ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

хара

даҕааһын, аат тыл

Нууччалыы чёрного цвета, чёрный

English black

Ис хоһооно · 8

1 даҕааһын #

Чох көмөрүн курдук өҥнөөх

Нууччалыы Чёрного цвета, чёрный

  • Салгын сиэн кубарыйбыт хара сатыын ырбаахытын уолугун тимэхтэрин төлүтэ тардыталаата. Софр. Данилов. Таас тоҕой кэтэҕиттэн сып курдук синньигэс уҥуохтаах, сыыйыллыбыт уһун хара суһуохтаах кыыс тахсан кэллэ.
    Т. Сметанин
  • Лаҕыра киртийбит хара былаатын уһугунан хараҕын уутун сотто олордо
    Күндэ
  • Саас кэлэн, хараҕа үктэнии саха киһитигэр былыр-былыргыттан күүттэриилээх да кэм буоллаҕа!
    И. Сысолятин
Өссө холобурдар (1)
  • Биирдэ күһүн, сир харатына, куорат дьонун кытары тайахтыы сылдьан, хайаҕа чубукуларга түбэстибит
    ХС

2 аат тыл #

Хаар түһүөн иннинэ эбэтэр ууллубутун кэннэ буор сир

Нууччалыы Осенью ещё не покрытая снегом, весной – после таяния снега – сухая чёрная земля

3 аат тыл #

саахымат., элб. ахс. Саахымакка хара өҥнөөх фигуралар уонна пешкалар

Нууччалыы В шахматах – чёрные фигуры

  • Үрүҥ хоруол балаһыанньата мөлтөх буолан, харалар хардары атааканы оҥорорго суоттаныахтарын сөп. КА СОоО II-III. Ити эрэ хаамыынан харалар партияны сүүйүүгэ тиэрдэллэр. НСС ОоО. Иккис партнёр хара фигуралары салайар. Олору биһиги харалар диэхпит
    ПВН СБК

4 аат тыл #

Киһи сатаан быһаарбат, хараҥа өҥнөөх туох эрэ

Нууччалыы Что-л. чёрное, тёмное

  • Аҕаа, ити ыйга туох харалара көстөллөрө буолуой?
    Н. Якутскай
  • Тиийбитим, хараларым наар баайылла сытар ыттар буолан истилэр.
    Н. Заболоцкай
  • Оол ханнык эрэ харалар күлүгүлдьүһэллэр
    Т. Сметанин

5 аат тыл #

харыс. т. Киһи

Нууччалыы Человек. Хараларым – дьонум. Өксөкүлээх Өлөксөй. Кэнэҕэс ити киһи киһи-сүөһү төрдө буолар дьоллоох хара буолуо эбээ, бука. Саха сэһ. I. [Булчут оҕонньор] Киһини – хара, сүгэни – киргил диэн талбытынан ааттаталыыр. Ити кырдьаҕас булчуттар үгэстэрэ үһү. Л. Попов

6 аат тыл #

харыс т. Эт, балык аһылык

Нууччалыы Пища, состоящая из рыбы, мяса

  • Хаһан сүөһү өлөрөҕүт? Эппит суох, күүстээх үлэҕэ сылдьар дьон хара сиэбэккэ иэдэйдилэр.
    Далан
  • Хараны да амсайбатах ыраатта. Хата үчүгэй аҕайдык ыгыччы буһаран сиэн бараммыт, мантан төннүөхпүт.
    Р. Кулаковскай
  • Сороххо бу хара суоҕар эт наада буолан эрдэҕэ
    П. Аввакумов

7 этии #

харата көр аат I. Микиитэ сыарҕа кэнниттэн аат эрэ харата саллаҥнаан иһэр. Амма Аччыгыйа. Ыттар күнү быһа хойуу хаары кэһэн, аат эрэ харата аалыҥнаһаллар. Н. Габышев. Үрдүнэн-аннынан аат эрэ харата үлэлээһин, хаачыстыбата суох бородууксуйаны оҥоруу табыллыбат. "Кыым".

