Перевод с якутского
сыл
аат тыл
Нууччалыы год (временной цикл, в который проходят четыре природных сезона). [Намыын] оҕонньор Чүөчээскиттэн оруобуна сүүс эрэ сылынан аҕа
English year
Ис хоһооно · 7
1 аат тыл #
Саас, сайын, күһүн, кыһын толору эргийэн бүтэр кэмэ (уон икки ыйга тэҥнэһэр)
Нууччалыы Год (временной цикл, в который проходят четыре природных сезона). [Намыын] оҕонньор Чүөчээскиттэн оруобуна сүүс эрэ сылынан аҕа
Бөтүҥнэр бастаан утаа икки хас сылга диэри Дыгынтан сэрэнэн, куттанан көрөн баран, кэнники умнан-тэмнэн кээстэр. Эрилик Эристиин Биирдии ынахтан сылга тыһыынчанан лиитирэ үүтү ыыллар И. Данилов
2 аат тыл #
Ханнык эрэ үлэ, тугунан эмэ дьарыктаныы түмүктэнэр кэмэ
Нууччалыы Временной цикл, в котором завершается цикл каких-л. работ, занятий
Үөрэх сыла. Отчуот сыла
3 аат тыл #
Дьон олоҕор-дьаһаҕар, өйүгэр-санаатыгар айылҕа дьайыытын эбэтэр туох эмэ түбэлтэ түмүгэр олоҕуран хаалбыт уһулуччу бэлиэ кэм
Нууччалыы Период времени, который остался в памяти, сознании людей как связанный с исключительными событиями, явлениями
Сут сыл. Кураан сыл. Кыайыы сыла
4 аат тыл #
Хас да сылы хабар киһи сааһын түгэнэ, туох эрэ буолар (буолбат) кэмэ (э. ахс. тут-лар)
Нууччалыы Период времени, охватывающий ряд лет на протяжении которого проходит какая-то пора жизни, какие-то события (употр. во мн. ч.)
Эдэр саас сыллара. Оҕо саас сыллара. Гражданскай сэрии сыллара. Биһиги сэрии сылларыгар курааны утары охсуһууга дьоһуннаах үлэни ыыппатахпыт М. Доҕордуурап
5 аат тыл #
Кэрискэ ахсаан ааттары кытта холбоһон, уоннуу сылы хабан биир кэми бэлиэтиир (э. ахс. тут-лар)
Нууччалыы В сочетании с порядковыми числительными обозначает промежуток времени в пределах десятилетия (употр. во мн. ч.). 80-с сыллар. 90-с сыллар. Мин 70-с сыллар бүтэһик кэмнэригэр Петербург университетыгар үөрэнэ сылдьан Неустроевы сирэй билсибитим
50-с сыллардаахха Арҕаа Сибиирдээҕи дэхси сиринэн устар Объ өрүскэ олус бөдөҥ гидроэлектростанцияны тутуу бырайыага киллэриллэ сылдьыбыта. МНА ФГ
6 этии #
Нууччалыы Один-два раза в год, очень редко, изредка
Этиилэр
Сыл баһыгар-атаҕар
сылга биирдэ-иккитэ, өр буола-буола, хаһан эмэ Дойдутугар сыл баһыгар-атаҕар сылдьан ааһааччы.
Кириллин арыыга эдэр эрдэҕинэ үөскээбит сир эҥин диэн соччо тардыспат буолара, сыл баһыгар-атаҕар күдээринэ соҕус санаан аһарара. Софр. Данилов. Манна -- сыл баһыгар-атаҕар дэҥ кэриэтэ биир эмит туора киһи сылдьан ааһааччы. ХС
Сыл (дьыл) таҕыс
быстарбакка, өлбөккө-сүппэккэ, этэҥҥэ кыһыны туораа.
Перезимовать.
Бу табалартан биири эмэ өлөрөрө буоллар, быйыл туох да буолбакка сыл тахсыа эбиттэр. Эрилик Эристиин Кини өссө быйыл дулҕата да, былаҕа да суох сыл тахсыа. Н. Заболоцкай
Өссө холобурдар (1)
Өйдөрүн, сүбэлэрин холбоон олордохторуна, ууну-хаары суурайан сыл тахсыахтара. Н. Босиков
Сыл таһаар
ынах сүөһүнү, сылгыны аһатан-сиэтэн, көрөн-харайан кыһыны этэҥҥэ туорат.
Обеспечивать перезимовку; продержать, прокормить всю зиму (обычно скот).
Чэ, оҕоҕо-дьахтарга дылы, тугун ньаҕайдаһа олоруохпутуй? Ынаҕы үстүү, борооскуну балтараалыы сыл таһаартаан кулу. Амма Аччыгыйа Хата аҕа кылына аах икки сүөһүнү босхо иитэннэр ааспыт кыһын ынахтарын барытын сыл таһаарбыта. Болот Боотур
Өссө холобурдар (1)
Сүөһүнү сыл таһаарыаҕы от тиийбэт, дьону өллөйдүөҕү ас тиийбэт кыһалҕата тирээбитэ. Софр. Данилов.
Сылы туораа
сыл таҕыс диэн курдук.
Кураан буолла, сутуур алдьархайа тирээтэ. Сити кэмҥэ ити күөл барахсан хомуһун сиэн кини [саха] этэҥҥэ сылы туораата. Багдарыын Сүлбэ.
Сылын сыыйара
кыһын чугаһаан, халлаан тымныйан, тыалыран, от-мас хагдарыйан барар кэмэ, күһүн.
Осенняя пора, когда начинаются заморозки, увядание природы и дуют сильные ветры.
Сылын сыыйара чугаһаата
7 этии #
Нууччалыы Високосный год. [Гай Юлий Цезарь] саҥа дьылы кулун тутартан тохсунньуга көһөрбүтэ уонна ордук хонуктаах сыл систиэмэтин олохтообута
Этиилэр
Ордук хонуктаах сыл
түөрт сылга биирдэ кэлэр (366 хонуктаах) сыл "Кыым".
Сылы-сыллатааҕы
сыл быыһа суох төрөөбүт, икки сыл иһигэр утуу-субуу төрөөбүт (хол., оҕолор).
Погодок, погодки.
Ааныс Бористаах Машаны, оччоҕо сылы-сыллатааҕы быыкайкаан оҕолору көтөхпүтүнэн соҕотоҕун хаалаахтаабыта.
Н. ЛугиновЭдьиийим сылы-сыллатааҕы уолаттара, кус оҕолорунуу бытарыһан таҕыстылар. В. Иванов
Өссө холобурдар (1)
Сылы-сыллатааҕы биэстээх-алталаах ботоҕоно курдук уолаттар таһырдьаттан арахпаттар. Сэмээр Баһылай.
Төгүрүк сыл
оруобуна биир сыл, сыл устатын тухары.
Круглый год.
Өлбөтөхпүнэ, төгүрүк сылынан кэлиэҕим, өллөхпүнэ, үөрүм ытаан ааһыаҕа, иккилээх оҕо саҕа барҕан дьэс эмэгэт буолан этэ дьиэһийэн ааһыаҕа. Саха фольк Аны биир төгүрүк сылга диэри Көстөкүүммүтүн көрбөппүт дии.
Күндэ
Өссө холобурдар (1)
ДТС, тюрк. йыл, жыл, чыл, дьыл