ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

боп

туохтуур

Нууччалыы закрывать путь чему-л., воздвигая преграду (напр., течению реки), или мешать каким-л. способом ходу (движению) чего-л.

English to forbid, to prohibit

Ис хоһооно · 7

1 туохтуур #

Туох эмэ ханан эмэ барарын (сүүрдэрин), ааһарын эбэтэр хамсыырын, тахсарын бүөлээн тохтот

Нууччалыы Закрывать путь чему-л., воздвигая преграду (напр., течению реки), или мешать каким-л. способом ходу (движению) чего-л. (напр., останавливая кровотечение)

  • Аны өлгөм уулаах Ботомоойу үрэҕин уон миэтэрэ үрдүктээх буор быһытынан бобон, бу үрэх уутун хоту диэки халытыахха наада.
    П. Егоров
  • Онтон мин Элиэнэ эбэккэм сүүрүгүн Болгуо муус билигин боптор да -- тиллиэҕэ, Уоттаахтык ууруоҕа күлүмнүүр күндүл күн; Күр мууһа көтүллүө, күйгүөрэ сүүрүөҕэ. Эллэй. Тэҥн. боп

2 туохтуур #

Ким-туох эмэ көҥүлүнэн сылдьарын, куолутунан буоларын хаай эбэтэр тугунан эмэ киһи көҥүлүн тууй, былдьаа

Нууччалыы Лишать кого-что-л. возможности свободно двигаться (напр., заковывая) или ограничивать чью-л. свободу, останавливать что-л., а также притеснять, закабалять кого-л

  • Бу атаҕастаан-баттаан төгүрүччү бобон эрдэхтэрин көр эрэ.
    Суорун Омоллоон
  • Манчаары Баһылай Чоочо бары дьону барытын араас суол сүүйүүлээх кэпсэтиинэн боборун, кыайарын өйдөөбүт
    МНН

3 туохтуур #

Тугу эмэ оҥорору эбэтэр туохха эмэ тугу эмэ туттары көҥүллээмэ

Нууччалыы Запрещать какое-л. действие, деятельность или делать запрет на использование чего-л. в чем-л

  • Билигин үрүҥ эһэни бултааһыны саамай сөпкө боптулар.
    И. Федосеев
  • 1912 с. “Саха саҥата” сурунаал аҕыйахтык тахсарын кытта, ыраахтааҕы былааһа боппута. СТС. Сэрэхтээхтик сырыт. Кыраныыссаҕа соҕотоҕун сылдьаргын бобобун
    Н. Якутскай

4 туохтуур #

Тугу эмэ тууйан-хаайан тохтот, тумнар

Нууччалыы Подавлять что-л., проявление чего-л

  • Ол эрээри саатыаххыт ээ. Мин эбэм ырыатын син кыайан бобуоххут суоҕа!..
    Суорун Омоллоон
  • Эн бэл урут, төһө эмэ күүстээх эрдэххинэ, мин санаабын кыайан боппотоҕуҥ.
    С. Ефремов
  • Туруорбут сорукпутун толорорбутун, Туруммут дьулуурбутун, тугу оҥорорбутун Туох да боппот, тохтоппот дьонобут.
    Күннүк Уурастыырап
Өссө холобурдар (1)
  • Тюрк. боҕ, бо

5 этии #

Тыынын боп - кими-тугу эмэ, көҥүлүн былдьаан, аҥаардастыы баһылаан ыар батталга киллэр Ол да буоллар [фашизм] билигин Арҕаа Европаны тыынын бопто, сүрэҕин ыбылы тутта,_ _ куораттарыгар түрмэ эркинэ уйбатынан ыар ынчыгы олохтоото. Суорун Омоллоон

Нууччалыы Подчинив кого-что-л. полному своему господству, подвергать жестокому притеснению; порабощать

6 этии #

Тыынын боп туохт. -киһи-сүөһү хабарҕатын сатаан тыыммат гына бүөлээ эбэтэр бобо тут; тыынын хаай Буруо киһи тыынын бобор курдук хойуу. Халыйар хаана тыынарын бопто. Баал Хабырыыс

Нууччалыы Перехватывая или сдавливая горло, лишать кого-л. возможности дышать; душить

7 #

ааһын күүһүрдэр эбиискэтэ, бо-, боо- диэн саҕаланар олохторго сыстар, боп-бокур, боп-бороҥ, бору-боллоҕор

Нууччалыы Препозитивная усилительная частица прилагательного, присоединяемая к основам, начинающимся со слогов бо-, боо-: боп-бокур “очень кривой”, боп-бороҥ “совсем серый”, бору-боллоҕор” “пухленький (напр., о губах ребенка)”

  • Алларанан аргыйбатын диэн бору-богдоччу (сыһ.) иһин түгэҕинэн, тирбэҕэнэн ыга тардынан, курдуу бааммыт этэ.
    И. Федосеев
  • Бору-бостуой (сыһ.) манна кэлэммин, төһө эмэ дойдубар ыҥыра сатаабыттарын үрдүнэн
    И. Находкин

«Б» буукуба