ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

кыдьыгыр

туохтуур

Нууччалыы от избытка сил, энергии зажечься желанием чем-л. заняться; дурачиться, озорничать от избытка "дурной" силы, энергии (о молодых людях). [Сыллай] туста сылдьар икки бөҕөскө ойон тиийэн, икки ардыларыгар харыларын батары биэрэн баран, туора хаһыйталаата уонна биир-биир хам баттаталаан кэбистэ

1 туохтуур #

Күүһүҥ-уоҕуҥ батарбакка тэбэнэтир, тугу эмэ гыныаххын күүскэ баҕар, үлүһүйэн туран оҥор

Нууччалыы От избытка сил, энергии зажечься желанием чем-л. заняться; дурачиться, озорничать от избытка "дурной" силы, энергии (о молодых людях). [Сыллай] туста сылдьар икки бөҕөскө ойон тиийэн, икки ардыларыгар харыларын батары биэрэн баран, туора хаһыйталаата уонна биир-биир хам баттаталаан кэбистэ

  • Кыдьыгырдаҕа үһү!
    Амма Аччыгыйа
  • Туймаада быйаҥнаах хонуутугар от охсоллорун суохтаан, ахтан эттэрэ-хааннара кыдьыгырбыт, бугуһуйбут Түмэрэй Бөҕө уолаттара саха хотуурунан киирэн охсон тэлэкэлээн барбыттара.
    Далан
  • Хатылы [киһи аата] кыдьыгыран, киргили кытта сырсара үһү
    Р. Кулаковскай

2 туохтуур #

Туохха эмэ олус үлүһүй, баҕар (үксүн куһаҕаҥҥа)

Нууччалыы Питать страсть, пристраститься к чему-л. (особенно к дурному, плохому). [Арыгыга] Кырдьаҕастыын кыдьыгырдылар, Эдэрдиин имэҥирдилэр, Көрсүөлүүн көҕүйдүстүлэр, Мэниктиин мэҥийдилэр

  • Кыһыл көмүспүт Кыдьымахтанан көстүбүтүгэр, Кылааннаах түүлээхпит Кырыытынан кыстаммытыгар Кыраныысса улаҕатыттан Кыйаар сирдэртэн Кыдьыгыран иҥсэрбиттэр
    Е. Иванова

3 туохтуур #

харыс т. Сыстыганнаах ыарыынан ыарый; ыарыыга сыһын (сүөһү туһунан)

Нууччалыы Заразиться, страдать какой-л. заразной болезнью (о домашнем скоте)

  • Сүөһү дьүүкээрэн, кыдьыгыран барбыта
    ХС

«К» буукуба