ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

дьирибинээ

туохтуур

Нууччалыы трепетать, мелко дрожать, биться

Ис хоһооно · 4

1 туохтуур #

дьүһ. туохт

  • Күөрэгэй чыычаах көтөн дьирибинээтэ.
  • Турууруктуу-турууруктуу эргийбэхтиир Туруйакам лоҥкуната эҕэрдэлиир, Күннэриккэ-күдэриккэ тимирбэхтиир, Көмүһүгүм-күөрэгэйим дьирибиниир
    П. Тобуруокап

2 туохтуур #

Түргэн-түргэнник тэлибирии-илибирии хамсаа

Нууччалыы Трепетать, мелко дрожать, биться

3 туохтуур #

Салгын хамсааһыныттан, күн уота оонньууруттан дьиримнээ, дьэргэлдьий (долгун, дьэргэлгэн, күн уотун, дьүкээбил туһунан)

Нууччалыы Сверкать, переливаться, рябить, ронять отблеск, бликовать (о волнах, мираже, полярном сиянии и т. п.)

  • Күн уота бүлүүһэлээх чэйтэн тэйэн истиэнэҕэ дьирибинээтэ.
  • Чычаас көлүкэ уута сиккиэртэн да дьирибиниэ, Мэник тыалтан эрэһэлэниэ, Уоскуйуо онтон тута.
    Р. Баҕатаайыскай
  • [Тоҕой сэлэ] хотойо тэнийэр хочотугар дьэргэлгэн түһэн дьирибиниир, кураан күҥҥэ туҥат кыыспахтаан ылар.
    Л. Попов
Өссө холобурдар (1)
  • Улдьурхай чочуонай чорооммор Саарбабыт кылаана сандаарар, Дьүкээбил төлөнө дьирибиниир, Бүлүү ГЭС уота мичиҥниир
    М. Ефимов

4 туохтуур #

Күлэ-үөрэ, мичилийэ түргэн-түргэнник ис киирбэхтик саҥар-иҥэр

Нууччалыы Говорить быстро, тараторить в радостном возбуждении от избытка положительных чувств

  • Күлэн-оонньоон күлүмүрдээн, этэн-тыынан дьирибинээн Туран-олорон туллуктанан бардаҕына, Туналы маҕан күммэр Тутуһуннара толкуйдуубун Туртайаана доҕордуурбун
    Өксөкүлээх Өлөксөй

«ДЬ» буукуба