ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

дьыллаа

туохтуур

Нууччалыы прогнозировать, предсказывать лето, каким оно будет

1 туохтуур #

Хайдах сайын кэлэрин билгэлээ

Нууччалыы Прогнозировать, предсказывать лето, каким оно будет (обычно для сельского хозяйства)

  • Оҕонньоттор ол аайы [кулун тутарга тибии түспүтүгэр] үөрэн сэксэҥнэһэн, быйаҥнаах, өҥ буолаары гынна диэн дьыллыыллара.
    В. Яковлев
  • Коля хамсатын тэбээтэ, Сахалыы дьыллыы охсор: Этиҥ бэркэ сааллан эттэ, Ардахтаах сайын буолсу.
    Баал Хабырыыс
  • Хаар халыҥ, саас хатаабатаҕына, уу тахсар буолла, – диэн сааһыттар бэйэлэрин туһаларыгар дьыллыыр идэлэннилэр
    Кыым

2 туохтуур #

харыс. т., эргэр. Өлөр, идэһэлэн

Нууччалыы Убить; забить скотину

  • Дьэ, аҕаҕын дьыллаатыҥ дуу? [Оонньоон этии]. ПЭК СЯЯ. [Ынах:] Дьэ мин хотуҥҥа кэриэс этиэхтээхпин, манна өр аһаабытым, хотуммун көрүһүннэрэн баран дьыллааҥ, айылааҕын
    Н. Түгүнүүрэп

«ДЬ» буукуба