Перевод с якутского
сыллаа
туохтуур
Нууччалыы нюхать
English to sniff
Ис хоһооно · 4
1 туохтуур #
Нууччалыы нюхать
English to sniff
табаҕы сыллаа нюхать табакto sniff tobacco
2 туохтуур #
Таптаан кимиэхэ эмэ муннугун даҕайан сытын ыл (сахалар тапталларын маннык биллэрэллэр, көрдөрөллөр)
Нууччалыы Прикасаться носом к кому-л., вдыхая его запах, нюхать (напр., в знак любви, дружбы – так выражают свои чувства якуты)
"Ыы, оҕом барахсан", – диэн Баһылай кыыһын төбөтүттэн бэрт минньигэстик "сыык" гына сыллаан ылла.
П. ОйуунускайМин санаабар, сыллыыр ууруурдааҕар киһи сүрэҕэр-быарыгар ордук минньигэстик нүөлүйэн киирэр. Далан Кэлиҥ, сыллаан ылаттыым! Үс кыыс кэлэн, үһүөн суулуу бүк түһэн биэрэллэр.
Суорун Омоллоон
Өссө холобурдар (1)
Өрүүнэ оҕотун кууһан ылан чанчыгыттан сыллаата
Күндэ
3 туохтуур #
Туох эмэ сытын билээри сытырҕаа
Нууччалыы Нюхать, обнюхивать
Оҕус ууну сыллаан көрөн баран, кэннинэн чугуруйбахтаата. Н. Заболоцкай Дурдам маһыттан саҥардыы тыллан эрэр мутукчаны ылан, "быдан бырастыы!" – дии санаан, сыллаатым
Суорун Омоллоон
4 этии #
Нууччалыы Нюхать пороху
Этиилэр
Буораҕы (буорах сытын) сыллаа
дьиҥ сэриигэ, ытыалаһыыга кытын Онон бу манна эрэ, Украина сиригэр, буораҕы аан маҥнай сыллаан эрэбин. Н. Кондаков. "Буораҕы сыллыаххын баҕардыҥ дуо?" – диэтэ кини [Кутузов] Пьергэ. Л. Толстой (тылб.). Буорах сытын адьас сыллыы илик элбэх эдэр уолаттар кэллилэр. С. Никифоров. Сыллаан да көрбөт кэпс. – ырааҕынан сөп түбэспэт, баппат (таҥас, атах таҥаһа уо. д. а. туһунан).
Не по размеру узкий, тесный, не налезает (об обуви, одежде и т. д.) (букв. даже нюхать не пытается).
Сыллаан да көрбөт сон түбэспит. Мин бачыыҥкабын мээрэйдэнэн букунастым. Букатын да сыллаан көрбөт бачыыҥка түбэспит. В. Ойуурускай