Перевод с якутского
абыраа
аат тыл, туохтуур
Нууччалыы спасать, избавлять
English to save, to rescue
1 туохтуур #
Иэдээнтэн, алдьархайтан өрүһүй, быыһаан ыл
Нууччалыы Спасать, избавлять (от беды, гибели)
Һуу! Өллүм да өллүм... абырааҥ..! Ийэккэм оҕотоо, өллүм... Аҕаккам оҕотоо, өллүм... Абытайбын да айаккабын... һуу!
П. Ойуунускай"Абырааҥ... Өрүһүйүҥ!" - диэн дьахтар, тимирэ-тимирэ көбөн, ууга чачайа-чачайа, хаһыытыыра күүһүрэн истэ. Т. Сметанин [Михаил:] Оҕонньоор! Хайа, аттааххын дуо, аҕала тарт! Миигин эккирэтэн иһэллэр. Аппын уонна доҕорбун өлөрдүлэр. Илиибин бааһыртылар. Абыраа! С. Ефремов
Өссө холобурдар (1)
Тэҥн. быыһаа, өрүһүй
2 туохтуур #
Көмөтө оҥор, үтүөтэ-өҥөтө оҥор; үтүө туһалаах өттүнэн тосхой (ардыгар үгэргээн, кыйаханан)
Нууччалыы Помогать, выручать, оказывать услугу; приносить большую пользу (иногда иронически)
Дьэ, кырдьаҕаас, кыһалҕа бөҕө кыһайан, эйиэхэ кэллим. Мотуорум биир биинтэтэ быһа баран хаалла... Абыраа, былыргыта ааттаах уус киһи илииҥ салааһына баар буолуо. И. Федосеев Хайа, эн аһаан абырыыр оҕоҕун дуу, суох дуу?
Суорун ОмоллоонХата, биһиги соргубутугар, быйыл дьыл уһаан, хаар түспэккэ абыраата
Л. Габышев
3 этии #
Абыраабычча абыраа - абыраатыҥ да өссө ситэри, тиһэҕэр тиийэ абыраа (көрдөһүү олуга) Дьэ, абыраабычча абыраа, өрүһүйбүччэ өрүһүй, дьиэҕэр-уоккар тиэрт. Аны эһигини уһуннук эрэйдиэм суоҕа, атын сиргэ халбарыйыам. Болот Боотур
Нууччалыы Помог, выручил, (но, будь добр) помоги, выручай до конца (формула настоятельной просьбы)