Перевод с якутского
нуһараҥ
аат тыл, даҕааһын
Нууччалыы безветренная, теплая, тихая, пасмурная погода весной и осенью
Ис хоһооно · 4
1 аат тыл #
Күһүн, саас хаардаах, чуумпу сылаас күн-дьыл
Нууччалыы Безветренная, теплая, тихая, пасмурная погода весной и осенью
Улахан тымныы өссө түһэ илик. Нуһараҥ быйыл олус өр турда. А. Сыромятникова Намыын нуурал нуһараҥҥа Наскыйдылар үөмэх үөттэр. М. Ефимов Сир-дойду ырааһырбыта, мөлбөйбүтэ сүрдээх. Дьиҥнээх, күһүҥҥү нуһараҥ С. Васильев
2 аат тыл #
Уоскуйан дуоһуйар турук
Нууччалыы Состояние умиротворенности, покоя и удовлетворенности
Нартаахап сылаас чэй нуһараҥар бигэнэн сыттаҕына, быстыбыт санаатын ситимэ салҕанан барда. Софр. Данилов. Мин этим-хааным устун сылааны киэр үүрэр сылаас нуһараҥ кутуллубута. Далан Кини ити курдук балайда сытта, түөһүн иһэ уу-чуумпу нуһараҥынан туоларга дылы буолла ХС Олус ичигэс, нуһараҥ былыттаах түүн. Н. Якутскай
Өссө холобурдар (3)
Сааскы нуһараҥ түүн чэбдик салгына сүрэҕи-быары ортотунан сайа охсон киирэр. С. Никифоров Бу иннинэ, бэҕэһээ-иллэрээ күн кыстык хаар саҥа түстэ. Онон былыттаах нуһараҥ күннэр турбуттара. В. Яковлев Сааскы нуһараҥ күннэртэн биирдэстэригэр Халлааскы уола -- дойдутугар эргиллэн кэлбитэ ВНГ ГОПХ
3 даҕааһын #
суолт. Күһүн биитэр саас хаардаахха буолар ичигэс, сылаас (күн-дьыл)
Нууччалыы Тихий, безветренный, теплый (о погоде весной и осенью)
4 этии #
Нууччалыы Очень спокойный, тихий, беззаботный (о жизни)
Уу нуһараҥ - олус сынньалаҥ, холку, кыһалҕата суох (олох туһунан) Уу нуһараҥ сымнаҕас олбохтоох олоххо туох дьоннор тардыһалларый? П. Аввакумов Даалы учаастагын уу нуһараҥ олоҕо силлиэҕэ-холорукка сөрөммүтэ. С. Федотов Тугу эмэ гыныахха наада. Олус да уу нуһараҥ олохтоохпут. Наар күннээҕинэн үлэлиибит. Н. Лугинов