Перевод с якутского
холбуу
аат тыл, сыһыат
Нууччалыы совместный падеж
English comitative case
Ис хоһооно · 4
1 #
сыһ
Холбуу баайыллыбыт кинигэлэрин, кумааҕытын, харандаастаах уруучукатын -- ырбаахытыгар суулаан баран, хонноҕор кыбыммытынан, Микиитэ таһырдьа ыстанна. Амма Аччыгыйа [Үүйэ] икки ытыһын холбуу тутан, ньилбэгэр ууран, саҥата суох олорбохтоото. Л. Попов Холбуу хотонноох, оһох кэннинэн ааннаах, кыра балаҕан дьиэ М. Доҕордуурап
2 #
Бэйэ-бэйэлэрин кытта бииргэ; сыһыары буолар гына
Нууччалыы В соединении с чем-л.; вместе с чем-л
3 #
Тутан, холбоон, уопсай тугу эмэ холбуу курдук буолар гына
Нууччалыы В совокупности
Дьиэлэрэ куукунаны кытта холбуу аахтахха, кыра-кыра үс хостоох.
Г. КолесовИкки эбэтэр хас да тыл, холбуу суолталанан, биир өйдөбүлү бэлиэтиир буола ситимнэммитэ холбуу тыл дэнэр АПС СТЛ
4 этии #
Нууччалыы Сложноподчинённое предложение, части которого (придаточная и главная) неравноправны, одна зависит от другой
Этиилэр
Баһылатыылаах холбуу этии
тутаах уонна киниттэн тутулуктаах, кини ис хоһоонун ситэрэр салаа чаастан турар холбуу этии Баһылатыылаах холбуу этии чаастара интонация да, форма да өттүнэн арахсар кыахтара суох.
СТ С.
Тэҥҥэ холбоммут холбуу этии көр тэҥҥэ
Тэҥҥэ холбоммут холбуу этии чаастара сороҕор ситим тыл көмөтүнэн холбоһоллор. СТ С
Холбуу кэпсиирэ
икки эбэтэр хас да тылынан бэриллибит кэпсиирэ.
Составное сказуемое.
Холбуу кэпсиирэ араас саҥа чаастарынан бэриллэр. СТ С
Холбуу туһаайыы көр туһаайыы
Холбуу туһаайыы сыһыарыыларын этиҥ.
Холбуу туһаан көр туһаан
Этиигэ холбуу туһааны булуҥ.
Холбуу тыл көр тыл II
Холбуу тыллар ордук үгүстүк сыстыы уонна тардыы, ол кэнниттэн салайыы ситимнэринэн үөскүүллэр. АПС СТЛ
Холбуу этии
икки эбэтэр хас да судургу этиилэртэн турар этии.
Сложное предложение.
Кэпсэтэргэ да, ааҕарга да холбуу этиини бүтүннүүтүн биир этии курдук саҥарыллар. СТ С. Судургу этиилэртэн холбуу этиини оҥорон, үөрэнээччилэр судургу уонна холбуу этии уратыларын түргэнник билэллэр. СОТТҮӨ