ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

сытыган

аат тыл, даҕааһын

Нууччалыы гниль, тухлятина

Ис хоһооно · 6

1 аат тыл #

Куһаҕан сыттаах туох эмэ сытыйан буорту буолбута

Нууччалыы Гниль, тухлятина

  • Анныларыгар баар көлүйэ сытыганынан аҥылыйа турар ойбонугар ынахтары уулатан таһаарар.
    Амма Аччыгыйа
  • Маар бадараан сытыганынан эрэ тунуйааччы. М. Горькай (тылб.)
  • Биирдэ киэһэ Силлибит Уос сытыган табаҕы тарда-тарда, ойоҕор кэпсиир.
    Күндэ
Өссө холобурдар (4)
  • [Королева] Элизаны сирэйин сытыган сыттаах мааһынан оҕунуохтаабыта, баттаҕын үрэйбитэ. Х. Андерсен (тылб.)
  • Сытыйбыт сыттаах. Θ Гнилой, тухлый, смердящий, зловонный. Сытыган ойбону көрөн өйдөөн тохтуу түстэ.
    Амма Аччыгыйа
  • Итии салгыҥҥа сытыган от сыта муннуларыгар сабыта биэрэр.
    Н. Якутскай
  • Мин, хотон билии аанын тэлэйэ көтөн, сытыган сыттаах хотон иһигэр баар буола түһэбин
    Р. Кулаковскай

2 аат тыл #

Кэхтии, төннүү, хаалынньаҥ сүөргү быһыы-майгы, оннук быһыылаах-майгылаах дьон

Нууччалыы Порок, обратная, теневая сторона чего-л.; порочный, безнравственный человек

  • Маҥнайгы өрөбөлүүссүйэ ыраахтааҕы монархиятын туох баар сытыганын, быдьарын арыйан көрдөрбүтэ.
    В. Ленин
  • Үспүкүлээннэри, аҕабыыттары, онтон да атын сытыганнары бэрт тиэтэлинэн көһөрүү саҕаламмыта. СССБТ. Ааптар улугурбуту, эргэни, сытыганы кытта хорсуннук уус-уран айымньы көмөтүнэн охсуһууга турунуута хайҕаллаах
    ХС
  • Таах, ууга быраҕыллыбыт сытыган дүлүҥ курдук сүүрүк хоту таҥнары уста туруохпун баҕарбаппын.
    Н. Габышев
Өссө холобурдар (1)
  • Көлүкэ, өрүс чуумпу хомотун эбэтэр үрүйэ түгэҕиттэн тааста эбэтэр сытыган маста хостооҥ.
    ББЕ З

3 даҕааһын #

Куһаҕан, амырыын сыттаах

Нууччалыы Вонючий, с отвратительным запахом

4 даҕааһын #

Ууну наһаа оборон сытыйбыт, эмэҕирбит

Нууччалыы Прогнивший от избытка влаги

5 аат тыл #

Хаалынньаҥ, кэхтибит, сүөргү

Нууччалыы Отсталый, безнравственный, порочный

  • Биһиги обществобыт иннин диэки сайдар суолугар урукку олох сытыган майгытын тобохторуттан кыайан босхолоно илик дьон мэһэйдэһэллэр.
    Амма Аччыгыйа
  • [Староверов] ойууннааһын бу эстээри гыммыт олох биир саамай сытыган дьэбэрэтэ буоларын быһааран биэрдэ.
    И. Гоголев
  • Дьэ, оччоҕо, Ол сытыган оборчоҕо Хаһааҥҥа диэри Хам батыллан олоробут бу биһиги
    Кыым

6 этии #

Сытыган тэллэй бот. – кубархай маҥан өҥнөөх, сэлээппэтин ис өттө пластинкалаах олус дьааттаах сиэммэт тэллэй Дэҥҥэ тахсар да буоллар, саамай ыараханнык киһи сытыган тэллэйи сиэн сүһүрэр. Г. Угаров.

Нууччалыы Бледная поганка

Этиилэр

Саамай дьааттаах

сытыган тэллэй. КЗА АҮө. Сытыган эрбэһин бот. – уһун умнаһын үөһээ өттүгэр оҕуруоланан үүнэр араҕас мөчөкө сибэккилэрдээх, сиэрэйдиҥи от күөҕэ өҥнөөх, адаархай лабаалардаах, сытыган сыттаах сыыс от.

Полынь.

  • [Бэһиэлэйэптэр] киэҥ тэлгэһэлэригэр сытыган эрбэһин торолуйан үүммүт.
    Амма Аччыгыйа
  • Кэмэ биллибэт үгүс сылгы сүөһүлэрэ аараабыт киэҥ тэлгэһэлэригэр аны сытыган эрбэһин ыга анньан тахсар.
    Н. Якутскай
Өссө холобурдар (2)
  • Хаһааҥҥыта эрэ ыаллар олоро сылдьыбыт өтөхтөрө сытыган эрбэһининэн бүөлүү үүммүт.
    Р. Кулаковскай
  • Ср. ДТС йыдыҕ ‘смердящий’, тув. чыдыҕ ‘тухлый, вонючий’

«С» буукуба