ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

бэйэлээх

Нууччалыы выражает эмоциональное усиление конкретного признака и качества предметов, употребляясь с различными прилагательными и…

Ис хоһооно · 7

1 #

эб

  • Нап-нарын, быычыкаа бэйэлээх, эдэркээн кыыс сүүрэн кэллэ.
    ХС
  • Төгүрүк иһигэр будьурхай бэйэлээх эрбэһин үүнэн лөглөйөн тахсыбыт.
    Р. Кулаковскай
  • Ыкса кэлэн баран өйдөөн көрбүтүм, хата, тэптиргэ туһахха маҥан бэйэлээх иилиллэн биэтэҥнии турар.
    Р. Баҕатаайыскай
Өссө холобурдар (15)
  • Хайа, уонна, сибиинньэтэ диэн, кууруссата диэн, быһата, быр бааччы бэйэлээх ыал.
    Р. Кулаковскай
  • Айыы бэйэлээх айылҕам Маннык муҥутуур уйгутун Муҥур үйэбэр көрбөтүм
    И. Чаҕылҕан
  • Бу суолтаҕа сорох күүһүрдэр суолталаах (диэн, хаан, да уо. д. а.) эбиискэлэри кытта сэргэстэһэр. Θ В этом значении сочетается с некоторыми усилительными частицами (диэн, хаан, да и т. п.). Хаҥас болкуонтан хотун хаан бэйэлээх, толуукан диэн быһыылаах дьахтар үөһэттэн таҥнары кини диэки көрөн олороро.
    Н. Лугинов
  • Эриэккэс түүлээҕи үөскэтэҥҥин Эҥинэ да бэйэлээхтэри Иҥэринэн турдаҕыҥ диэммин, Эт сүрэҕим эймэнийдэ
    С. Зверев
  • Курдук диэн эбиискэлээх ааттары, тэҥниир холбоһуктары кытта эбэтэр ити эбиискэ түспүт түбэлтэтигэр тэҥниир суолта дэгэттэнэр. Θ Употребляясь с именами, сравнительными оборотами с частицей курдук или при опущении данной частицы приобретает оттенок сравнения. Кырынаас курдук бэйэлээх үп-үрүҥ, сүүнэ улахан кыыс ньохолдьуйар.
    И. Федосеев
  • Сыҥынаҕы өрө аспыт курдук бэйэлээх баай тайҕа толомон көтөрө улуутук туттан, хааман дуодалдьыйара. “
    ХС
  • Ардыгар элбэх ахсаан суолтата дэгэттэнэр. Θ Иногда приобретает оттенок значения множественного числа. Бу манна, Намҥа кэлэн баран, гостиницаҕа киирбитим - киһи диэн бэйэлээх үп-үллэҥнэс.
    И. Федосеев
  • Кыра кулуупка оҕо бэйэлээх ыга симилиннэ. “
    ХС
  • Ыйар, ыйытар, быһаарыылаах, быһаарыыта суох, түмэр, түмэр-буолбат солбуйар ааттары кытта хаачыстыбаны, кээмэйи чопчулаабакка ыйан күүһүрдэр. Θ С указательными, вопросительными, определительными, неопределенными, обобщительными, обощительно-отрицательными местоимениями усиливает качество, меру признака путем абстрактного указания. Ити бэйэлээх үөрэхтээх, үтүө киһиэхэ эргэ тахсыа буоллаҕа.
    П. Ойуунускай
  • Ханнык да бэйэлээх улуу артыыс сыанаҕа сырыы ахсын, долгуйа-долгуйа тахсар дииллэр. Софр. Данилов. Бу алдьархайдаах сэриигэ төһөлөөх маннык бэйэлээхтэр эчэйэн төнүннүлэр.
    Н. Заболоцкай
  • Биллэн турар, итинник бэйэлээх кэрэ кыыс сүрэҕин туппут уол уһулуччу дьоллоох буолуоҕа.
    ХС
  • Хайа бэйэлээх хатан сүрэхтээх дьахтар көстөн, бар дьон дьулайар сүөһүтүн атыыр оҕуһу быалыы-туһахтыы туруой?
    С. Федотов
  • Быһаарыы буолбут аат туохтуурдары кытта хайааһын оҥоһуллар тэтимин, кыаҕын эмоциональнайдык күүһүрдэр. Θ С формами причастий, выступающими в роли определения, выражает эмоциональное усиление действия со стороны его силы и частоты совершения. Кэлбит-барбыт бэйэлээх Кирилэлиир биэлсэри: “Кэрэ киһи!” - диэбиппин, “Киһи бэрдэ буолуоҕун - Киһиргэһэ бэрт”, - дииллэр.
    С. Данилов
  • Мунуон сатаммат, туома, бу үрэх тардыыта кини билэр бэйэлээх дойдута буоллаҕа.
    ХС
  • Киһи тылын истиэх бэйэлээх уол буолбатах. “
    ХС

2 #

Араас даҕааһын ааттары, даҕааһын суолтатыгар туттуллар тыллары кытта предмет чопчу бэлиэтин, хаачыстыбатын эмоциональнайдык күүһүрдэр

Нууччалыы Выражает эмоциональное усиление конкретного признака и качества предметов, употребляясь с различными прилагательными и со словами, выступающими в значении прилагательного

3 #

иирэ буолар, кини састаабыгар киирэр аат туохтуурдары кытта хайааһыны экчи бигэргэтии сиэринэн күүһүрдэр

Нууччалыы С глагольными формами, выступающими сказуемыми или в их составе, выражает усиление действия в плане категорического утверждения

