Перевод с якутского
ыаҕас
аат тыл
Нууччалыы большой берестяной сосуд (преим. для хранения жидкости, напр., молока, кумыса) без крышки, с ободочками и рукояткой из сплетённых конских волос, берестяное ведро
English bucket
1 аат тыл #
Үксүгэр убаҕас аһылыгы (хол., үүтү, кымыһы) кутарга аналлаах, таһынан хас да иилээх, кыл тутаахтаах, хаппаҕа суох улахан туос иһит (солуур быһаҕаһа биитэр биэс-уон муунта кээмэйдээх)
Нууччалыы Большой берестяной сосуд (преим. для хранения жидкости, напр., молока, кумыса) без крышки, с ободочками и рукояткой из сплетённых конских волос, берестяное ведро (вместимостью в полведра или 5-10 фунтов)
Онтуолук күөлүттэн күҥҥэ биирдии ыаҕас балыгы балыктаан иитиллэн олорор. Саха ост. I. Улахан ыаҕаска суоратынан ымдаан оҥорторон, биэ баайыллан турар түннүгүн анныгар туруортардылар. Н. Якутскай Дьаана икки саҥа туос ыаҕаска биэ үүтүн тутан ыадалытан, балаҕаҥҥа киирэн хаҥас ороҥҥо уурда В. Протодьяконов
2 этии #
Нууччалыы Лить как из ведра (о проливном дожде)
Этиилэр
Баһа ыаҕастаах уу курдук көр бас II
Миитэрэй туран маһын кэрдэн көрөөрү гыммыта, баһа ыаҕастаах уу курдук дьалкыҥнас. Амма Аччыгыйа Баһа ыаҕастаах уу курдук буолбут, бэлэһэ хам хатан хаалбыт. Н. Якутскай
Өссө холобурдар (2)
Билигин баһым бүтүннүүтэ ыаҕастаах уу курдук дьалкыҥнас буолла. Болот Боотур Икки ардыларыгар ыаҕастаах уу дьалкыйбат (дьалкыйбатынан) – икки ардыларынан (ардыларыгар) уу тохтубат (тэстибэт) диэн курдук (көр икки I). Кинилэр оҕо эрдэхтэриттэн икки ардыларыгар ыаҕастаах уу дьалкыйбат доҕордуу этилэр.
Төбөтө ыаҕастаах уу курдук дьалкыҥнас
баһа ыаҕастаах уу курдук дьалкыҥнас диэн курдук (көр бас II).
Уол тураары гыммыта, төбөтө ыаҕастаах уу курдук дьалкыҥнас.
Ыаҕастаах уунан кутта
дохсуннук, курулаччы, тохтоло суох күүскэ түстэ (ардаҕы, самыыры этэргэ) Симоннаах Үүйэ ыаҕастаах уунан кута турар дохсун ардаҕы ортотунан -- хаамсан истилэр.
Этиҥнээх ардах, миигин эккирэппит курдук саба сүүрэн тахсан, ыаҕастаах уунан кутар курдук түстэ. Т. Сметанин Ыаҕастаах уунан курулаччы кутар ардахтан сонно атахпытыттан баспытыгар диэри уула сытыйдыбыт. С. Маисов
3 этии #
Нууччалыы Берестяное ведро с орнаментом из конского волоса (для хранения кобыльего молока)
Этиилэр
Сүөгэй ыаҕас көр сүөгэй
Ампаартан сүөгэй ыаҕаһын булан киллэрдэ.
Сылгы ыаҕаһа
кыллаах ыаҕас диэн курдук.
Сылгы ыаҕаһын быата хаптаҕай, эриэн, сиэдэрэй бцолар. ГПП ТО
Ыаҕас күлүүс көр күлүүс
Күкүр Уус ыаҕас күлүүһү аала-аала ыллыыр.
Суорун ОмоллоонСомуоһуна аана ыт баһын саҕа ыаҕас күлүүһүнэн хатаммыт эбит. Күннүк Уурастыырап
Өссө холобурдар (1)
Аан боробуойугар иилиллибит ыаҕас күлүүһү мускуйан кычыгыраппытыгар, боробуой сотору тосту барда. Р. Баҕатаайыскай
Ыаҕас ытарҕа көр ытарҕа
Эбэлэрэ ыаҕас ытарҕатын кэттэ. Ср. эвенк. эгас, ээгас ‘берестяная коробка с четырехугольным широким дном и узким донышком’