Перевод с якутского
блок
аат тыл
Нууччалыы объединение государств, партий или группировок для совместных дествий, блок
English bloc
1 аат тыл #
Судаарыстыбалар, баартыйалар биитэр бөлөхтөр бииргэ дьайыыларын холбоһуга
Нууччалыы Объединение государств, партий или группировок для совместных дествий, блок
Сэриини күөртүү сатыыр Америка ол-бу блоктары, союзтары тэрийэн, хараҥа былаанын олоххо киллэрэ сатыыр. Софр Данилов
2 аат тыл #
Тутууга туттуллар, ыараханы көтөхтөрөргө аналлаах судургу оҥоһук (киини тула эргийэр төгүрүччү суолахтаах көлүөһэ)
Нууччалыы Простейшее грузоподъемное устройство на стройке (в виде вращающегося на оси колеса с желобом)
Улахан ыарахаттары көтөхтөрөргө уонна сыҕарытарга дьоннор блогу, төһүүнү, харчааханы былыр-былыргыттан тутталлара. ПАВ Ф-7. Блокка иилиллибит быа икки өттүгэр иһити баайан өрө-таҥнары соһорбут И. Бочкарев
3 аат тыл #
Тутууга аналлаах бетон кирпииччэ биитэр бүтүн истиэнэ буолар кэлимсэ тутуу матырыйаала
Нууччалыы Бетонный кирпич или размером со стены цельный строительный материал
Билигин дьиэни биирдии кирпииччэнэн туппаттар, эрдэ дьапталлыбыт кирпииччэ блоктарынан туталлар. ЮГ КХЭ ДьС. Өссө неолит бириэмэтин саҕана святилищены сүүнэ улахан таас блоктарынан тутары ордороллоро. ДьДьДь. Өрөспүүбүлүкэ тутууларын бөдөҥ панель, блок курдук тутаах матырыйаалларынан хааччыйаллар. “ Кыым