Нууччалыы То, что добыто или создано тяжёлым трудом, потом и кровью (напр., имущество, состояние)

Этиилэр

Илии тутуурдаах, көр илии

  • Мин барахсан Сүөм түстүм, Харыс хааллым Илии тутуура суох, Өттүк харата суох.
    Саха фольк

Түөрт харахтаах хааннаах хара ыт көр түөрт

  • Түөрт харахтаах хааннаах хара ыт баҕайы, туохха бэһирэн эмиэ кэллэҕэй?!

Тыҥырах саҕа көр тыҥырах

  • [Батурин:] Дьэ, кыайан уйбат суолум буолаахтаатаҕа: тыҥырах да харатын саҕа көмөнү оҥорботтор, ол оннугар үөһэ, дакылааттыырга даллаҥнастар.
    В. Яковлев
  • Лейтенант Сергеева дьыаланы чуолкайдыырыгар дакаастабыла тыҥырах харатын эрэ саҕа.
    М. Попов

Үрүҥ тыын көр тыын II

Дьулуруйар Ньургун Боотур оҕоккойум! Мин суон тыыммын толуйдуҥ, хара тыыммын харыйдаатыҥ… Ньургун Боотур. Хара тыыммын халлайдаатын диэн, Хаанынан ытыы хаалбыта. П. Ойуунускай. Дойдутугар төннөн иһэр Дьокуускай атыыһытын Хайдыы үрдүгэр тоһуйан Хара тыыныгар туран, Үөмэ-үөмэ сүлүкүччүйэн ааспыта. С. Васильев. хара көлөһүн – 1) баар-суох күүһү-күдэҕи, сыраны эһэн туран ситиспит ситиһии Ити кини төттөрү-таары тиэйэр, бэрийэр баайа-мала барыта – саха дьадьаҥыларын хааннаах хара көлөһүннэрэ. А. Сыромятникова. Хара көлөһүммүн аахсан ылан иһэбин. М. Доҕордуурап. Сөмөлүөт Сталинградскай уобаластааҕы Бударинскай оройуон "Большевик" холкуоһун кырдьаҕас холкуостааҕа Василий Викторович Конев хара көлөһүнүнэн муспут үбүгэр оҥоһулунна. КИ АДББ; 2) элбэх сыра-сылба, күүс-сэниэ бараммыт дьүккүөрдээх үлэтэ.

Тяжёлый труд в поте лица (букв. кровавый чёрный пот).

  • Кирилэ кинээскэ үс сылы мэлдьи түүнүн утуйбакка, күнүһүн олорбокко хамначчыт сылдьан хара көлөһүммүн тохтум.
    П. Ойуунускай
  • Ол аньыыбын, буруйбун хара көлөһүммүнэн сууйаммын, санаам чэпчээбитэ алыс.
    Суорун Омоллоон
Өссө холобурдар (3)
  • Кураан дьыллар салҕанан бардахтарына, Лоҥкуудаҕа уу кэлбэтэ чахчы. Оччоҕо хара көлөһүммүт таах хаалыа дии саныыбын.
    М. Доҕордуурап
  • Клевета, ложное обвинение, очернительство кого-л. (букв. чёрная клевета). Маайа, хара балыыртан абаккаран, хараҕын уута кууран хаалар, куолаһа кытаатар.
    Н. Якутскай
  • Ыар баттал, хара балыыр, күүстээх көлөһүннээһин хара дьайын амсайбыта.
    И. Бочкарёв

Хара бараан

сааскы салгын сиэбитин курдук хара, харатыҥы (киһи сирэйин, этин этэргэ).

Темнолицый, смуглолицый, чернявый.

  • Уйбаан отуччалаах, уҥуоҕунан саар-тэгил, төгүрүк сирэйдээх, киһи иһигэр киирбэх, хара бараан киһи.
    А. Софронов
  • Кини [Сүөкүччэ] уҥуоҕунан намыһах. Хара бараан төгүрүк сирэйэ, сынан көрдөххө ис-киирбэх.
    А. Сыромятникова
Өссө холобурдар (1)
  • Дириэктэр Сутурукуоп диэн кыҥсыйбыт саҥалаах, чыначчы туттубут хара бараан кыра киһи, эрдэттэн суос бэринэн киирэр.
    И. Никифиров

Хара баранаак көр баранаак

  • Малааһына бүппүтэ кыраман буолла, тоҕо урут кэлбэтэххиний, хара баранаак.
    Н. Неустроев

Суох, сиэбэтэҕим,

нэһииччэ ыган саҥарда Болот.

