Перевод с якутского
хар
туохтуур
Нууччалыы испытывать затруднения при глотании, давиться
English to choke
Ис хоһооно · 4
1 туохтуур #
Ыйыстан испитиҥ барбакка күөмэйгэр туран хаал, моһуогур
Нууччалыы Испытывать затруднения при глотании, давиться
Хирург Г. Д. Ыларов тоһоҕоҕо харбыт оҕону, уустук эпэрээссийэни ситиһиилээхтик оҥорон, быыһыыр. Р. Баҕатаайыскай Арай биирдэ Хачча Сэмэн уҥуохха харан ыксал бөҕө буолла. Хомус Уйбаан. Бөдөҥ гына кырбаммыт эти, хойуу гына булкуллубут аһылыгы сиэтэҕинэ, нуорка оҕото харыан сөп ПГН НХҮөС
2 туохтуур #
Улаханнык долгуйан, айманан, саҥаран иһэн бөтөн хаал, сатаан саҥарыма
Нууччалыы Начав говорить, вдруг замолчать от сильного волнения, чувствуя, ощущая ком в горле
Микиитэ хомолтотугар харан, ыгылыйан олорон, хабылык хабан ыһыахтанна. Амма Аччыгыйа Киһитэ икки хараҕын уутун сотто-сотто, аат эрэ харата, иһин түгэҕэр, "убайым"… диэн иһэн эмиэ харан хаалла. П. Филиппов Бэрт өр хараҕым уутугар харан, кыайан кэпсээбэккэ олорбутум ХС
3 туохтуур #
Биир сиргэ мунньуллан хаайтаран, тохтоон хаал (хол., көмүөл мууһун туһунан)
Нууччалыы Задержаться в движении от скопления большого количества движущихся предметов (напр., о заторе льда)
Өлүөнэҕэ муус харбыта. Үөс Улахан арыы ыалларыгар куттал суоһаабыта. С. Дадаскинов Дьокуускайга кутталы үөскэтэр сир – Хаҥалас тумула. Бу тумулга муус хардаҕына, куораппытыгар куттал суоһуур. "Кыым". Хаҥыл өрүс Тиит Үрэх төрдүттэн үөһээ өттө харан турар Чолбон
4 туохтуур #
Иҥнэн тохтоо, бобулун, туран хаал (хол., туох эмэ оҥоһук хамсатан үлэлэтэр ис тутулун туһунан)
Нууччалыы Лишиться возможности двигаться, вращаться, заклиниться, застрять, дать осечку
Егор Килович ыга кыыһырбыта тута биллэр. Били кылабачыгас кыһыл паапка "молнията" харбытын бокуойа суох илгиэлиир.
Н. ЛугиновКыргыһара ыарахан буолбут. Аны туран бүлүмүөтэ харан хаалбыт, ыппат буолбут. В. Протодьяконов Сэрэнэн ииппэттэн буулдьа бинтиэпкэ уоһун ханаалыгар харан хаалар түбэлтэлэрэ баар буолар. ТСК Б. Ср
Өссө холобурдар (1)
ДТС хар ‘поперхнуться, подавиться’