды (озера, речки) так, чтобы камень отскакивал по поверхности воды как можно больше. Побеждает тот, у которого камень отскакивал больше всех. Оҕо сылдьан ууттан тэйитиини оонньоон ахан биэрэрбит.

Уу хааһы көр хааһы

  • [Доҕоруҥ] арай саамай быстарбыт кэмҥэр, уу хааһы эрэ аһылыктаах дуу, "тыл куһуоктаах" эрэ чэй иһэр кэмҥэр дуу кэллин? Дьэ, саат дии.
    В. Яковлев

Уу харчынан

ыраас харчынан, дьиҥнээх баар харчынан.

Живыми деньгами, наличными деньгами.

  • Эдьиэй, билигин уу харчынан ууран биэрэр кыаҕым суох!
    И. Гоголев
  • Бастаан уу харчынан төһө киирбитин билиэҕиҥ.
    В. Протодьяконов
Өссө холобурдар (1)
  • Уруккуттан кэпсэтии быһыытынан, тутааччылар биэстии мөһөөх уу харчынан уурдаран ылаллар.
    В. Миронов

Уу хаһа

туох да булкааһа суох ыраас хаһа.

Чистый, натуральный брюшной жир лошади.

  • Улаан сылгы уу хаһата Утахтанан, олус уойбут. Эллэй. Улуу сылгы Уу хаһатын Олбох оҥостон. УуУЛ.

Уу хонор көр хон

  • Элбэх от үүнэр алаастарын намыһах, уу хонор өттө эрэ оттоммута.
    ХС
  • Өйдөөн көрбүтэ, уу хонон от үүммэккэ хаалбыт куоһааҕар, кып-кыракый -- куобахчааннар суулаһыахтарынан суулаһан баран, кутталларыттан ибигирэһэ сыталлар эбит.
    ХС

Уу ылбыт

туох эбит уунан бүрүллүбүтүн эбэтэр уу ортотугар буолан хаалбытын туһунан этэллэр.

О площади (территории), сплошь залитой водой. Нуо, ол туохтан куттаннылар, кинилэри уу ылла дуу, уот сиэтэ дуу? Н. Заболоцкай.

  • Уу ылбыт дуу, уот алдьаппыт дуу, ити туһунан саныы да барбаттар.
    Эрилик Эристиин
  • "Молоҕоойу күөлэ" сүүһүнэн гектардаах хочотун уу ылан, килэйэр халлаан.
    ХС
Өссө холобурдар (1)
  • Үрдүк ходуһа уута - саас өрүс халаанын муҥутуур үрдүк таһыма, ходуһаны барытын ылар. Самый высокий уровень весеннего паводка, при котором заливаются все покосные угодья. Үрдүк ходуһа уута ходуһаны бүтүннүүтүн ньимиччи ылар. Маннык дьылга кыайан оттоммот от үүнэр.
    ХС

Халаан уута

саас муус барарыгар өрүс, үрэх уута хаатын таһынан кэлиитэ, угуттааһына.

Разлив реки весной при вскрытии ото льда, половодье, паводок.

  • Сааскы халаан уута улуу өрүс сүнньүнэн халҕаһалыы тоҕо анньарын курдук.
    П. Ойуунускай
  • Сааскы халаан уута таас үрэҕи хайытан эрэрин курдук куугунуур.
    Эрилик Эристиин

Харах уута көр харах

  • Оҕонньор хараҕын уутун туора сотунна.
    Амма Аччыгыйа
  • Лаҕыра киртийбит хара былаатын уһугунан хараҕын уутун сотто олордо.
    Күндэ
Өссө холобурдар (1)
  • Өлөөнө хараҕын уута уолун баттаҕар таммалыыр. Н. Якутскай
II

7 аат тыл #

Айылҕа сокуонун быһыытынан эт-хаан кэмиттэн кэмигэр хатыланар сынньалаҥ туругар киириитэ. Ол кэмҥэ хараҕыҥ сабыллар, өй-санаа, ис уорганнарыҥ үлэлэрэ мөлтүүллэр, "сынньаналлар"

Нууччалыы Периодически наступающее физиологическое состояние покоя, сон

  • Хайа, табаарыс Лэглээрин, уугун уйгууртубут дуу?
    Амма Аччыгыйа
  • Утуйар уу барахсан киһи туругун сүүс бырыһыан чөлүгэр түһэрэн тупсарар улуу эмп буоллаҕа!
    П. Аввакумов
  • Сымнаҕас уутунан мин сиэним Утуйан бускутар. Чыкылыык!
    Күннүк Уурастыырап
Өссө холобурдар (1)
  • Үтүө түүҥҥэ сынньаныахпын, Үчүгэйдик утуйуохпун Хайалара мэһэйдээтэ, Хаарыан уубун аймаата.
    ЕН Ы

