ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

сылаа

аат тыл

Нууччалыы усталость

English fatigue; tiredness

1 аат тыл #

Нууччалыы усталость

English fatigue; tiredness

  • айантан сылаа
    усталость с дорогиfatigue from travel
  • өй үлэтиттэн сылаа
    усталость от умственной работыfatigue from mental work

2 аат тыл #

Сылайыы, күүс-күдэх мөлтөөһүнэ

Нууччалыы Усталость, утомление

  • Дьулуурдаах ыарахан үлэ сылаата таайан, халыҥ от сабыылаах, тэстибэт отуу иһигэр кыһалҕата суох, сылаастык утуйан хаалаллар.
    Күннүк Уурастыырап
  • Мин суунан этим-сииним чэбдигирбит, сылаам ааспыт, саҥабар түспүт курдук этим.
    Далан
  • Харахтарын анныгар санаа-оноо, сылаа бэлиэтэ буолбут күөх күлүктэр түспүттэр
    Н. Лугинов

3 этии #

Нууччалыы У него прошла усталость (напр., от плотной еды, крепкого сна и отдыха)

Этиилэр

Сылаата таҕыста

тото-хана аһаан, дуоһуйа утуйан, сынньанан сылайбыта ааста Мачайар Баһылайга дьахтар бэйэтинэн, сымнаҕас гына, сылаата таҕыстын диэн, уҥа ороҥҥо орон оҥорон биэрдэ. Саха фольк. Эдэр дьон аһыы түстүлэр да, сылаалара таҕыста, тиҥ курдук буола түстүлэр. Н. Якутскай. Күнү быһа утуйбуппун да, сылаам адьас тахсыбатаҕын сөҕө санаабытым. С. Федотов. Сылааҕын таһаар кэпс. – сылайбыккын аһар (хол., үүттээх хойуу чэйи эбэтэр арыгы иһэн).

Разогнать усталость (напр., выпив чаю с молоком или немного вина).

  • "Хайыыбыт, сылаабытын таһаара таарыйа, чэйдээн барыахха дуу?" – Фёдоров дьонун диэки хайыста.
    М. Доҕордуурап
  • Ср. алт. чыла ‘утомление, усталость; дрема, дремота’

«С» буукуба