Перевод с якутского
хаай
туохтуур
Нууччалыы кампания; пасти
English (of livestock) to drive, to herd
Ис хоһооно · 14
1 туохтуур #
Нууччалыы кампания; пасти
English (of livestock) to drive, to herd
сүөһүнү хааччахха хаай загнать скот в загонto drive cattle into a corral
2 туохтуур #
Нууччалыы оставлять без присмотра
English to leave unattended
кыра оҕону дьиэҕэ хаайан баран сырыт уйти, бросив малыша дома одногоto go and leave a small child at home unattended
3 туохтуур #
Нууччалыы задерживать; преграждать
English to detain, to block
4 туохтуур #
Нууччалыы мешать
English to interfere with, to infringe on or upon
5 туохтуур #
Нууччалыы запирать
English lock up, lock in
6 туохтуур #
Кими, тугу эрэ туох эмэ иһигэр киллэрэн, уган баран тахсыбат гына сап, хатаа
Нууччалыы Закрывать, запирать кого-л. где-л., загонять, заталкивать куда-л
Сүүрбэ сааһын туолуоҕутан ыла, Маайаны кэлэр-барар, хонор-сүктэр дьонтон саһыарбат, хаппахчытын иһигэр хаайбат буолбуттара. Н. Якутскай Андриан Корнилов тиэргэнигэр сүөһүлэри хаайбыттар. М. Доҕордуурап Дьиэҕэ ыт үрэрэ иһиллэр, ону түгэх хоско хаайдылар быһыылаах Чолбон
7 туохтуур #
Буруйдааҕы тутан, түрмэҕэ олорт
Нууччалыы Арестовывать, заключать под стражу, заточать кого-л. в тюрьму
"Илдьэн хаайан кэбиһиҥ!" – генерал Бурхалейы -- саабылатын өнчөҕүнэн хоҥоруутугар охсон чап гыннарда. Эрилик Эристиин [Лэкиэс:] "Былыр аҕаҥ даҕаны өрөпкүөмнээн сылдьан хаайа сылдьыбыта сөп". С. Ефремов Куорат полицията Манчаарыны булан, тутан ылан хаайан кээспит МНН
8 туохтуур #
Ким, туох эмэ суолун бүөлээ, суолугар туора тур эбэтэр тугу эмэ гынарын мэһэйдээ, харгыстаа
Нууччалыы Задерживать, останавливать кого-л., преграждать путь, препятствовать кому-чему-л.; загонять кого-л. куда-л
Ардах сырыыны хаайда. Оҕом хаппырыыстаан, үлэбэр барарбын хаайда. Биир түүн миигин сырҕан эһэ хаайан, аарыма улахан хатыҥҥа ыттан хоммутум. И. Сосин Арай ычык иһигэр ыта тайаҕы хаайан турар үһү. Улдьаа Харалы. Ууну хаайар икки ньыма баар: сири хаһан хоруу оҥоруу уонна быһытынан тохтотуу КПЫ
9 туохтуур #
Туох эмэ көҥүллүк буоларын, сайдарын, тарҕанарын тууй, боп
Нууччалыы Мешать, препятствовать чужой воле, создавать помехи кому-чему-л. в чём-л
Үтүө санаа, сырдык суобас кыра норуокка бэйэтигэр баар, ону тутан хаайыахтара суоҕа. М. Доҕордуурап Чэ, доҕоор, соҕотох оҕобут баҕатын хаайымыахха. М. Попов Мин өрүүтүн албын, хараҥа санаа кэрэни-сырдыгы хаайбатын туһугар охсуһабын БВВ ӨУоӨ
10 этии #
Нууччалыы Лишать возможности делать что-л., душить
Этиилэр
Тыынын (тыынын-быарын) хаай
ким эмэ тугу эмэ гынарын боп-хаай, хааччахтаа Лариса бу киһи тыынын-быарын хаайар ыар олохтон быыһанар, босхолонор суолу, киһилии олорор дьолу көрдүү сатыыр.
Софр. Данилов. [Киис Бэргэн:] Бараммат өстөһүү, бараммат атааннаһыы Най хара буруота мин тыыммын хаайар. И. Гоголев Тыыҥҥын хаайар хандалыга Көҥүл куолаһыҥ бөппөтө. Эллэй.
Хааччахха хаай (хаайтар) көр хааччах
Сотору билигин Хараҥа түүн хааччахха хаайыа. А. Софронов
11 этии #
Нууччалыы Стеснять, затруднять дыхание, душить (о чём-л.)
Этиилэр
Тыынын хаай
кыайан тыыннарбат гына боп-хаай, тыынын бүөлээ (тугу эмэ этэргэ) Маайа сүрэҕэ уолугар бүөлүү анньыллан, тыынын хаайар курдук буолуталыыр.
Күүстээх долгун арҕаһыгар Таисия Захаровна ытта сатыыр, тымныы уу иэдэһин таһыйар, айаҕар кутуллаары тыынын хаайар. Л. Попов Бырдах таба муннунан, айаҕынан туолан, тыынын хаайар. И. Федосеев
Өссө холобурдар (1)
Ср. монг. хаах ‘закрывать; преграждать; прекращать’
12 туохтуур #
Кимтэн эмэ тугу эмэ арахпакка көрдөс, ирдээ
Нууччалыы Приставать к кому-л. с просьбами, требованиями
Ол гынан баран, уол олус хаайбытын иһин, тылын быһа гымматаҕа. М. Доҕордуурап Ити бырадабыас Баанньа куоракка таһаҕаста киллэрэн кулу диэн хас да күнү быһа хаайбыта. С. Ефремов Ону ол диэбэккэ, дьиэлээх киһи үлтү хаайан, хааһаҕы астаран, табаҕыттан тардыбыт. Багдарыын Сүлбэ. Максимы дьоно кыыскын хаһан билиһиннэрэҕин диэн хаайбыттара ыраатта Күрүлгэн
13 туохтуур #
Олус ыксат, ыгылыт; кими эмэ куттаан ык-түүр
Нууччалыы Ставить кого-л. в неудобное положение, вызвать смятение; страшить, пугать кого-л
Уол киһитин охсоору хаайда. Оҕото ииктээри хаайда. Хабыр тымныы кыһыммыт Хаайа көтөн кэлбитэ. Күннүк Уурастыырап Биир бэйэм кырбаары хаайан туран, кини дьиэтээҕи сорудаҕын элбэхтик устан сойбоппут буолуохтаахпын В. Тарабукин
14 этии #
Андылыы хаай кэпс., түөлбэ. – киминэн эмэ тугу эмэ күһэйэн оҥорторо сатаа Киһитэ мунньахха тылла эт диэн андылыы хаайбыта. Кустук.
Нууччалыы Вынуждать, заставлять кого-л. выполнять что-л
Этиилэр
Муннукка хаай (ык) көр муннук
Мин таайбын аан бастаан муннукка хаайан, өрө көтөҕүллүүлээхтик этиибин саҕалыыбын. Далан Анарааҥҥылар муннукка хаайдахтарына, бэрэсидьиэммит кэлэн, кэлэр-барар үүппүтүн-хайаҕаспытын булларан барар. Н. Борисов
Өссө холобурдар (1)
Ити курдук, уоруйаҕы дакаастабылларынан муннукка хаайан, буруйун биир күн иһигэр толору билиннэрэн турабыт. ЕМП БС