ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

дьыл

аат тыл

Нууччалыы самое тяжелое для хозяйства холодное зимнее время года, когда скот кормится в хлеву, а люди питаются летними запасами

English year

Ис хоһооно · 4

1 #

Хаһаайыстыбаҕа сыл саамай ыарахан кыһыҥҥы кэмэ: сүөһүнү хотоҥҥо аһатыллар, дьон сайыҥҥы хаһаастарынан олороллор

Нууччалыы Самое тяжелое для хозяйства холодное зимнее время года, когда скот кормится в хлеву, а люди питаются летними запасами

  • Сыл диэн курдук. Саҥата суох дьыл хонугун ааҕар баар үһү (тааб.: календарь). Сут дьылга тураах топпутугар дылы (өс ном.). Кураан дьыл тыа аһа, отон араас үүммэтэҕинэ, эһэ уойбакка хаалан, кыһын арҕахтан туран мэнээктиир үһү.
    Н. Заболоцкай
  • Эһиги сорох дьыл анды тоҕо ууга түспэтин билэҕит дуо? И. Сосин
  • Дьыл да эрдэ, бокуруоп да ыраах (өс ном.). Күһүн аайы биһиги ханнык эмэ баай хотонун буларбыт. Оттон быйыл Амма үрдүк сыырыгар чөкөллөн турар бэйэбит балаҕаммытыгар кыстаабыт дьоллоох дьылбыт этэ.
    Амма Аччыгыйа
Өссө холобурдар (1)
  • "Тымныйымына... хайа, дьыл даҕаны кэллэҕэ дии", дэһэн чаҕаараллар уонна туох да кыһалҕата суох табахтаан бускуталлар. Кыһыҥҥы кэм муҥа-таҥа, араас күчүмэҕэйи үөскэтэрэ, алдьархайы-сору аҕалара кэмнээх буолуо дуо!.. Ол иһин норуот, үгэһин быһыытынан, быһаччы кыһын диэбэккэ, дьыл диэн харыстаан ааттааһын сиэринэн эппит буолуохтаахтар
    Кыым

2 #

Сыл саамай үчүгэй, итии, сайыҥҥы түбүктээх кэмэ

Нууччалыы Самая горячая летняя пора (для сельскохозяйственной работы)

  • Сүөһү иитиитэ былыргы кэмҥэ айылҕаттан, хайдах дьыл кэлэриттэн быһаарыллара биллэн турар суол.
    Саха фольк
  • Быйыл дьыл эрдэ кэлэн, хаар ууллан, ирэн-хорон, чалбах тахсан, инчэҕэй-хоччоҕой буолан эрэрэ.
    А. Бэрияк
  • Онтон куһаҕан, хаҕыс дьыллар буоланнар, соҕотох огдообо дьахтар, күүһэ тиийбэт буолан, оту кыайан элбэҕи оттообот
    МНН

3 этии #

Нууччалыы В глубокую старину, в давние времена (обычный зачин – формула в эпосе олонхо)

Этиилэр

Дьыл аһа

кыһыны быһа сиир, кыһыны туоруур ас.

Продуктовые запасы на всю зиму.

  • Ону ааһан ийэбит суорат оҥорон, кыһыҥҥыга хаһаанар. "Тар диэн дьыл аһа", – диир ийэбит.
    И. Федосеев
  • [Кииһилэни] тары кытта булкуйан хаһааннахха, кыһын дьыл аһыгар тэҥнэһэрэ.
    И. Сосин
Өссө холобурдар (1)
  • // Быстарыы кэмигэр көмөлтө, өйөбүл буолар ас, бородуукта (кыратык да үөрбүччэ, үлүннэрэн этии). Дополнительный продукт, который становится подспорьем при нехватке питания (так говорится на радостях пруевеличенно: растянуть – надолго хватит). Миигин биир чиэппэр чэйинэн, биир киилэ арыынан бириэмийэлээтилэр. Оччотооҕу, сэрии кэннинээҕи тардыс усулуобуйаҕа ол да – дьыл аһа.
    Ф. Софронов

Дьылга бар

кыһыҥҥы сүөһүгэ сиэтэр от эбэтэр хаһаас аһылык бүтэн, эстэн хаал, быһын.

