ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

ахан

Нууччалыы с прилагательными выражает самую высокую степень признака

Ис хоһооно · 7

1 #

(аххан) эб

  • Эдэригэр улгум ахан уол оҕо эбитэ буолуо.
    Амма Аччыгыйа
  • Ньукуус устар ууну сомоҕолуур уус тыллаах ахан киһи.
    В. Протодьяконов
  • Башкирия үс үөстээх Өлүөнэ эбэ барахсантан, эчи, ыраах аххан.
    С. Тарасов
Өссө холобурдар (1)
  • Үллэ-түллэ турар Үгүс-элбэх аххан Уйгу-быйаҥ туругурбут
    П. Ойуунускай

2 #

ааһыннары кытта бэлиэ үрдүк, саамай үрдүк кэрдииһин көрдөрөр

Нууччалыы С прилагательными выражает самую высокую степень признака

3 #

тары кытта бэрт дэҥҥэ туттуллан, кинилэр суолталарын саҥарааччы бэйэтэ күүһүрдэн этэрин көрдөрөр

Нууччалыы Редко употребляясь с наречиями, выражает субъективное усиление их значения говорящим

  • Киһибит туспа ахан отууламмыт.
  • Чэбдик кэрэ бараан түүн оргууй аххан араҕас ими саба тутта
    Суорун Омоллоон

4 #

уур формаларын кытта хайааһыны оһуобай күүстээхтик, кичэйэн, уһуннук, хатылаан оҥоһулларын курдук күүркэтэн-күүһүрдэн көрдөрөр

Нууччалыы С глагольными формами выражает эмоциональное усиление действия в том плане, что оно делается с особой силой, долго, многократно и тщательно

  • Порфирьевич кырдьык сирэйэ-хараҕа ыаһыран, дьиппиэрэн ахан олорор.
    Н. Лугинов
  • Дьэ, кэпсэтээри аххан турабын. Софр. Данилов. Улуу Кудулу муорам Өрө үллэҥнии аххан Олорор эбит! Ок-сиэ, оҕолоор!
    С. Зверев
  • Нохоо, туох буоллуҥ? Эмээхсиҥҥин таптыыр аххан этиҥ дии!
    Амма Аччыгыйа
Өссө холобурдар (1)
  • Сарсыарда эрдэттэн урукку таҥара дьиэтин диэки аттаах да, сатыы да тиэстибитэ аххан. “
    ХС

5 #

тыллары кытта: а) саҥарааччы эмоциональнай сыһыанын, сөҕөн-хайҕаан сыаналыырын көрдөрөр

Нууччалыы С именами существительными: а) выражает модально-эмоциональное отношение говорящего, преимущественно его восхищение, восторженную оценку предмета речи

  • Күн аххан оҕото буолбут.
    ХС
  • Дьокуускай кэрэ кэскиллээх, Куорат ахан буолуо, сэгээр.
    ХС
  • Кини өссө сиппит-хоппут, киһи аххан түөрт кырыылааҕа буолбут.
    Р. Кулаковскай
Өссө холобурдар (2)
  • б) ардыгар предмет элбэҕин көрдөрөр (бөҕө). Θ Иногда выражает множество предметов. Киһи аххан сылдьар да, кыһаммат.
    Амма Аччыгыйа
  • Күөл ортотугар кус аххан мустубут. “
    ХС

6 #

Солбуйар ааттары кытта (сүнньүнэн сирэй солбуйар ааттары кытта, ону да, сэдэхтик тут-лар) эмоциональнай күүһүрдүү, сөҕөр-махтайар сыһыаны көрдөрөр (бэйэлээх)

Нууччалыы С местоимениями выражает эмоциональное усиление, восторженное отношение говорящего (употр. в основном с личными местоимениями и то довольно редко)

  • Эһиги аххан дьон бүгүн тугунан дьарыктанаҕыт? Оччо ахан сөхпүтүн өйдөөбөппүн.
  • Оҕустар хааннааҕынан түҥнэри көрөн турдахтарына, кинилэр ахан буоллахтара дии
    Н. Заболоцкай
  • I-гы сирэйгэ турар сирэй солбуйар ааттары кытта туттулуннаҕына, киһиргэнии дэгэттэнэр. Θ Употребляясь с личными местоимениями 1-го л. выражает оттенок самохвальства. Муҥутуур Мутуктуур Тарбааскын мин аххан буоллаҕым.
    Амма Аччыгыйа
Өссө холобурдар (1)
  • Эриэккэс бэтиэхэ Дьикти кубулҕат Хатан дьаарай Табах диэн Мин аххан буолабын
    С. Зверев

7 этии #

Нууччалыы Непросто, нелегко, не шутка

  • Манан ахан буолбатах - чэпчэки, кыра, боростуой буолбатах Билбэккэ сылдьан сууттанар, харчыны төлүүр манан ахан буолбатах.
    М. Попов
  • Уонтан эрэ тахса киһи 30000 буут таһаҕаһы кытылга турар ыскылааттан борохуокка киллэрэн кыстыыллара манан ахан үлэ буолбатах. Н. Якутскай

«А» буукуба