ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

бэйэ

аат тыл, солбуйар аат, даҕааһын

Нууччалыы тело

English body, nature, substance

Ис хоһооно · 7

1 аат тыл #

бэй. солб. аат

  • Бэйэм баран буллахпына, куһаҕан буолуо.
    Амма Аччыгыйа
  • Булбатах да иһин, бэйэ сирэй бара сылдьыбыта, көрдөөбүтэ кэм санааҕа да астык.
    Н. Заболоцкай
  • Куруһуогу “Народная воля”уопсастыба геройдара А. Желябов, С. Перовская бэйэлэрэ быһаччы салайбыттара
    П. Филиппов

2 аат тыл #

Хайааһыны соҕотоҕун оҥорооччуну эбэтэр хайааһыны оҥорууга кыттааччыны көрдөрөр

Нууччалыы Обозначает производителя действий, лично участвующего в действии

3 аат тыл #

Хайааһын дьайыытыгар быһаччы түбэһэр кими, тугу эмэ көрдөрөр

Нууччалыы Обозначает объект действия, который лично, непосредственно подвергался действию

  • Куоракка хомсомуол бэйэни сайыннарар үөрэҕэр улахан мөлтөх бэйэм киниэхэ [Арамааскыга] тиийдэхпинэ, улаханнык сэргэҕэлэтэр киһи буоллум.
    Амма Аччыгыйа
  • “Бэйэҕэ үлэлээбит аччыгый да буоллар минньигэс” диэн эмээхсин тыллара өйүгэр көтөн түстүлэр.
    Д. Токосооп
  • Уоскуй доҕоччуок, кытаанах да мүнүүтэлэргэ санааны түһэрбэт, бэйэни кыана туттар ордук
    П. Филиппов

4 аат тыл #

Ким, туох эмэ хайааһыны тастан төрүөтэ, сылтаҕа суох оҥорорун көрдөрөр

Нууччалыы Указывает на то, что лицо или предмет совершают действие сами по себе, независимо от внешнего воздействия

  • Табалар бэйэлэрэ ырааҕынан тарҕанан уччуйбуттара буолуохтара.
    Амма Аччыгыйа
  • Оһох бэйэтэ суулбут. “
    ХС
  • Бэйэ куобах.
Өссө холобурдар (2)
  • Оҕонньор буойарын быыһыгар мүччү туттаран, күөрэтэн таллахаччытан түһэрбит бэйэ көҕөммүн ылан тамнааттаата. ЧМА СБ. Биирдэ көрбүтэ - туһаҕар бэйэ куобах иҥнэн турар.
    Ф. Софронов
  • Бэйэ андаатар, үөскэ күөрэйэн тахсан, нөҥүө кытыы диэки устан сундулуйбута. “
    ХС

5 аат тыл #

тард. солб. аат. суолт. Предмет кимиэхэ, туохха эмэ сыһыаннааҕын көрдөрөр, ыйар, туох эмэ бас билиитэ буоларын ыйар

Нууччалыы Свой. Бэйэ итэҕэһин аһаҕастык билинии - хайҕаллаах суол. Софр. Данилов. [Юрий Семенович - Егор Кирилловичка;] Хамыыһыйа буоллун, туох да буоллун, барыта бэйэ дьонун анньан иһэҕин. “ХС”

6 даҕааһын #

суолт. Сааһын сиппит, улахан (көтөр-сүүрэр, кыыл тустарынан)

Нууччалыы Достигший зрелости, взрослый (о животных)

7 этии #

Нууччалыы Показывать, проявлять свой настоящий характер

Этиилэр

Бэйэ икки ардыгар көр бэйэ ыккардыгар

Бэйэ икки ардыгар эттэххэ, элбэх сыл эриллэммин, эргиэн ымпыгын-чымпыгын биллим. Болот Боотур. Бэйэ киһитэ (дьоно) - чугас доҕордуу истиҥ киһи (дьон).

Свой человек (свои люди).