  • – Оччоҕо хайаабыккыный, хара баранаак?
    Н. Заболоцкай
  • [Барахсанов:] Хара баранаактар, эһигини аҕынным да этэ.
    Н. Туобулаахап

Хара баһаам

олус элбэх, халыҥ, хойуу буолан, харааран көстөр.

Очень много, множество, тьма-тьмущая, видимо-невидимо.

  • Тэрээһин үлэтэ-хамнаһа хара баһаам, бүтүн оройуон долгуйар тутуута быһыылаах.
    В. Иванов
  • [Оҕолор] удьурҕайтан көтөрү-сүүрэри, киһини кыһан оҥорбуттара хара баһаам.
    ББ
Өссө холобурдар (5)
  • Хайа тэллэҕэр турар эн дьиэҕэр Хара баһаам суруктар кэлэллэр.
    ХС
  • Хара буор үөхс. – сааппат сирэй, нэгэй киһи. Бесстыжая морда. [Ыстапаанньыйа:] Хара буор, сааппаккын даҕаны, итинник быһыыгыттан!
    Н. Неустроев
  • Хара буор, киспэйэ сытыйаҥҥын, бу туох ааттаах бачча үлүгэр хойутаатыҥ?!
    Күннүк Уурастыырап
  • Ойуун олбуорун диэки ходьойон эрдэҕинэ, Сабардам өрө бардьыгыныы түстэ: – Хара буор, сэрэн!
    Болот Боотур
  • буору уоп – буору уоп диэн курдук (көр буор). [Чаачар] уола, аҕатын утумнаабатах, сытыы тыллаах-өстөөх киһи үөскээн иһэн, эрдэ сылла хара буору уобан абыраабыта. Софр. Данилов. "Быйылгы үрүҥ хаары туораабакка буору уобан хаал!" – диэн эмээхсин, кыыһыран, олус кыраабыт. МНН.

Хара быарым тулаайаҕа көр тулаайах

  • Оҕонньор көхсүн этитэн баран эттэ: "Мин оҕолорбун – нохтолоох сүрэҕим ытарҕата, хайҕахтаах хара быарым тулаайаҕын курдук саныыбын эбээт! Ньургун Боотур.

Хара дьай көр дьай III

  • [Улахан тыйаатыр] ханан даҕаны хара дьай, ыар санаа күлүгэ көстүбэтэх күлүмнэс дьиэ эбит.
    П. Ойуунускай
  • Билбиппит сэрии хара дьайын, Хаан тохтуутун, харах уутун, Аһыы-аба алдьархайын, Аҕа, убай суох буолуутун.
    Күннүк Уурастыырап
Өссө холобурдар (1)
  • Атаҕастабыл, сэмэ уонна хара дьай санаа өҥмүн-түүбүн бараата.
    Н. Түгүнүүрэп

Хара дьайдаах көр дьайдаах

  • Төрүүр оҕо уйатын Хара дьайдаах тыыппатын! Эдэр сүрэх тапталын Илбис хаана быспатын.
    Суорун Омоллоон
  • Оччоҕо мин күөгэйэр күнүм этэ. Дьэ [саллаакка] барар санаа суоҕа. Хара дьайдаахтар сэриилэрин сах сиэтин диирим.
    И. Бочкарёв
Өссө холобурдар (1)
  • Бэйэтин бары үөлээннээхтэрин курдук, Афоня үөрэхтээх киһи буолар сырдык ыралааҕа. Ону баара хара дьайдаах сэрии мэһэйдээбитэ. "Кыым".

Хара күлүктээх быһа хаампатын көр хааамп

Хара күүһүнэн

1) улахан эрэйинэн, туох да мэһэйи аахсыбакка.

Через силу, из последних сил (делать что-л.).