Бедствовать в зимнее время из-за нехватки пищи, корма.

  • [Дьаакып кинээс:] Оччоҕо эн ыарыйдаҕыҥ аайы мин дьылга барарым сөп буолсу дии?
    И. Федосеев
  • [Хандыы:] Хотоҥҥо чаһы туруора иликпит. [Хаамарап:] Туруоруохха наада, ол чаһы ороскуотунан дьылга барыаххыт суоҕа.
    А. Федоров

Дьылга ыыт

кыһынын сүөһүгүн, бэйэҕин аһылыга суох хааллар.

Оставлять на зиму без корма для скота, без пищи для себя.

  • "Нохоо, – дии тоһуйда оҕонньор уолу, – миигин дьылга ыытыа суох буоллаххына, оҕускун бэйэҥ бааргар эрэ таһаар".
    С. Федотов
  • Дьыл оҕуһа миф. – былыргы сахалар итэҕэллэринэн кыһыны аҕалар сүрдээх улахан оҕус курдук иччи (сыл аайы Хотугу Муустаах байҕалтан тахсар, бытархан тымныыны, аччыктааһыны, ыарыыны аҕалар, кыһалҕаны үөскэтэр диэн өйдөнөр). По старинному якутскому поверью дух зимы в образе огромного быка (ежегодно выходит из глубины Северного Ледовитого океана и несет с собою холод, голод, нужду, болезни и т. п.). [Муустаах Байҕал – Өлүөнэ өрүскэ:] Уолум обургу, олуурдаах Улуу дьыл оҕуһа, Аас-майах аргыстанан, Иҥсэ-мэнэгэй эҥэрдэнэн, Оп-соллоҥ ойоҕостонон -- Көмүскүүр күнүҥ дьонун күһүҥҥүттэн ыла Күл-көмөр гынар буоллуҥ.
    Өксөкүлээх Өлөксөй
Өссө холобурдар (2)
  • Тымныы Байҕал Омуннаах Чысхааныгар Хорҕойон Торолуйар, Баар дииллэр Дьыл оҕуһа.
    С. Данилов
  • Муустаах муораттан халлааҥҥа тиийэр икки ураа лаҥкыр муостаах улуу Дьыл оҕуһа обургу аас-аччык аргыстанан, ыарыы-сүтүү ындыыланан тахсан кэлэр. Н. Заболоцкай

4 этии #

Нууччалыы Самая середина, пик зимы

Этиилэр

Дьыл оройо

кыһын саамай ортото Дьыл оройо чугаһыытыгар тоҕус уон икки чулуу кииһи, түөрт уон кырынааһы, сүүрбэ тииҥи, үс тайаҕы бултааннар өлгөм байанайдаах, дьоммут көннөрү ырыа аргыстаах -- киирдилэр.

  • Дьыл оройугар ыччат сүөһү барыта үчүгэй туруктаахтык иитиллэн турар. "Кыым".

Дьыл суола

кыһыҥҥы олох-дьаһах, кыһыҥҥы балаһыанньа.

Зимнее житье-бытье, зимние заботы.

  • Аҕыйах ырбыт көлө баарын бурдук быһыытыттан, дьыл суолун оҥостортон ордорон, көҥүллэнэн бэриллибэт.
    Амма Аччыгыйа
  • "Хайа, бу бэйэҕит дьылгыт суолунан хайдаххытый?" – "Куһаҕаннык олоробут. Биир уулаах тиҥэһэлээхпит ууга түһэн хаалла".
    Болот Боотур

Дьыл таҕыс

кыһыны быстарбакка этэҥҥэ туораа.

Перезимовать благополучно (без голодовки).

