ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

артыал

аат тыл, даҕааһын

Нууччалыы основная форма социалистического производственного объединения граждан для ведения коллективного хозяйства на базе обобществления средств производства; артель

English artel

Ис хоһооно · 5

1 аат тыл #

Дьону үлэҕэ холбооттооһун социалистическай сүрүн форматынан буолар бэйэ туттар сүөһүтүн (аты, оҕуһу) уопсайдаан, биир хаһаайыстыба буолан үлэлээһин

Нууччалыы Основная форма социалистического производственного объединения граждан для ведения коллективного хозяйства на базе обобществления средств производства; артель

  • Артыаллар хайыы-үйэ бурдуктарын күрүөтүн ханан да быыһа суох гына туттулар.
    П. Ойуунускай
  • “Хоптолоох” сиһиттэн - Көстөкүүннээх олохторуттан артыал миэлиҥсэтин тыаһа курулаан иһиллэр. Дьүөгэ Ааныстыырап. Табаарыстыба чилиэннэрин кытары кэпсэтии оҥортуубут, артыалга киирэллэригэр ыҥырабыт
    А. Бэрияк

2 аат тыл #

Үлэ сорох көрүҥнэригэр (ордук күүс үлэтигэр) уопсай дохуоттаах уонна эппиэттээх буолар гына, бииргэ үлэлээһиҥҥэ дьоннор холбоһуулара

Нууччалыы Объединение лиц некоторых профессий (связанных с физическим трудом) для совместной работы, с участием в общих доходах и общей ответственностью

  • Балыктааһыҥҥа артыал тэрийдилэр.
  • Тыал, буурҕа оонньуур, хаар саба тибэр хотугу дойдуга балыксыт артыалыгар атын сиртэн киһи кэлэрэ - сүрдээх улахан сонун.
    Т. Сметанин
  • Онон артыал көмүс көрдөөһүнэ туһата суохтук саҕаланар
    И. Бочкарев
Өссө холобурдар (1)
  • Артыал дьаам. Артыал киһи
    ПЭК СЯЯ

3 аат тыл #

Артыал чилиэнэ, артыалга кыттыгас киһи

Нууччалыы Член, участник артели

4 аат тыл #

Кэргэн; доҕор

Нууччалыы Супруг (супруга), спутник жизни

  • Аналлаах артыалын, Эрэмньилээх эрин, Туһааннаах доҕорун Моонньуттан кууспутунан, Уоһуттан уураабытынан [сылдьар]
    Өксөкүлээх Өлөксөй

5 даҕааһын #

суолт. эргэр. Быысаһа турар, сэргэ олорор

Нууччалыы Соседний, смежный

«А» буукуба