  • Оччоҕо аҕата кинини үөрдээри төһө эмэ хара күүһүнэн сүүрэн муҥнаммыт.
    Н. Лугинов
  • [Уйбаан:] Оҕонньоруҥ, хата, оттоомо диэтэххэ, өһүргэниэх быһыылаах. хара күүһүнэн оттуур.
    Р. Кулаковскай
Өссө холобурдар (1)
  • Кини хара күүһүнэн хараҕын симэ сатаабыта да, уута кэлэн быстыбатаҕа. Н. Габышев; 2) олоҕо суохтук. Возводя напраслину на кого-л., неосновательно.

Ходуулу көрбөхтөөтө

отун сиэбит, сарсыарда тахсыбыт буолуохтаах. Оннук "хара күүһүнэн" быһаара саныыр. А. Сыромятникова; 3) сыҥалаан-баалаан, күүс өттүнэн күһэйэн, моһуйан.

Насильно (делать что-л. навязывая кому-л. что-л.).

  • Ол уол аҕатыгар улахан биэрэр иэстээх этэ, онтон быыһанаары миигин хара күүһүнэн таҥараны, айыыны умнан туран биэртэ.
    Н. Неустроев
  • Мин дьиэлиирбэр Анна Андреевна эмиэ хара күүһүнэн суумкабар бородуукта укта. Софр. Данилов. Оччоҕо тыл ис сокуонун кэһэн туран, хара күүһүнэн рифма оҥоро сатааһын, ааҕааччы көрдөөн-көрдөөн булар рифмалара, муҥ саатар, аҕыйах этилэр.
    ХС
Өссө холобурдар (2)
  • Хара маһы хамсатар түөлбэ. – туох да дьарыга суох сылдьаргыттан эрэйдэн, муҥнан, тууйулун. Маяться, мучиться от безделья; быть в угнетённом состоянии. Ылымына, хара маһы хамсата олорор тойоҥҥо биир да киһи күндүтүк көһүннэ.
    М. Доҕордуурап
  • Хара накаас кэпс. 1) эрэйгэ, кыһалҕаҕа ылларан сордонуу, муҥнаныы. Адские муки (о ком-чём-л. трудном, в преодолении). Уһун ардах кэнниттэн суол наһаа алдьаммыт. Массыынабыт сотору-сотору батыллар. Хара накаас диэн манна буолла. НАГ ЯРФС II; 2) саҥа алл. сыһыан холб. Саҥарааччы туохтан эмэ кыйаханарын, абаккатыйарын көрдөрөр. Выражает сетование, негодование говорящего по какому-л. возмутительному поводу (букв. чёрное наказание).

Кыһыыта баар

билэбин, Билэбин эрээри, ону кыайан эппэппин.

  • Бу туох хара накааһай?!
    Н. Лугинов
  • Оо, дьэ, хара накаас! Сыллата аайы сыыйа аччаан, сүтэн, аҕыйаан иһэбит ээ.
    Н. Лугинов
Өссө холобурдар (1)
  • Туох хара накааһай, эрэйдэммиккэ остуойута суох!
    Н. Босиков

Хара ньуургун хаалларан туран көр хааллар

  • Хомуур кэмигэр тырахтарыыстар хара ньуурдарын хаалларан туран үлэлээн былааннарын сүүс бырыһыан толордулар.

Хара сарсыардаттан

сарсыарда буолуоҕуттан.

С самого утра.

  • [Павел] хара сарсыардаттан ыкса киэһээҥҥэ диэри дьиэтигэр көстүбэт буолбута.
    В. Яковлев
  • Хара сарсыардаттан ханнык эрэ хара күммүт үүммүтүгэр дылы.
    ХС
Өссө холобурдар (1)
  • Саас эрдэттэн сүппүт табаларбытын көрдүү хара сарсыардаттан халыҥ тайҕаны кэтэн айаннаан, таас үрүйэ кытыытыгар кэлэн тохтоотубут.
    А. Кривошапкин

Хара күлүктээх быһа хаампатын көр хаамп

  • Көрсүө сэмэй-бэйэҕин Хара күлүктээх быһа хаампатын Намыын-номоҕон бэйэҕэр Ньуолбар саҥнаах саантаабатын.

