Перевод с якутского
бэйэкэлээх
Нууччалыы то же, что бэйэлээх
көр бэйэлээх (ордук эмоциональнай дэгэттээх, аҕыйахтык тут-лар)
Нууччалыы То же, что бэйэлээх (имеет больший эмоциональный оттенок, употр. редко)
Муҥ-сор суунаҕалаах, Муур-таар бэйэкэлээх Орто туруу дьаҕыл дойду диэн Оҥоһуллубута эбитэ үһү.
П. ОйуунускайАныгы оҕо барыта сымыыт курдук бэйэкэлээх. С. Федотов [Эһэ] ууну итиччэ таһыйа сырыттаҕына, туох бэйэкэлээх балыга кэлэн биэриэй. ДФС КК. Оттон гитаранан хайа да бэйэкэлээх тоҥ дууһалаах киһини уйулҕатын хамсатар гына энэлитэрэ-сыналытара.
Г. Колесов
Өссө холобурдар (2)
Эчи, муора бэйэкэлээх Эҕирийэр долгун сиэллээх Улаҕалаах дибилгэнэ Уоскуйбата. Р. Баҕатаайыскай Кини бэйэкэлээх [алмаас] Уулбут үрүҥ көмүс Умайар үрүмэтинии, Уоттана-күлүмүрдүү сыттаҕа П. Тобуруокап