ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

кыттыгас

аат тыл, даҕааһын

Нууччалыы компаньон, соучастник, партнер

1 аат тыл #

Кимниин эмэ кыттыһан бииргэ тугу эмэ гынар (оҥорсор, дьарыктанар, үлэлэһэр о. д. а.) киһи

Нууччалыы Компаньон, соучастник, партнер

  • Куһаҕан киһи биир сүрүн бэлиэтэ - бэйэтин аргыстарын, кыттыгастарын холуннарар, намтата сатыы сылдьаахтыыр үгэстээх.
    Амма Аччыгыйа
  • Кыттыгаһа эмиэ бултуу-алтыы ыстанар, биһиги кинини ымсыыра одуулаан хаалабыт.
    И. Гоголев
  • Көрсө түстүм кыттыгаспын, Кыттыгаһым саатын сүкпүт, Кыыла турбут, өрө көрбүт
    М. Хара

2 аат тыл #

Биир өйдөөх-санаалаах, биир интэриэстээх дьон холбоспут түмсүүлэрэ

Нууччалыы Артель, товарищество

  • Киһи буоларга дылы, кыттыгастары, артыаллары тэрийтэлиэм диирэ эбээт.
    Күндэ
  • Кыттыгаһы, холбоһугу, артыалы, хоммуунаны үөскэтэн, үөдүтэн сайыннаран иһэллэр
    Чолбон
  • Даарыйа эмээхсин Микиитэлиин кыттыгас халандаар хаптаһыннаахтар.
    Амма Аччыгыйа
Өссө холобурдар (2)
  • Кыттыгас таһаартарар үлэлэригэр Кылбановскай бэйэтэ киллэрбит биир даҕаны ыйааһыннаах соҕус научнай матырыйаала суох.
    В. Яковлев
  • Аспыт-үөлбүт кыттыгас
    Н. Кондаков

3 даҕааһын #

суолт. Кимнээх эмэ кыттыспыттарын түмүгэр баар буолбут, уопсай

Нууччалыы Общий, совместный

«К» буукуба