Хара санаа көр санаа II

  • Маннык сырдыкка, чаҕылга ханнык да хара санаа үөскүө суох курдук.
    Л. Попов
  • Күтүөт уонна кылын хара санаалара туолара чугаһаан, күлүктэригэр имнэнэллэр.
    Күндэ
Өссө холобурдар (1)
  • Бу туох буруйбутугар-аньыыбытыгар кини бу курдук өһөх хара санааланна, буруобутун сабарга турунна?
    В. Протодьяконов

Хара сордоох

1) кимиэхэ, туохха эмэ кыыһыран, кими, тугу эмэ мөҥүттэн, сэмэлээн этии.

Обращение к тому, кто огорчает (горе ты моё!).

  • Туох алдьархайыгар түбэһэн кэллиҥ, хара сордоох? Син ааныҥ боруогун атыллыыр күннээх эбиккин дии.
    Н. Неустроев
  • Хатыай, хара сордоох, тугу чаабыйдыыгын, үтүктэр өссө!
    А. Сыромятникова
Өссө холобурдар (3)
  • [Дьаамнаах хаһыытыыр:] Хара сордоох, тимирэн хаал! С. Ефремов; 2) дьоло суох, сорго сылдьар, эрэйи-кыһалҕаны көрө сылдьар киһи. Бедный, несчастный, многострадальный, мученик. Ат тардыытынан таһаҕастан Анаппатах Хара сордоох Мин баарбын.
    С. Зверев
  • Хара сордоох оҕонньору ханна мэнээк ыытаҕыт?
    Күннүк Уурастыырап
  • [Блуда:] Мин хара сордооҕу муҥнаабыттара, накаастаабыттара дөксө итэҕэс буолан, киһи тыына хаайтаран өлөр, эргиллэн тахсыбат сиригэр умса бырахпыттар буолб аат.
    Н. Туобулаахап

Хара сурук (кумааҕы) көр сурук

  • Эһиилгитигэр тиийэн утуу-субуу хара суруктара кэлбиттэрэ.
    Н. Лугинов
  • Оччолорго сэрии суоһар сонуннара кулгаах-харах ортотугар сылдьаллара. Үгүс ыалга хара суруктар кэлбит сурахтара күн аайы иһиллэ тураллара. Тумарча. Аҕам сэриигэ өлбүт, хара суруга кэллэ.
    В. Иванов

Үрүҥ сүүрүк көр сүүрүк II

"Үрүҥ хомурах" диэбитэ үргүүк үрүҥ сүүрүктээх дойду буолла; "хара халҕаһа" диэбитэ хаҥыл хара сүүрүктээх дойду буолла. Ньургун Боотур. Хара сүүрүгэ халыйан тахсыбытын, Хамчаакы тоҥуһа Хасты ытыалаан туран, Хардаҕас үтэһэҕэ Хатаан сиэбитин иннигэр, Ханныбат халыҥ сүүрүк Ханыыласпыт дойдута эбит. Д. Говоров. Хара сэрии түөлбэ. – хара баһаам, наһаа элбэх.

Бесчисленное множество, тьма-тьмущая.

  • Хара сэрии кус түһэн олорор. НАГ ЯРФС II.

Хара тураах туртайдаҕына

хаһан да буолуо суоҕа; буолбат суол буоллаҕына арай буолуо (хара тураах туртайбат, атыннык эттэххэ, буолуо суох буолбата биллэн турар).

соотв. Когда рак на горе свистнет (букв. если чёрная ворона станет белой).

  • Кэбис, ийээ, хаалары тыллаһыма. Ити киһи улаатыар диэри хара тураах маҥхайар ини.
    Н. Лугинов
  • Хаһан Дьааҥыттан ыйытыахха диэри Хара тураах маҥхайар ини.
    С. Васильев
Өссө холобурдар (4)
  • Быйылгы тамыйахтара ынах буоларын күүтэн, маска бааллан олордохторуна, хара тураах маҥхайыыһы.
    В. Гаврильев
  • Хара түөкүн үөхс. – сүүлүк, албын, уоруйах. Обманщик, мошенник, вор, проходимец (букв. чёрный мошенник). Бэйэҥ көҥүл өттүгүнэн барбат буоллаххына, мин эйигин кэлгийэн туран илдьиэм, хара түөкүнү.
    Н. Неустроев
  • "Төннүбүт төрүөх, албан ааты алдьаппыт хара түөкүн", – диэн үөхпүт.
    Амма Аччыгыйа
  • "Тохтооҥ, хара түөкүттэр, син биир ситэн, сискит үөһүн быһа тардыахпыт", – диир хаһыы мин кулгаахпар ити икки ардыгар сатараан ааста.
    Н. Заболоцкай

