ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

күн-дьыл

аат тыл

Нууччалыы погода.

English weather

Ис хоһооно · 5

1 аат тыл #

Тустаах сиргэ чопчу бириэмэҕэ атмосфера аллараа араҥатын туруга (температурата, баттааһына, сөҥүүтэ, тыал хайысхата уонна күүһэ, онтон да атын метеорологическай көрдөрүүлэр)

Нууччалыы Погода. Күн-дьыл туһунан иһитиннэрииттэн көрдөххө, хоту улахан буурҕа, силлиэ түспүт. Далан. Киһи этин сааһын ааҕа өтөн киирэр сииктээх сиппэрэҥ күҥҥэ-дьылга кинилэр балтараа суукканы быһа сатыы айаннаабыттара. Софр. Данилов. "Таах олоруохтааҕар, хайдах күн-дьыл буоларын билгэлиибин", - диэн оҕонньорум хардарда. И. Сосин

2 аат тыл #

Кэм

Нууччалыы Время. Аара Өлүөнэнэн борохуотунан устан иһэн наар ырыа ыллаан оройуоннарынан куоталаһарбыт, күммүтүн-дьылбытын кылгатарбыт. И. Сосин. Күн-дьыл, күөйэ хаама сылдьан, кээрэтэн иһэриттэн куоппут диэн суох. С. Федотов. Күн-дьыл көтөн-сүүрэн аастар-ааһан истэ. Н. Заболоцкай

3 аат тыл #

Докумуон суруллубут күнэ, ыйа, дьыла

Нууччалыы Дата. Сайабылыанньаҕар күнүн-дьылын ыйаар. - Ол хонууга хантан Сэбиэти булан бэчээт уурдарабыт? - Оттон күнүн-дьылын мин суруйуом. Н. Габышев

4 этии #

Нууччалыы Время покажет

  • Күн-дьыл көрдөрүө - сотору кэминэн үчүгэйэ-куһаҕана биллиэ Ким сөпкө этэрин күн-дьыл көрдөрүө.
  • Күн-дьыл көрдөрөн иһээ ини. Туох-туох буолар. Бары даҕаны таҥара илиитин иһигэр сырыттахпыт.
    С. Ефремов
  • Күнү-дьылы бараа - туһата суох дьыаланан дьарыктанан элбэх бириэмэни таах ыыт, тугу да гыммакка таах сырыт. Θ соотв. коротать время. Тыый, дьэ, тардыас киһи буоллаҕа, үлэҕэ саамай сөптөөх киһи, кими кытта кэпсэтэн күнү-дьылы барыаҕай!
    П. Ойуунускай
Өссө холобурдар (6)
  • [Егор Егорович:] Оттон, дьэ ол ону [ким бассабыыгын] билэр наадаҕа, доппуруос дуомун оҥоруоҕуҥ. [Дмитриев:] Ээ, оттон оннук ини, күнү-дьылы бараан.
    С. Ефремов
  • Хамначчыттар -- дьуоҕулаан, үлэттэн куота, күнү-дьылы барыы сатаабыттара киниэхэ суох этэ.
    А. Сыромятникова
  • Күнү-дьылы тардыма (тутума) - бириэмэни таах, солуута суох ыытыма. Θ Не теряй времени даром, не тяни время. Хата күнү-дьылы тутума, таах сыгааннаан тылласпат, баттыыр буоллаххына баттаа, оттон суох буоллаҕына суох - атырдьах маһын курдук арахсабыт.
    Суорун Омоллоон
  • Ээ, чэ бара охсуох түргэнник. Күнү-дьылы тардымыах.
    С. Ефремов
  • Күнү-дьылы ыыппакка - тутатына, суһаллык. Θ Не теряя времени зря, как можно скорее. Күнү-дьылы ыыппакка, кинээскэ этэн, биир, түөрт уон сыл устата оттуур ходуһа оҥосторго, нэһилиэктэн көҥүллэтэ охсуохха.
    Күннүк Уурастыырап
  • "Чэ, тоойуом, күнү-дьылы ыыппакка, тахша оҕуш", - Болугур оҕонньор ыттарын сиэтэн дьон суолун батыһа хаамар. Н. Якутскай

5 этии #

Күнү-дьылы билгэлээһин - күн-дьыл хайдах буолуохтааҕын эрдэттэн сибикилээн билии Синоптиктар бөлөхтөрө үлэлиэҕэ, күнү-дьылы билгэлээһини утумнаахтык биэриэҕэ. "Кыым". Күнү-дьылы билгэлээччи - күн-дьыл хайдах буолуохтааҕын эрдэттэн сибикилээн билиинэн дьарыктанар киһи. Специалист по прогнозированию погоды, метеоролог. Ити кэмҥэ күнү-дьылы билгэлээччилэр балаҕан ыйа ардаҕа суох буолуо диэн иһитиннэриилэрэ дьон санаатын аһары көтөхпүтэ. "Кыым"

Нууччалыы Прогноз погоды

«К» буукуба