Перевод с якутского
аҕын
туохтуур
Нууччалыы скучать, тосковать по ком-чем-л. (напр., по близким, родным, родным местам). - Төрөөбүт дойдубун, үөскээбит алааспын Бар дьоммун ахтабын
English to remember, to recall, to keep in mind
Ис хоһооно · 9
1 туохтуур #
Кими, тугу эмэ суохтаан чуҥкуй, санаарҕаа, эрэйдэн (хол., таптыыр дьоҥҥун, дойдугун)
Нууччалыы Скучать, тосковать по ком-чем-л. (напр., по близким, родным, родным местам). - Төрөөбүт дойдубун, үөскээбит алааспын Бар дьоммун ахтабын
Ахтабын доҕоччуок! - диир үһү дэһэллэр [Манчаары]. Амма Аччыгыйа Кинини мин илэ көрдүүбүн, Кинини мин түһээн көрөбүн, Суоҕугар бүтэйдии ахтабын, Баарыгар тылбыттан матабын. С. Данилов [Маайыс:] Бу ахтан тахсан баран, кыра оҕо курдук, аҕам эрэйдээххэ баттахпын имэрийтэрэ олорорум үчүгэй буолбат дуо? С. Ефремов
2 туохтуур #
Туохха эрэ болҕомтоҕун ууран, бэлиэтээ (үксүгэр таарыйа, туохха эрэ сыһыаран, даҕатан)
Нууччалыы Сказать, сообщать, вспомнив что-л., упоминать (обычно вкратце, вскользь), не обходить своим вниманием что-л
Ахтан аас. Кини эбээһинэстэриттэн саамай боччумнаах соҕустарыттан аҕыннахха, кини ынах хомуйар уонна тиэргэҥҥэ түптэлиир. Куонаан оҕонньор отуутугар өтөр-өтөр өйүө таһар. Н. Заболоцкай Кинилэр манна хаалар туһунан тоҕо эрэ хаһан да ахтан көрбөт этилэр. Софр. Данилов. Күн тахсыаҕыттан киириэр диэри бу кэри-куру алааска биир ааты араас амарах тылынан ахталлар И. Гоголев
3 туохтуур #
Бэйэҥ ааспыт олоххуттан тугу билбиккин-көрбүккүн, өйгөр туппуккун кэпсээ
Нууччалыы Предаваться воспоминаниям, вспоминать, делать воспоминания
Кутинскай М. И. ахтарынан, өлүөн иннинэ аҕай Неустроев хаайыы остуораһынан киниэхэ Лермонтов хоһооннорун кинигэтин кистээн ыыппыт. П. Филиппов Күн ылаар. Тыал, намтаа чараҥмар. Чуумпуруҥ, кырдьыбат чыычаахтар. Мин бүгүн ааспыты аҕынным - Силлиэрэн, дирбиэрэн ааспыты С. Данилов
4 туохтуур #
Урут аһыы үөрэммит аскын сиэххин баҕар
Нууччалыы Будучи лишенным привычной, любимой пищи, тосковать по ней. [Балбаара:] Оччоҕо күөрчэх оҥорон биэрэбин дуо?
Төрөөбүт аскын ахтыбытыҥ буолуо. Л. Попов Дьиэлэриттэн тэйбит, оҕолоруттан-кэргэттэриттэн арахсыбыт, бэйэлэрэ бу алдьархайга түбэспит дьон дьиэ аһын ахталлар. Амма Аччыгыйа Аҥаардас эт аһылыкка киирэн, бурдугу ахталларыгар аҥаардара буолбут Н. Заболоцкай
5 туохтуур #
Өйдөө, өйгөр тутан хаал
Нууччалыы Запомнить, сохранить в памяти, вспоминать, упоминать
Мин бэйэм даҕаны [сыманы] төһөнү да сиэтэхпинэ туоҕум да ыалдьарын ахтыбаппын. Уваровскай. Күн үтүөтүн ахтабын ПЭК СЯЯ
6 туохтуур #
Дьоҥҥо тугу эмэни санат, санатан эт
Нууччалыы Напоминать кому-л. о чем-л.; иметь в виду что-л
Мин иэспин киниэхэ ахтаар эрэ ПЭК СЯЯ
7 этии #
Нууччалыы Божества, постоянно покровительствующие людям и рогатому скоту Среднего мира (земли)
Этиилэр
Аанньа аҕын көр аанньа II
Оннооҕор, киһиргээн эттэххэ, күн судаар ыраахтааҕы, аанньа ахтан, миэхэ наҕараада ыытар. Н. Неустроев. Ахтар айыы миф. - Орто дойду дьонун-сэргэтин, сүөһүтүн-аһын араҥаччылыыр, уһаан-тэнийэн барыыларын түстүүр айыы (айыылар) Биһиги ахтар айыыбыт илэ Иэйэхсиппит, көстөр уоттаах Дьөһөгөйбүт анаабыт эбит. Ньургун Боотур. Биһигини хороҥ айыыбыт холбообут үһү, ахтар айыыбыт артыаллаабыт үһү. Одун биис оҥорбут үһү. Саха фольк. Ахтар айыыҥ араҕас илгэтин Уунан дугунан ылаҥҥын, Айаҕыҥ диэки анньан көрөөр - Ааһыаҥ-туоруоҥ суоҕа. П. Ойуунускай. Ахтар Айыыһыт миф. - Орто дойду дьоно ууһуу-тэнийэ туралларын араҥаччылыыр, түстүүр айыы.
Айысыт (богиня), покровительствующая, заботящаяся о благополучии, размножении людей.
Ахтар Айыыһыт аргыстаныҥ! Уордаах Дьөһөгөй оруолластын! Биһиктээх оҕону иэгэйэ бигээҥ! С. Зверев Хотун ойох кэпсэтэ кэллим. Ахтар Айыыһыппыт, эдьээн иэйэхсиппит Анаабыт анала оннук үһү...
П. Ойуунускай
Өссө холобурдар (2)
Эдьээн иэйэхсит эдьиийбит Илэ-бодо имэҥирбит эбит, Ахтар Айыыһыт аҕаспыт Ала чахчы дьалыҥнаабыт эбит.
Өксөкүлээх ӨлөксөйТюрк. саҕын
8 туохтуур #
Үнүн, түлүн (төрөөрү - ынах сүөһү туһунан)
Нууччалыы Тужиться во время родов (о животных, обычно о корове)
Ынах ахтан эрэр. Ахсыс ыйыгар ахтыбыт ПЭК СЯЯ
9 туохтуур #
, кэпс. Сыыйа тохтоон хаал, тахсыбат, сүүрбэт, тэстибэт буол (хол., баастан хаан)
Нууччалыы Переставать, прекращаться (напр., о крови из раны)
Бааһын хаана аҕынна. Тэҥн.: ах