Хара тыыммын харыстаа көр тыын II

Субу дьорҕоот дьоннорунан Чурумчукуга Чупчуруйдаан Үрүҥ тыынын өллөйдүүр, Хара тыынын харыстыыр Сурук суруйбут эбит. Эллэй. Хара уунан кэпс. – аһа суох аһаабакка кылыгыр уунан эрэ.

На одной только воде (букв. сидеть на чёрной воде).

  • Кытарах ынаҕа суох, хара уунан кыстыыр дьон буоллахпыт.
    Болот Боотур
  • "Оҕонньоор, маннык хара уунан аһаатахпытына сотору хоргуйан өлүөхпүт суоҕа дуо?" – хоноһо чааскылаах уутун иһэ олорон, сирэйин мырдыҥнатта уонна сиргэ таҥнары тутан кэбистэ.
    Болот Боотур
Өссө холобурдар (2)
  • хаанынан ытаа – хаанынан ытаа диэн курдук (көр хаан I). Мутук уоттаан хатырык отуулаабыта: Хара хаанынан ытатан, Хандалы тимирдээбитэ, Хараҥа хаайыылаабыта.
    С. Зверев
  • Хабала бөҕөнөн хаайбыт Киһини хара хаанынан ытаппыт Дьэкиим Ньалбараанаптан ордук Хараҥа батталлааҕы көрбөтөҕүм.
    Саха фольк

Хара хапсык көр хапсык I

  • Быйыл хаартан хамыйах уу тахсыбакка, халлаантан таммах ардах түспэккэ, саас хаарын эрдэ уулларан баран, түөрт уон хонуктаах хатааһын хара хапсыгынан көрөн турда.
    Болот Боотур

Хара хапсыыр көр хапсыыр

  • Оттон халлаан, дьылын олус эрдэ эргитэн, аны хара хапсыырынан хаарыйталаата, тоҥорор идэлэннэ.
    И. Никифоров
  • Былыр биир саас, хара хапсыыр саҕана, Күөс Көкөөнөй диэн дьадаҥы киһи кыбыытыгар ото эстэн хаалбыт.
    И. Сосин
Өссө холобурдар (1)
  • Ол эрээри, улахан угут олус сэдэх.

Быйыл

хара хапсыыр саас.

  • "ХС".

Хара харах көрбөтөх, хаптаҕай кулгаах истибэтэх көр хаптаҕай

  • Онуоха туран хара харах көрбөтөх, Хаптаҕай кулгаах истибэтэх Дьикти тааспын Дьэ көрдүм эбээт.
    С. Зверев

Чаҕылыччы умайар Чачынньыарын анныгар

Хантан кээлтэ биллибэт – Арай, ынах ханнын саҕа, Хара харах көрбөтөх, Хаптаҕай кулгаах истибэтэх Хаарыан тааһа сытар эбит!

  • Эллэй.

Харах харатын курдук (тэҥэ) харыстаа

олус харыстаа.

Беречь как зеницу ока.

  • Ананий Золотовскай хас биирдии мүнүүтэни, хараҕын харатын курдук, харыстаан туһанар.
    М. Доҕордуурап
  • Биһиги иккиэн [тапталбытын] харахпыт харатыныы харыстыахпыт.
    П. Аввакумов
Өссө холобурдар (2)
  • Тиэхиньикэни харах харатын тэҥэ харыстаа, көлүнэр көлөҥ, миинэр миҥэҥ курдук көр-иһит, бүөбэйдээ диэн мэнээк эппэттэр.
    ЭК
  • Хара ыт хаадьыйа көр ыт II

8 этии #

хара тыа көр тыа. Хара тыа бастыҥ баайын бачча көрөн бараммын бултаспатахпына байанайым да хадьырхайаа ини. Р. Кулаковскай. Ол эрээри, ситэ сынньаммакка да эрэ, хара тыабар ханньары тартаран, эмиэ бултуу тахсан эрэр буолааччыбын. Күндэ. Баай хара тыа барахсан сэлиэһинэй кыһыл көмүс кылаатын көмө сытар. Ону хостуохха. М. Доҕордуурап.

