ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

туһаайыы

аат тыл

Нууччалыы линия движения, направление чего-л

Ис хоһооно · 4

1 аат тыл #

Баран иһэр хайысха, туох эмэ хайысхата

Нууччалыы Линия движения, направление чего-л

  • "Ил-18" сөмөлүөт Дьокуускайтан соҕуруулуу-арҕаа туһаайыынан көтөн күпсүйэн иһэр.
    Н. Якутскай
  • Туһаайыыны олохтоох предметтэр көмөлөрүнэн эмиэ булуохха сөп. МНА ФГ. Саха олохтоох айанньыттара, булчуттара сир быһыытын бэркэ сылыктыыллара, туһаайыыны сүтэрбэт этилэр.
    ААА КК

2 аат тыл #

Ханнык эмэ хайысхаҕа туһуламмыт бойобуой дьайыы, сэрии фроннааҕы учаастага

Нууччалыы Участок фронта, от которого в какую-л. сторону направлены боевые действия, направление

  • Саамай суостаах кыргыһыылары Орловскай-Курскай туһаайыыга көрсүбүтүм
    И. Сосин

3 аат тыл #

төхт. көрүҥ. Туохтуур хайааһына хайааччыттан атын предмеккэ эбэтэр киниэхэ бэйэтигэр туһуланыытын араастарын көрдөрөр пуормата

Нууччалыы Залоговая форма глагола

  • Саха тылыгар туохтуур араас киэп, туһаайыы пуормалардаах. КИИ ИКТТҮө. Атын туһаайыыларга туохтуур ситимнэһиитэ атыннаах
    ЧМА СТСАКҮө

4 этии #

Нууччалыы Возвратный залог глагола

Этиилэр

Атынтан туһаайыы көр атын I

  • Атынтан туһаайыы биир ахсаан үһүс сирэйигэр турар халыыба үксүгэр сирэйдэммэтэх этии кэпсиирэтэ буолар. ФГГ СТ. Бэйэни туһаайыы төхт. көрүҥ. – хайааһын хайааччыга бэйэтигэр туһуланарын эбэтэр бэйэтин туһатыгар оҥоһулларын көрдөрөр туһаайыы Тиэкистэн бэйэни туһаайыыны булуҥ.

Дьаһайар туһаайыы көр дьаһай

Дьаһайар туһаайыы сыһыарыылара биир олоххо хос-хос эбиллиэхтэрин сөп. ФГГ СТ. Төрүт туһаайыы төхт. көрүҥ. – төрүт олох бэлиэтиир ис хоһооно, хайааччы тус хайааһынын бэлиэтиир туохтуур туһаайыыта.

Основной залог глагола.

  • Төрүт туһаайыы атын туһаайыыларга төрүт буолар. ФГГ СТ. Туһаайыыны булуу геогр. – турар сиртэн саҕах өрүттэрин сатаан быһаарыы. Ориентирование. Туһаайыыны булуу күнүнэн, сулустарынан, куомпаһынан уонна олохтоох бэлиэлэринэн сирдэтиллэр.
  • Туһаайыыны булуу дьону араас күчүмэҕэйдэртэн быыһыыра. МНА ФГ. Холбуу туһаайыы төхт. көрүҥ. – субъект хайааһыны атын субъегы кытта кыттыһан эбэтэр хардарыта оҥорорун көрдөрөр туохтуур туһаайыыта. Совместно-взаимный залог глагола. Холбуу туһаайыылаах этиитэ суруйуҥ

«Т» буукуба