Перевод с якутского
күлүүс
аат тыл
Нууччалыы ключ
English key
Ис хоһооно · 7
1 аат тыл #
Нууччалыы ключ
English key
аан күлүүһүн хайаҕаһа замочная скважинаkeyhole күлүүс тыла ключевое словоkeyword
2 аат тыл #
Тугу эмэ хатыырга аналлаах тимир оҥоһук
Нууччалыы Замок. Бу олордоҕуна эмискэ күлүүс тыаһа халыгырыы түстэ. Суорун Омоллоон. Арамааскы хаайыы күлүүһүн тылын Мироновка биэрдэ, кини күлүүһү ылаат, Александр сытар хоһун аспытынан барда. М. Доҕордуурап. Мариса сытар хаайыытын айаҕар ыстанан көрбүтэ: синньигэс соҕус дугалаах күлүүһүнэн хатаабыттар эбит. Эрилик Эристиин
3 аат тыл #
Гаайканы эрийэн киллэрэргэ, өһүлэргэ эбэтэр тугу эмэ аһарга-сабарга туттуллар тэрил
Нууччалыы Приспособление для отвинчивания или завинчивания гаек, откупоривания чего-л., гаечный ключ
Уон сэттэлээх күлүүстэ аҕал. Чаһы күлүүһэ
4 аат тыл #
Массыынаны, матасыыкылы, уо. д. а. собуоттуурга туттуллар аналлаах оҥоһук
Нууччалыы Ключ от зажигания
Бэҕэһээ Иван массыынатын күлүүһүн убайыгар туттарбыта.
Н. ЛугиновЭһиги күлүүһү холбоомоҥ. Уопсайынан, олох тыытымаҥ. Өкүмүлээтэр олорон хаалыа Багдарыын Сүлбэ
5 аат тыл #
Предмет, өйдөбүл, о. д. а. ис дьиҥин өйдүүргэ, кистэлэҥин арыйарга төрүтүнэн буолааччы туох эмэ
Нууччалыы То, что служит для разгадки, понимания чего-л., овладения чем-л., ключ к разгадке, пониманию
Оҕо ускуустубаны өйдүү үөрэнэригэр айылҕаны элбэх өрүттээх күлүүс быһыытынан сыаналыахтаахпыт. ЧКС ОДьИи. Кымыс - нэһилиэнньэ доруобуйатын тутаах күлүүстэриттэн биирдэстэрэ буолар ЩМФ ККЭБС
6 этии #
Күлүүһэ суох үпкэ киирбит - күрүөтэ суох окко киирбит диэн курдук (көр күрүө)
7 этии #
Нууччалыы Магическое, энергетическое слово как прием, используемый народными целителями при лечении больного, а также при несчастных случаях, стихийных бедствиях, ключевое слово
Этиилэр
Күлүүс хаайыыта көр хаайыы
Арба даҕаны, били, биһиги бухгалтербыт Чалаар Байбал үс сыл күлүүс хаайыытыгар түбэспит. Н. Босиков Субу киһини - кубаҕай, уһун сөмүйэтинэн бүк түһэн олорор киһи оройун дугдуруйбута - туох да үгүс эрэйэ суох күлүүс хаайыытыгар утаарыахха. В. Титов
Сыҥаах күлүүһэ көр сыҥаах
Дьааһыйарбар Мин сыҥааҕым күлүүһэ Тахса сыһан, ардыгар Төннөрүм [кулууптан]. И. Гоголев. [Моҕой кыыл] хаан кыһыл айаҕын, сыҥааҕын күлүүһэ ыллыар диэри атан -- кутуругун куймаҥнатан ылла. Д. Апросимов. Ыаҕас күлүүс - ыарахан ыйааһыннаах, томороон быһыылаах улахан күлүүс (былыр саха уустара тимиртэн, чугуунтан таптайан оҥороллоро).
Массивный, громоздкий замок (в старину якутские кузнецы ковали из железа или чугуна).
[Күкүр Уус:] Көрүҥ эрэ, бу ыадар бэйэлээх ыаҕас күлүүһү!
Суорун ОмоллоонЫаҕас күлүүһүнэн түрмэ ыксары хатаммыт. "ХС"