ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

сытынньаҥ

аат тыл, даҕааһын

Нууччалыы гнилушка. [Эһэ] сымалалаах ытыһын Сытынньаҥҥа даҕайда, Сыстыбыты барытын Салаан, салбаан амсайда

Ис хоһооно · 5

1 аат тыл #

Сиргэ сытан, сиигирэн, эмэҕирэн эрэр мас

Нууччалыы Гнилушка. [Эһэ] сымалалаах ытыһын Сытынньаҥҥа даҕайда, Сыстыбыты барытын Салаан, салбаан амсайда

  • Тараас тиийэн кэлбитэ Бучумаан биир биллибэт киһилиин сытынньаҥ үрдүгэр олороллор эбит.
    И. Никифоров
  • Василий саһыл хаана тохтубут суолун батыһан, -- сытынньаҥы нөҥүөлээн иһэн өлө сытарын булла!
    ХС
  • Сытынньаҥ дүлүҥ син умайыа суоҕа.
    Амма Аччыгыйа
Өссө холобурдар (2)
  • Уот кытыытыгар сытынньаҥ тиит төрдө кыһалҕата суох аргыый буруолуу сытта.
    С. Никифоров
  • Уккунньахха анаан сытынньаҥ маһы таһан өрөһөлөөтө
    Чолбон

2 аат тыл #

Туох эмэ микробтар көмөлөрүнэн үрэллибитэ, сытыйбыта

Нууччалыы Продукт, подвергшийся гниению, органическому разложению, распаду

  • Хортуоппуй туорааҕа сытыйар, дьөлүттэлэнэр. Туораах иһигэр эргиччи хараарбыт сытынньаҥ үөскүүр. САССР КСХКҮү. Киһи-сүөһү таһаарар хаалынньаҥнара, мас-от төрдүгэстэрэ уонна сытынньаҥнар микробтар көмөлөрүнэн үрэллэн, сиргэ симэлийэллэр.
    СЕТ ҮА
  • Бу эдэр-сэнэх эрдэҕиттэн билбит сытынньаҥ хаайыыларыгар, сымыйанан баайсан, умса анньан кэбистилэр.
    Е. Неймохов
  • Ааспыт сытынньаҥ кэм оботтоох дьэбэрэтин тэпсилгэнэ тус олоҕор, кэргэттэригэр оспот сүрэх бааһын хаалларбыта
    Чолбон

3 аат тыл #

Олох хаалынньаҥа, өй-санаа сатарыйыыта

Нууччалыы Пережитки старого, моральное разложение

  • Биһиги эргэ олох сытынньаҥын утары харса суох охсуһааччылар баартыйаларабыт, оттон харса суох охсуһууга ыччат куруук бастаан киириэҕэ. В. Ленин (тылб.)

4 даҕааһын #

Сытыйбыт, дьүдьэйбит, эмэҕирбит

Нууччалыы Гнилой, испортившийся, разложившийся

5 аат тыл #

Кэхтибит, төннүбүт, хаалынньаҥ

Нууччалыы Гнилой, прогнивший, разложившийся

«С» буукуба