8 аат тыл #

Улугуран, иһийэн хаалыы (кыһыҥҥы айылҕа туһунан)

Нууччалыы Зимнее оцепенение природы

  • Туундара кыһыҥҥы уутуттан уһуктан эрэр.
    Н. Заболоцкай
  • Кыһыҥҥы уһун уутуттан уһуктубут айылҕа көҕөрө симэнэн эрэрэ.
    И. Федосеев
  • Уһун кыһыны быһа чоҥкуйа тоҥон турбут сайылыктар улугурбут ууларыттан уһуктан, саҥалыы айдаараллар.
    А. Бэрияк
Өссө холобурдар (1)
  • Сахабыт сирэ уутуттан уһуктан Саптыбыт суорҕанын тэбэннэ
    С. Васильев

9 этии #

Нууччалыы Заснуть вечным сном (букв. длинным сном (во длинном сне) уснул)

Этиилэр

Утуйар уута уу буолбата

туохтан эмэ (хол., олус долгуйан, айманан, санаарҕаан) быстах-быстах, бэрт кыратык, астыммат курдук утуйда, утуйбут курдук санаммата.

Ему и сон не в сон (напр., от сильного волнения, тревоги, скорби).

  • Сол күнтэн ыла Тамара сарыабына Утуйар уута уу буолбата, Олорор олоҕо олох буолбата, Аһыыр аһа ас буолбата.
    Өксөкүлээх Өлөксөй
  • Кыыллары эккирэтэрбэр утуйар уум уу буолбата, аһыыр аһым ас буолбата.
    Н. Заболоцкай

Утуйар уутун умнан (утуйар ууну аахсыбакка)

букатын утуйбакка да эрэ, эбэтэр бэрт кыратык утуйан (тугу эмэ гын).

Забывая про сон (усердно делать что-л., напр., работать).

  • Дьон, утуйар ууларын умнан, сыламтата суох үлэлииллэрэ.
    И. Данилов
  • Үөрэҕин таһынан Михаил, утуйар уутун умнан туран, кистэлэҥ литератураны ааҕан тахсар буоллар.
    П. Филиппов
Өссө холобурдар (1)
  • Утуйар ууну аахсыбакка, Сылайдым диэн сынньаммакка Үрүлүйэн туран үлэлииллэр.
    Т. Сметанин

Утуйар уутун умунна

кыһамньылаахтык, бары күүһүн ууран туран, күнүһү-түүнү билиммэккэ үлэлээтэ.

Работать, стараясь изо всех сил, усердно (и днём и ночью). Букв. забыл про свой сон.

  • Билигин биһиэхэ ынах муоһун ааҕыы наадата суох, тэрийэр үлэ, холкуоһу баай-тот оҥоруу наада. Оҕонньор, сэрэн, угуйар уубутун умуннахпытына… сатаныахпыт.
    В. Яковлев
  • Үлэ туһугар утуйар уутун даҕаны умнубут эдэр бэрэссэдээтэли тута сөбүлээбиттэрэ, таптаабыттара.
    ХС
Өссө холобурдар (2)
  • уутуттан матта (мэлийдэ) – кыайан утуйбата, букатын утуйбата. Он не смог уснуть, он совершенно не спал. [Кэргэнэ – Дабыыкка:] Сыакаар, эмиэ Сымнаҕас Даарыйаҕын санааҥҥын утуйар уугуттан мэлийдиҥ дуо?
    У. Нуолур
  • Уорбатах түүнүгэр уутуттан матара. Чычып-ч.

Уута алдьанна

утуйар кэмигэр утуйбата, утуйбакка эрэйдэннэ.

Сон его нарушен (букв. сон его сломался).

  • Бөлүүн түүн уум алдьанан, тура хаама сырыттым.
  • Ол эрээри барытын билэ, истэ сытар, уута алдьанар.
    Н. Габышев

Уута аһынна көр уута ханна

  • Кини олус үчүгэйдик утуйдаҕа буолуо, уута астан, төбөтө дьэгдьийэн хаалбыт.
    Амма Аччыгыйа
  • Пуд Ильич уута астыбакка дьааһыйар этэ, саҥата-иҥэтэ суоҕа.
    Далан

Уута көттө

туохтан эрэ уйгууран, утуктаабат, уута кэлбэт буолан хаалла.

Сна нет ни в одном глазу (букв. сон его вылетел).

  • Дьиэбэр киһи ыарыйдаҕа… эбэтэр туохха эрэ дэҥнэннэҕэ диэн өй учууталга күлүм гынна, уута көтөн хаалла.
    Амма Аччыгыйа
  • Кыбыстан, санаабын атыҥҥа уларыта сатыыбын. Уум көтөр, эргичиҥниибин.
    Далан
Өссө холобурдар (1)
  • Мөҕүллүбүт лейтенант уйулҕата хамсаата, уута көттө.
    Ф. Софронов

Уута кэллэ

утуйуон баҕарда.