  • Биһилэҕи, ытарҕаны Билиммэтэх бэйэлээх.
    Күннүк Уурастыырап
  • Кыыһа күүс үлэҕэ сыратын эһэрин сэмэлии сатыыр да, эдэр эт-хаан истиэх бэйэлээх буолбатах.
    У. Нуолур
  • Өскөтө, миигин үлэ биир идэтигэр үөрэппиттэрэ буоллар, ама, үлэлээбэт, баһылаабат бэйэлээх буолуо этим дуо?
    ХС
Өссө холобурдар (1)
  • Ол иһин, кини обургу үөнэ-күрдьэҕэтэ баппакка, ити былыр үйэ ааһан хаалбыты түбэһиэх ахтар бэйэлээх буолсу дуо?
    Н. Лугинов

4 #

тыллары, сорох сирэй, ыйытар, быһаарыыта суох, түмэр буолбат солбуйар ааттары кытта этиллэр предмеккэ ытыктаан, үрдэтэн, сөҕөр-хайгыыр дэгэттээх сыһыаннаһыыны көрдөрөр

Нууччалыы С именами существительными, некоторыми личными, вопросительными, обощительно-отрицательными местоимениями выражает почтительно-уважительное, возвышенное отношение говорящего к предмету речи с оттенком восхищения

  • Киһини ыҥырар-тардар, сүрэҕин сүүйэр эҥин араас сирдэр Орто Халыма бэйэлээххэ кэмнээх буолуохтара дуо?
    Н. Заболоцкай
  • Оҕо санаатын билбэккэ эрэ кэлэн, эн бэйэлээххэ тыл таһаара сылдьыам дуо.
    А. Софронов
  • Күн уотунан күүстэнэн, Этиҥ уотунан эрчимнэнэн, Эһиги бэйэлээхтэр Үөрэх бөҕөнү үрдэтиҥ!
    С. Зверев
Өссө холобурдар (2)
  • Үлэлээбэт дуу: кини бэйэлээх тоҕо тыаһа-ууһа иһиллибэтий? Софр. Данилов. Кинилэр бэйэлээхтэр кэрэ саас самаан сайыны аһаран, көмүс күһүн күрэниэр диэри күрэхтэспиттэр.
    Г. Колесов
  • Кэнэҕэһин даҕаны Ким да бэйэлээхтэн Кэхтибэт кэскиллээх _ _ Улуу дьон обургулар эбиттэр. “
    ХС

5 #

Мин, биһиги диэн сирэй солбуйар ааттары кытта арбанан-киһиргэнэн этиини көрдөрөр

Нууччалыы С личными местоимениями в первом лице выражает бахвальство говорящего. [Арыгы] Мин бэйэлээх Саалаах киһи харабылланан Дойду аайы чохчолонорум, Сир аайы кыстанарым

  • Мин бэйэлээҕи, өллөхпүнэ даҕаны үөн-көйүүр сиэ суоҕа.
    П. Ойуунускай
  • Биһиги бэйэлээхтэри Буулдьа булара, Сибиниэс да Ситэрэ биллибэт
    А. Софронов
  • Синонимнаһар диэтэх эбиискэни кытта сэргэстэһэн бу суолтата күүһүрүөн сөп. Θ Может сочетаться со своим синонимом-частицей диэтэх и более усиливать данное значение. Мин диэтэх бэйэлээх килбиэннээх киэҥ иэним итиннээҕэр буолуоҕу уйан уһаарар оҥоһуулаах
    Н. Павлов

6 #

Саҥарааччы үгэргээн-күлэн, сөбүлээбэккэ этэрин көрдөрөр

Нууччалыы Выражает иронию, отрицательное отношение говорящего

  • Ээ, оттон аҕалбакка, кини бэйэлээх [Микиитэ уол] туох улахан наадаҕа кэлбит үһүө?
    Амма Аччыгыйа
  • [Сайсары:] Тоойуом, мунчаарыма, - бу бэйэлээх өлөн куотуом суоҕа.
    Суорун Омоллоон
  • Тахсан ити бэйэлээх эһэҕэр көһүн, күтүөр!
    Амма Аччыгыйа
Өссө холобурдар (2)
  • Бардаххына бар! Маннык бэйэлээх Баарысынаттан матан Маккыраччы ытыахпыт Пакаа биллибэт!
    П. Тобуруокап
  • Чэй! Бу бэйэлээх тиэйии оккун сүөкээбэккэҕин итиннэ даллайан туруоҥ дуо?! Софр
    Данилов

7 этии #

Нууччалыы Такой хороший, прекрасный

  • Маа (мааҥы, мааҥыа) бэйэлээх - үтүө бэйэлээх, кэрэ Байбал маа бэйэлээх хап-хара куударатыттан, дьүдьэх оҕо ньуолах аһын курдук, сип-синньигэс күүкэнньик буолбут аҕыйах түү хаалбыт этэ.
    Д. Кустуурап
  • Мааҥы бэйэлээх хатыҥ чараҥым сэбирдэҕин тугу да тулуппатах, тимир тиистэммит аһыҥа супту уулаабыта, тэһитэ кэбийбитэ.
    Н. Босиков
  • Маа эрэ бэйэлээх биэбэкэйбин былдьаттахпын. Ньургун Боотур. Бии мааҥыа бэйэлээх Үрүҥ Аар тойонтон үөскээн баран, Туох маннык тосту-туора чугуччу түспүт бэйэтэй?!! П. Ойуунускай

«Б» буукуба