  • Бу тыа быыһыгар тыа быта буолан бытарыйан олорбут саха бу хара дьылҕаны кытта охсуһар күүһэ суоҕа, күүһэ-уоҕа дьылы тыыннаах тахсарыгар эрэ баранара.
    Күндэ
  • Дорообо, оо, сылгы чыычааҕа! Доҕоруом, үчүгэй санааҕа: Дьыл тахсан, кэллэхпит баччаҕа.
    М. Тимофеев
Өссө холобурдар (1)
  • Тэҥн. сыл таҕыс.

Дьыл

хонук – 1) кэм-кэрдии олус түргэнник элэҥнээн түргэнник ааһар, киһи үйэтэ кылгас диэн сөҕөн этии.

Год, что сутки (говорят, удивляясь быстротечности времени, человеческой жизни).

  • "Дьыл – хонук", – диир саха.

Дьыл

хонук күүппэт эбээт.

Сылтан сыл сыыллар да ааспыта, Дьыл

хонук ылбыта, Уоһах уос – оҕочоон бэйэбит Улаатан сиппиппит. А. Абаҕыыныскай. 2) Мүччүрүйбэккэ кэлиэхтээх кэм.

Неминуемо наступающее время (напр.

  • , наступление весны, мороза).

Ол да үрдүнэн дьыл

хонук ыган, Өлүөнэ өрүс барахсан мууһа хамсыыра субу кэлэн, ыган тыынан аххан турар.

  • Н. Заболоцкай.

Саҥа дьыл

тохсунньу маҥнайгы күнэ, төгүрүк сыл саҕаланыытын бырааһынньыга.

Новый год.

  • Саҥа дьыл бырааһынньыгын кэнниттэн тута Сэргэлээх [устудьуоннар олорор сирдэрэ] кыһыҥҥы экзаменационнай сиэссийэҕэ бэлэмнэнии түбүгэр түстэ.
    Н. Лугинов
  • Саҥа дьыл эйиэхэ уонна киниэхэ саҥа эрэли үөскэтэр, эһиги умуллубат уоттаах тапталгытын күөдьүтэр.
    Т. Сметанин
Өссө холобурдар (1)
  • Санаан кэллим эмиэ мин Саҥа дьылы көрсүүнү, Харыйаны тулалаан Киэһэ мустан түмсүүнү.
    П. Тулааһынап

Улуу дьыл

төгүрүк сыл улахан өттө, кыһыҥҥы кэм.

В Якутии: большая часть календарного года, зимнее время.

  • Улуу дьыл обургу Мунду балык миинин курдук Буһуруктуйан киирэн барда.
    С. Зверев
  • Кинини [кыһыҥҥы кэми] норуот поэзиятыгар улуу дьыл диэн ааттаан хоһуйаллара. Тымныы улуу дьыл оҕуһа диэн уобарастаан туойаллара. "Кыым". Улуу дьыл обургу Кыһалҕанан кыладыйдаҕыан, Кытаанахтык ынчыктаатаҕыан, Ыараханнык тыыннаҕыан!
    Саха фольк

Үөрэх дьыла

оҕолору, устудьуоннары күһүҥҥүттэн саҕалаан сайын саҕаланыытыгар диэри үөрэтии кэмэ (үксүн балаҕан ыйын маҥнайгы күнүттэн бэс ыйын бүтэһигэр диэри кэм).

Учебный год.

  • Итиэннэ эн дьаһалгар биир үөрэх дьыла, уон эрэ ый, үс сүүс эрэ хонук баарын өйдөө. Софр. Данилов. Үөрэх дьылын иккис аҥаарыгар грамотаҕа үөрэтэр бириэмэҕэ ылбыт өйдөбүллэрин сааһылаан, кэҥэтэн үөрэтиллэр. КИИ МКТТҮө. Үөрүү- көтүү үрдээн Үөрэх дьыла буолбут.
    Күннүк Уурастыырап
  • Общетюрк. йыл, жыл

«ДЬ» буукуба