ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

тиил

даҕааһын

Нууччалыы общий, совместный

Ис хоһооно · 5

1 даҕааһын #

даҕ

  • Тиил оҕуруоттаах икки ыалтан илин диэкиттэн биир киһи, сонун сөрүү туттан, аргыый бэдьээлээн хааман -- балаҕаҥҥа киирэн кэллэ
    Суорун Омоллоон

2 даҕааһын #

Биир, уопсай

Нууччалыы Общий, совместный

3 даҕааһын #

Атын ийэни эмиэ эмэр (хол., ньирэйэ өлбүт ынаҕы атын ньирэйгэ эмнэрэн ыыллар, инньэ гынан ньирэй икки ийэни эмэр)

Нууччалыы Сосущий двух маток, припускаемый к другим самкам (напр., о телёнке)

  • Биир биэ сэттэ тиил кулуннаах (тааб.: ох саа уонна оноҕосторо). Ол тиил ньирэйдээх буоллахтарына, сорохторо сүтэн-оһон аанньа ыаппаттар эрэ, хайыыллар
    Болот Боотур
  • Атын сүөһү төрүөҕүн эмиэ эмнэрэр (хол., бэйэтин төрүөҕэ эбэтэр атын сүөһү өлбүт буоллаҕына). Θ Припускная корова (кобыла), которая доится с припуском чужого телёнка (жеребёнка). Тиил ынах

4 этии #

Тиил ыл - кими эмэ бэйэҕэр сыһыар, чугаһат Суорун Омоллоон

Нууччалыы Привлекать, приближать к себе кого-л. [Күннэй - Буойаҕа:] Ону мин, хата, тиил ылыа суохпун - бииргэм тэбэн ыытабын [уолу]

5 этии #

Нууччалыы Подходящий к другому замку ключ

  • Тиил күлүүс - аналлаах күлүүһүгэр эрэ буолбакка, атыҥҥа эмиэ сөп түбэһэн туттуллар күлүүс тыла Богуон тамбурун тиил күлүүс тылынан аһан, нэһииччэ куоппутум.
    И. Федосеев
  • Эн, баҕар, уус дьааһыгар тиил күлүүстэммитиҥ буолуо, ким бачча элбэх харчыны эн аайы биэрбит үһү!
    И. Никифоров
  • Кинилэр тиил күлүүһүнэн аһан киирбиттэрин мин билбэккэ хаалбытым.
    И. Тургенев
Өссө холобурдар (3)
  • Тиил тиэрбэстээх - тимиртэн буолбакка, атын матырыйаалынан солбуллубут тиэрбэстээх түнэ кур. Θ Замшевый пояс с пряжкой, имитирующей железное кольцо. Сүөм кэтит, кыалыктаах, инньэликтээх, үс салаа тиил тиэрбэстээх түнэ курун сүөрэн ылан көхөҕө иилбитэ.
    Далан
  • [Былыргы саха атын таҥаһа-сэбэ] -- үс салаа тиил тиэрбэстээх түнэ сэрэмээт курдаах буолаллара. БСИ ЛНКИСО - 1938. Тиил ылбыт - бэйэҕэр атын сүөһү төрүөҕүн сыһыаран, эмнэрэр буол. Θ Припускать к себе для подсоса детёныша другой самки (телёнка, жеребёнка и др.). Бу ынах атын-атын торбуйаҕы тиил ылбатах. ПЭК СЯЯ. Муммут кулуну, эрдэ төрөөбүт оҕолоох аҕам биэ, иккис оҕонон тиил ылбыта. ОМГ ЭС
    С. Ср
  • др. -тюрк. тел ʻприучать, припускать сосуна к матери (о животных)ʼ, кирг. тели ʻпринять, подпустить к себе (о самке животного)ʼ, казах. тел ʻприучать, припускать сосуна к чужой материʼ

«Т» буукуба