Он хочет спать, ему хочется спать, его клонит ко сну (букв. сон его пришёл).

  • Оронун оҥостон сытта да, уута букатын кэлбэтэ.
    А. Софронов
  • Настя ыраах айаныттан сылайан, уута кэлэн, утуктаан нухарыйан барар.
    Н. Якутскай
Өссө холобурдар (2)
  • Айакка, төбөтө ыараабыта, уута кэлбитэ бэрт.
    Н. Заболоцкай
  • Уута тэһиннэ кэпс. – утуй да утуй буолла, уһукта-уһукта өссө утуйуон баҕаран истэ. Ему хочется ещё и ещё поспать (т. к. давно как следует не спал). Уолбут уута тэстибит быһыылаах, уһугуннардах аайы утуйан бара турар.
    ХС

Уута ханна

уһуннук утуйан, утуктуура ааста, этэ-хаана чэбдигирэн, сынньанан уһугунна.

Проспав долго, хорошенько выспаться, отдохнуть.

  • Биһиги үссэнэн баран, уубутун хана утуйбуппут.
    ХС
  • Ньукулай уута хаматтаҕын улахаҥҥа уурбакка, ойон турда.
    ХС

Уутугар аҥаарыйан

ситэ уһуктубакка сылдьан, тугу оҥорорун, саҥарарын өйдөөбөккө.

Будучи в полусонном состоянии, не совсем проснувшись, спросонок (делать, говорить что-л.).

  • Уубар аҥаарыйан, ханна да баарбын өйдөөбөппүн.
    Н. Якутскай
  • Ууларыгар аҥаарыйан, маҥнай утаа тугу да саҥарбатылар, онтон ийэлэрэ кэлбитин дьэ билэн, эккирэһэ түстүлэр.
    И. Гоголев
Өссө холобурдар (1)
  • Уубар аҥаарыйан кимин-ханныгын ыйыппакка, ааны аһа охсобут.
    ХС

Уутугар баттатар

утуктуурун тулуйбат, кыаммат.

Его одолевает сон, его клонит ко сну.

  • Уугар баттаттаххына, табалаахтаргын сатаан сирдиэҥ суоҕа.
    Амма Аччыгыйа
  • Дьоннор, ууларыгар баттатан, утуйан хаалаллар. Сунтаар.

Уутугар өллө

утуйуон олус баҕарда.

Ему смертельно хочется спать.

  • Ааспыт олохпун толкуйдуубун, Уубар өлөммүн утуктуубун. Бэйэм арыт бэркиһиибин: Мин туох иһин поэппыный?! Дьуон Дьаҥылы.

Уутун быыһынан

ситэ уһуктубакка биитэр ситэ утуйбакка нухарыйа сытан.

Пребывая в состоянии полусна (не заснув как следует и не проснувшись как следует).

  • Мин соһуйаммын, уум быыһынан: "Хайа, доҕоор, туохтан куттанныҥ?.. Ок-сиэ киһини соһуттуҥ даҕаны!" – диэн уубун аһыйан, быһа сытыйдым.
    Амма Аччыгыйа
  • Оттон Мойот уутун быыһынан "балык суох" - диир уонна ханнык эрэ эһэ эмиэ суоҕун туһунан үлүгүнэйэр.
    Т. Сметанин
Өссө холобурдар (1)
  • Мин уум быыһынан суот туорааҕа лачыргыырын уонна кини аҕабар сонунун кэпсиирин истэр буоларым.
    КИ АДББ

Уутун кыаммат

утуктаа да утуктаа буолар, утуктуурун кыайан тохтоппот.

Жутко тянет ко сну и неволььно закрываются глаза.

  • Ол эрээри утуйума, Тоҥон хаалыаҥ! - диир саҥаны, Истэ-истэбин нусхайан, Көхсүм, хараҕым сылайан, Улам уубун кыаммаккабын, Олоро түһээт утуйабын.
    С. Данилов
  • Бу кэмҥэ бу күрүлүүр күнүстэри уутун кыаммакка, сэлээппэтиттэн мата сыспыт эристиин тура ыстанан, сэлээппэтин бэйэтэ ылан, төбөтүн бүрүннэ. Н. Габышев
III

10 #

саҥа алл. Сөҕүүнү-махтайыыны соһуйууну бэлиэтиир

Нууччалыы Выражает удивление, изумление

  • Уу-уу, ас да ас, арыгы, туох суоҕуй!
    П. Ойуунускай
  • Уу, күн барахсан уота тугун сырдыгай, сыралҕанай!
    Суорун Омоллоон
  • Уу, уон иккини ааспыт. Хайа, оттон бу эн тоҕо утуйбаккын?
    ХС

«У» буукуба