Перевод с якутского
атын
даҕааһын, кэнники тыл, аат тыл
Нууччалыы но
English except, but, other than
Ис хоһооно · 8
1 кэнники тыл #
Нууччалыы но
English except, but, other than
киниттэн атын ким да суоҕа кроме него никого не былоthere was no one but him
2 аат тыл #
Нууччалыы сторона
English side
3 даҕааһын #
Туспа, туора
Нууччалыы Другой, иной
Сарсыарда аайы халлаан атын кэрэтик сырдыыр, күн туспа үчүгэйдик тахсар эбээт! Амма Аччыгыйа Ордук үөрэхтэннэххэ, киһи олоҕу атын хараҕынан көрөр эбит. Болот Боотур Атын дьон албаҕа таптала Эн хааныҥ төлөнүн сойуппут С. Данилов
4 аат тыл #
суолт., э. ахс. Инники этиллибиттэртэн уратылара
Нууччалыы Другие, ранее не упомянутые
Түүнүгэр үрэххэ Яков Андреев, Авксентий Яковлев, онтон да атыттар киирэн хоноллор. М. Доҕордуурап Дэриэбинэҕэ бу кэмҥэ оҕону-дьахтары эрэ дэҥ кэриэтэ көрсөҕүн, атыттар бары садка сылдьаллар. Н. Якутскай Атыттара [атын бөрөлөр] ону эрэ көһүппүттүү, арааһынай куолаһынан сыналаспытынан, дьаргыппытынан бардылар. Р. Кулаковскай
Өссө холобурдар (1)
Аня, Айталыына, Аймалыына, атыттар да пиэрмэҕэ, оскуоланы бүтэрээт кэлбиттэрэ И. Данилов
5 этии #
Атынтан туһаайыы тыл үөр. - предмеккэ атын предметтэн туһаайыллар хайааһыны көрдөрөр туһаайыы формата Атынтан туһаайыы -н уонна -ылын сыһыарыыларынан үөскүүр. Др. -тюрк. адын
Нууччалыы Страдательный залог
6 #
дьөһ
Ыскылаатын дьыалатыттан таһаҕаһын тиэйиититтэн атын аан дойду ханнык да кыһалҕатыгар кыттыһыа суохха айылаах хайысхалана сылдьар киһи. Амма Аччыгыйа “Арыы” холкуоһугар Ньаҕай ийэтин ууһуттан атын биир эмэ ыал баар дуо? Суох.
КүндэСаллаакка уон аҕыһыттан отутугар диэри саастаах дьон бары бараллар. Итинтэн атын мин эһиэхэ этэрим суох М. Доҕордуурап
Өссө холобурдар (3)
Түспүт тыл сыһыарыыларын бэйэтигэр ылыныан сөп. Θ Может принять на себя аффиксы опущенных слов. Эһигиттэн ытартан, ыйыыртан атыны киһи күүппэт дьоноҕут. Эрилик Эристиин Атыттартан ичигэс тылы истибэккэ дылы этим.
КүндэДьоллоох уол, кини үлэтиттэн, сүөһүтүттэн уонна ити илдьэ сылдьар хормуоскатыттан атыҥҥа туохха да кыһаллыбат М. Доҕордуурап
7 #
таммыт предмети атыттартан араарыы, туспа тутуу сыһыанын көрдөрөр
Нууччалыы Употребляется при обозначении предмета, от которого отделяются и отграничиваются другие (кроме)
8 #
Быһаарыылаах тыл холбоһуктарын үөскэтиигэ кыттар
Нууччалыы Участвует в образовании определительных словосочетаний
Кыайыы-хотуу үрдүк үөрүүтүттэн атын үөрүү суох!
П. ОйуунускайТогойкин эмиэ иһиллээн көрбүтэ, айаннаан иһэр сөмөлүөт тыаһыттан атын тыас суохха дылы. Амма Аччыгыйа Мантан атын тыас-уус туох да суох
Суорун Омоллоон