ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

ый-күн

Нууччалыы спасать, защищать, выручать кого-л.; быть защитником, заступником кого-л.

ый-күн буол (күн-ый буол) – алдьархайтан абыраа, көмүскээ, быыһаа

Нууччалыы Спасать, защищать, выручать кого-л.; быть защитником, заступником кого-л. (стать солнцем и луной)

  • Уолу букатын иэдэтиэҕин, хата, өлбөт быаҕа, тайаҕа тостон ый-күн буолбута.
    Н. Заболоцкай
  • Оҕонньор харбыйбыт күкээркэй моонньун дьүккүччү тутунна, көҕөрөн хаалбыт уоһун хаанньатан таһаарда, кэһиэхтээх куолаһынан: "Судаар! Күн-ый буол!" – диэхтээбитэ.
    И. Тургенев
  • Ый-күн курдук алтыһыахпыт фольк. – киһи эйэлэспэт кырыктаах өстөөҕөр саанан этэр тыла: хаһан эрэ син биир көрсүһүөхпүт, ол көрсүһүү ордук ынырык, кутталлаах буолуо. Θ Говорят непримиримому врагу с угрозой, что следующая встреча не сулит ничего хорошего (букв. сойдёмся [когда-нибудь] как солнце с луной). Ый-күн кырыата баҕайы түөлбэ. – ырыган, элбэхтик да аһаатар топпот, уойбат сүөһү. Θ Худая, тощая скотина (которая не только не отъедается, но и не набивает брюха, хотя бы и много ела). Син мэччийэр, аһыыр курдук да, ый-күн кырыата баҕайы баар дии. Ый-күн ыһыаҕа гын (оҥор) – тугу да кэмчилээбэккэ, ордорбокко бүтүннүүтүн ыһан-тоҕон, матайдаан кэбис, бараан бүтэр. Θ Раздавать все съестные припасы без расчёта и экономии; промотать всё имущество и деньги (букв. делать так, как это делается на празднике в честь Солнца и Луны), (фразеологизм связан с обрядом встречи лета. На весенних празднествах, устраиваемых в честь небесных божеств, якуты брызгали кумыс вокруг места игрищ). Чаарчахаан [Моҕус] этин эттээн ый-күн ыһыаҕа гынан ыһан кэбиспит.
    Саха фольк
Өссө холобурдар (3)
  • "Субу түүн эһэ кэлэн -- бурдукпун ый-күн ыһыаҕа оҥороро чахчы!" – диэн кини сулана турда.
    Н. Заболоцкай
  • Суордар булдун тырыта-хайыта тыытан, ый-күн ыһыаҕа оҥороллор.
    И. Федосеев
  • Ороспуойдар -- барыларын кыргыталаан, ураһаларын уматалаан, үөдэн-таһаан оҥорон, ый-күн ыһыаҕа гынан кэбистилэр. Сунтаардар ыл

«Ы» буукуба