ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

ураты

даҕааһын, туоһулааччы, кэнники тыл, аат тыл, сыһыат

Нууччалыы особый; другой

English special, different, unique

Ис хоһооно · 6

1 даҕааһын #

Нууччалыы особый; другой

English special, different, unique

  • ураты оҕо
    особенный ребёнокa unique child

2 кэнники тыл #

Нууччалыы но

English except, besides, but (i.e. none but, all but, etc.)

  • киниттэн ураты, биһигиттэн ураты
    кроме него, кроме насexcept for him, except for us

3 даҕааһын #

Туох эрэ чорбойор бэлиэлээх, атыттарга майгыннаабат; туспа, олох атын

Нууччалыы Не такой, как все, необыкновенный, особый, особенный; иной, другой, отличный. [Ыстапааҥка – Манчаарыга:] Ураты суолга оҕустарбыт Уһун сордоох диэн Эн баар эбиккин… А

  • Софронов. Ураты чаҕылхай халлааҥҥа Ураты күөрэгэй дьурулуо – Урукку буолбатах, ураты. Урсун. Василий Макарович Бүөккэни одуулаан турда. Ураты киһи, мээнэ оҕо буолбатах.
    А. Сыромятникова
  • Сүөдэр кыра эрдэҕиттэн ураты талааннааҕыттан -- бары сөҕөн барбыттара. “
    Чолбон

4 аат тыл #

суолт. Атыттарга майгыннаабат, ким, туох эмэ чорбойор бэлиэтэ

Нууччалыы Отличительная черта

  • Оҕонньор сүөһүлэрин хас биирдиилэрин имэрийтэлиирэ, туох эрэ уратыларын, дьээбэлэрин булан Валерий Ивановичка кэпсиирэ.
    Л. Попов
  • Киһи-киһи уратыта – билигин да таалла илик таабырын. А-ИНА ДьБО. Тавтология – саха поэзиятын биир суол уһулуччу сайдыбыт уратыта. ВГМ НСПТ. Туох да уратыта суох уол. Хара көстүүм, хара хаалтыс, маҥан ырбаахы. “
    ХС

5 сыһыат #

суолт. Туспатык, олох атыннык; кимиэхэ, туохха эмэ олох майгыннаабат гына

Нууччалыы Особо, особенно; отлично от кого-чего-л. иначе, по-иному, по-другому

  • Итини барытын ураты умсугуйан, аа-дьуо хааман налыччы көрө, иһиллии истэ -- оҕом эдэр уол.
    Н. Габышев
  • Арай харахтара эрэ биир кэм хап-харанан эдэрдик, ураты сэргэхтик көрөллөр.
    С. Никифоров
  • Киһи эрэ “туйахтаах” буолбат. Дьоҥҥо-сэргэҕэ туох эрэ ураты үтүө идэтинэн биллибит-көстүбүт киһи “туйахтаах” аатырар. ЧМА ЭТНББ. Уолчааммыт ураты байбыт, -- Олорор, быһата, уол дьолго! П. Ершов (тылб.)

6 даҕааһын #

дьөһ. суолт. Тахсыы түһүгүн салайан “(кимтэн, туохтан эмэ) атыннар, (ким, туох эмэ) таһынан, үрдүнэн” диэн суолталанар

Нууччалыы Кроме, помимо, за исключением кого-чего-л

  • Сөдүөттэн ураты бары кыраабыл тутан киирэн от мунньан ньамаластылар.
    Амма Аччыгыйа
  • Катя кубаҕай сирэйигэр дириҥ санаарҕабылтан ураты атын чувство суохха дылы.
    Н. Лугинов
  • Далга мустубут сүөһүнү кэлэн ааҕан көрбүттэрэ, икки сүөһүттэн ураты бары баар курдуктар.
    Н. Заболоцкай
Өссө холобурдар (1)
  • Мин аҕыйах сонун кинигэттэн ураты тугу да атыыласпаппын.
    КНЗ ОО

«У» буукуба