Перевод с якутского
ах
аат тыл, туохтуур
Нууччалыы останавливать
English (of blood, rain, etc.) to stop
Ис хоһооно · 5
1 туохтуур #
Нууччалыы останавливать
English (of blood, rain, etc.) to stop
самыыр ахта дождь прекратилсяthe rain stopped
2 туохтуур #
Сүүрбэт, тохтубат буол; тохтоо, ханнан хаал (ардах, хаан туһунан)
Нууччалыы Переставать (о дожде), прекращаться (о кровотечении)
Самыыр ахта. Хаанын хаарынан саба туттан аҕа сатаабыт да, тохтооботох. ХС Украинаҕа кыргыс дьыллар Аймаһыйан аастылар. Халааннырар сааскы уулар Аарыгыран ахтылар Күн Дьирибинэ
3 этии #
Нууччалыы Внезапно, вдруг замолчать, замолкнуть
Ах бар -эмискэ саҥата суох бар, им-дьим буол Даайа, ойоҕоско астарбыт киһи курдук, соһуйан, ах баран, саҥата суох олорбохтоото. А. Софронов Саҥа ордук хотуулаах тылы булаары гыммыттыы, иккиэн ах баран турдулар. Амма Аччыгыйа Бу мунньахха мустубут дьон бука барылара апка ылларбыт курдук ах баран олордулар.
П. Ойуунускай
Өссө холобурдар (6)
Ырыа, хормуоска тыаһа, быһа тарпыттыы, эмискэ ах барар. М. Доҕордуурап Ах бэрдэр - наһаа долгуйан саҥаҕыттан мат, саҥата суох буол. Θ Терять способность говорить (от сильного волнения). Арсен икки чабырҕайа кэйиэлээтэ. Трибунаҕа кэлэн баран, ах бэрдэрэн турда. А. Федоров Дьэбдьиэ ах бэрдэрэн олорбохтоото. Болот Боотур Сэмэнчик, ах бэрдэрэн саҥарбакка, кэнниттэн эрэ көрөн хаалла. Эрилик Эристиин Ах гын - эмискэ таалан хаал (долгуйан, куттанан). Θ Внезапно замереть (от волнения, страха). Ити мичээртэн мин хайдах эрэ ах гына түстүм, сүрэҕим нүөлүйэн ылла. С. Никифоров Дьон ах гынна. Инникилэр сууллан түстүлэр, сорохторо туруйалаан бардылар. Н. Павлов
4 аат тыл #
Аһыйбыт амтан, хос амтан
Нууччалыы Привкус, горечь, прогорклость
Ахтаах арыы. Ахтаах сыа. Ахтаах арыытын Аҕатыттан кистээн Аҕалар буолла Эллэй
5 #
саҥа алл. Дьиктиргээһини, сөҕүүнү, куттаныыны уо. д. а. көрдөрөр
Нууччалыы Выражает удивление, восхищение, испуг и т. п. [Петя] Ах, аны өссө биирдэ бырастыы гын, Манечка!
Ах, Ирина! Сэгэрим, хантан маннык тиэтэйдиҥ? П. Тобуруокап [Михаил убайыттан төттөрү ыстанар] Ах, оннук эбит дии! Эн миигин итинник суолунан быыһаары гыммыт эбиккин дии, ону мин өйдөөбөккө үөрэ истибиппин С. Ефремов