Перевод с якутского
быыһаа
туохтуур
Нууччалыы преграждать; перегораживать; разделять
English to obstruct, to block off, to separate
Ис хоһооно · 5
1 туохтуур #
Нууччалыы преграждать; перегораживать; разделять
English to obstruct, to block off, to separate
икки көлүйэ күөлү биир тиит быыһаабыт үһү одна лиственница разделила два маленьких озераone larch has separated two small lakes
2 туохтуур #
көр быыстаа I. Оол дулҕалаах кытаҕыттан, оруобуна быанан тардан, тоҕус буут сиринэ тоһоҕонон быыһаан биэриҥ! Күннүк Уурастыырап. Онтон, Марыыска хоһугар киирэн, кинилэри икки аҥыы быыһаан турбут истиэнэни суоруталаата, аан киэҥин кээмэйдээтэ. Дьүөгэ Ааныстыырап
3 туохтуур #
Туспа тут, туспа араар
Нууччалыы Держать отдельно, отделять
Астан быыһаан аһаабатах, таҥастан быыһаан таҥныбатах дьоммут. Эрилик Эристиин Кини миэхэ тоҕо аалынарый, куччаҥалаах буоллаҕына, бэйэтэ тоҕо тарбаммат? Ити буоллаҕына, кини ынахтарын соруйан халтаҥ сиргэ быыһаан мэччитиэм. М. Доҕордуурап Аспыт амтаннааҕын бэйэтигэр тардынара, быыһаан аһыыра И. Никифоров
4 туохтуур #
Туох эмэ кутталлаахтан, куһаҕантан кими эмэ өрүһүй, босхолоо
Нууччалыы Спасать кого-что-л. от чего-л. (опасного)
Алдьархайга түбэспит дьоннортон Тогойкин кэлбитин уонна ол дьону быыһыы охсорго туох дьаһаллары холкуос ылыммытын туһунан Тиитэп кэпсээтэ. Амма Аччыгыйа Ол эрээри ол бэлэм чаанньык, быыкаа быһыы килиэп сорох түбэлтэҕэ киһи олоҕун быыһыан сөп. Н. Заболоцкай Бу ырыа Уралы чиэрэстээн Улуукан Москваҕа тиийиэхтин, Батталтан быыһаабыт нууччаҕа Баараҕай баһыыба биэриэхтин! С. Васильев
5 туохтуур #
Буруйа суоҕунан аах, кырдьыгын таһаар
Нууччалыы Признать кого-л. невиновным, оправдать
Хайа, суут буруйа, айыыта суоҕу быыһаа ини. А. Софронов Миигин да халыҥ буруйбуттан, хараҥа айыыбыттан быыһаатыҥ, онуоха үөрэ-көтө турабын Ньургун Боотур