ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

сэниэлэн

туохтуур

Нууччалыы набраться сил, энергии, заиметь достаточно сил для чего-л

туохтуур

Тугу эрэ гынар кыахтан, кыаҕыр, күүһүр

Нууччалыы Набраться сил, энергии, заиметь достаточно сил для чего-л

  • Уолчаан, сыаны хаба тардан ылан, тииһинэн хадьырыйбыт, сии охсон кэбиспит, хараҕа сырдаабыт, сэниэлэммит.
    И. Гоголев
  • Кэлин дьиэтигэр сынньанан арыый сэниэлэннэр даҕаны ыар ыарыы суола дьүһүнүгэр билиҥҥэ диэри баар.
    Н. Лугинов
  • Уот улам сэниэлэнэн күүгүнүү умайда.
    А. Фёдоров
Өссө холобурдар (1)
  • Сиккиэр сэниэлэнэн кэлбитигэр бааһына иһэ нуоҕалдьыйан долгуннура түстэ
    ХС

«С» буукуба