  • Сааскыт тухары бэйэ дьонуттан кырбана, абааһы көрүллэ сылдьар аанньа буолуо суоҕа ээ, ону санаан көрүҥ эрэ.
    Амма Аччыгыйа
  • Наталья куолаһа!.. Чахчы киниэнэ!.. Оо, кэрэ да буолар эбит бэйэ киһитин саҥатын истэр.
    Н. Заболоцкай
Өссө холобурдар (8)
  • Мин манна эһиэхэ бэйэ киһитэ буоллум, барыгытын урууларым кэриэтэ саныыбын.
    Н. Габышев
  • Бэйэҥ баскын бэйэҥ билин - кимтэн да тутулуга суох буол. Быть самому себе хозяином, быть независимым, самостоятельным. Хабырылла сүөһү эҥин да биэриэ, оччоҕо, баҕар, дьэ бэйэҕит баскытын бэйэҕит билинэр ыал буолуоххут.
    А. Федоров
  • Бэйэҥ бэйэҕинэн - өйдүүр, билэр, бэрээдэктээх киһи эрээригин хайдах итинник быһыыланаҕын диэн этии. Как же вы сами (такой умница, а допустили просчет, наломали дров). Сэмэн Уйбаанабыс, ол бэйэҥ бэйэҕинэн хайдах буолан суос-соҕотоҕун оҕоҕун судаарыскайга үөрэттэрэҕиний?
    ХС
  • Бэйэтин билинэн - бэйэтигэр, бэйэтин кыаҕар, күүһүгэр эрэнэн. Надеясь на себя, не сомневаясь в своих силах, возможностях. “Ээ, чэ, киириэххэ даҕаны. Бэйэтин билинэн ыҥырда ини”, - диэн уоһун-тииһин чуубур гына соттубут.
    П. Ойуунускай
  • Бэйэтин биллэрдэ - кыахтааҕын биллэрдэ: куттаата, сэрэттэ, кэһэттэ. Давать жару, задавать баню. "Мүччү харбата илигинэ, далай иһигэр баар эрдэҕинэ, өрүһүйэн, холобур, бэйэни биллэрдэр сөп буолуо этэ", - диэн баран, сүүһүн көлөһүнүн соттон кэбистэ.
    Суорун Омоллоон
  • Бэйэтин иннин эрэ көрүнэр - бэйэтэ туһанарын, бэйэтэ үчүгэй буоларын эрэ саныыр. Думающий только о своих интересах, эгоистический. Бэйэтин иннин эрэ көрүнэр киһи бу дойдуга аанньа буолбат.
    Л. Попов
  • Бэйэтин туһугар - атыны кытта тэҥнээбэккэ сыаналаатахха. Сам по себе, безотносительно к кому-л. (напр., достаточно известная личность). Сэдьүк аҕата Олончо оҕонньор бэйэтин туһугар киэҥник биллибит киһи.
    Н. Якутскай
  • Бэйэтиттэн аһарынар - буруйтан-сэмэттэн куотаары, айыытын-харатын атын киһиэхэ түһэрэр, көлбөрүтэр. Валить (свалить) с больной головы на здоровую, с себя на других. Ити киһи бэйэтиттэн аһарынан буруйун миэхэ түһэрэ сатыыр: хара оҕус кини от тиэйэ сырыттаҕына, доҕолоҥнообута.
    ГНС СТСДТ

Бэйэ тыына бэйэҕэ харбас көр тыын тыыҥҥа харбас

Бэйэтэ да билбэккэ (өйдөөбөккө) хаалла - тугу эмэ өйгүттэн, көҥүлгүттэн, баҕаҕыттан тутулуга суох оҥор.

Делать что-л. самопроизвольно, помимо своей воли.

  • Яша кыыс диэки хайыһан көрбүтүн бэйэтэ да билбэккэ хаалла.
    ХС
  • Ол иһэн оҕустаах дьону ситэн кэлбитин бэйэтэ да билбэккэ хаалла.
    Д. Очинскай
Өссө холобурдар (3)
  • Бэйэ ыккардыгар (икки ардыгар) - киһи суоҕар, иккиэйэҕин олорон (эттэххэ), билсэр, уруулуу, доҕордуу дьон быһыытынан (кэпсэттэххэ). С глазу на глаз, в отсутствии других. [Баһылай:] Бэйэ икки ардыгар эттэххэ, кийиитим аны кэлэн даҕаны киһи быһыылаахтык олороро суох.
    А. Софронов
  • [Платонова:] Бэйэ икки ардыгар эмиэ тугун күрүчүөктэһиитэй?
    ХС
  • Бэйэ икки ардыгар кыраны баран кыҥкыйдаһыллыа дуо? Р. Баҕатаайыскай

«Б» буукуба