Нууччалыы Болезнь растений, вызываемая почвенными грибами, когда на корнях и прикорневой части стебля появляются серо-свинцовые пятна с чёрными точками, ризоктониоз, чёрная парша

Этиилэр

Хара атах (ымынах)

хортуоппуй, хаппыыста, оҕурсу уо. д. а. үүнээйилэр умнастара аллараттан харааран, өлөн барар ыарыылара Арассаада үүнэр сирин салгына наһаа сииктээх буоллаҕына хаппыыста арассаадата хара атах ыарыынан ыалдьар. КММ ОК. Күл хаппыыста арассаадата "хара атах" буолбатын хааччыйар уонна эбии аһылык буолар. СГС ОАКЭ. Билигин биһиэхэ хортуоппуйга модьуун (парша) үгүс, хара атах диэн ыарыыларынан сутуллуу баар. "Кыым". Хара баттах зоол. – кытархайдыҥы хара баттахтаах, моонньо, өрөҕөтө, кутуруга маҥан, уорҕата болоорхой, тумса, атаҕа кыһыл хопто.

Чайка обыкновенная.

  • Күөл үрдүнэн хара баттах уонна тыыраахы көтөрдөр айманаллар.
    Амма Аччыгыйа

Хара буор

үүнүүлээх, өҥ сир, кунус.

Чернозём.

  • Хас биирдии хортуоппуйун түгэҕэр биирдии ытыс мээккэ хара буору укпут.
    Суорун Омоллоон
  • Снарядтар эстэллэр. Хара буор остоолболоро үҥкүүлүүллэр.
    Т. Сметанин
Өссө холобурдар (1)
  • Хара буору уонна ноһуому таһан тоҕус тыһыынча оҕуруот учаастактарын тэриннилэр. ПИО ТС. Хара дьабадьы зоол. – хара иэдэстээх, маҥан өҥнөөх хоту дойдуга олохсуйар куруппааскы. Тундренная куропатка.

Хара дьиэ көр дьиэ I

  • Биирдэ кэлэн кинээһин Байыаһай хамначчыттарын кытта хара дьиэҕэ чэйдии олорбут.
    Далан
  • Сэрэбиэй кэбистэрээри кулуба хара дьиэттэн хамначчыттарын хотоҥҥо үүрэн таһаарда.
    И. Гоголев
Өссө холобурдар (1)
  • Хотун соруйан, хара дьиэҕэ баар хамначчыттар иһиттиннэр диэбиттии, улаханнык хаһыытаата.
    И. Никифоров

Хара ис көр ис IV

  • [Ынах сүөһү] хара иһин тымныы ууга сууйа-сууйа тус-туһунан уурталыыллар. КЕФ СТАҮө. [Сылгы] хара иһин ырытан, ыраастаан баран муҥур ханныгар кутуйа уонна бэргэһэ ханнын симэн тоҥоруллар.
    АНП ССХТ

Хара көмүс

1) көр көмүс II. Саннын байаатыгар диэри түспүт хара көмүс курдук куударалаах аһа төбөтүн оройугар кулун кутуругун курдук өрө эриллэн таҕыста. Ньургун Боотур; 2) ньиэби, ньиэп саппааһын ааттыыллар.

Нефть, залежи нефти, чёрное золото.

  • Хардаҥ эһэ хаһыытаабыт халыҥ тыатыгар Хара көмүс ньиэби халыттыбыт дии биһи.
    Л. Попов
  • Экспердэр сабаҕалаан сыаналыылларынан, Бомбей таһыгар "хара көмүс" баараҕай саппааһа баарыгар эрэниэххэ сөп. "ЭК"; 3) таас чоҕу, таас чох саппааһын ааттыыллар. Каменный уголь, залежи каменного угля, чёрное золото. Туттулла турар Нерюнгритааҕы таас чоҕу хостуур разрез хайыы-үйэ хас мөлүйүөн туонна "хара көмүһү" дойдуга биэрдэ?
    ХС
Өссө холобурдар (2)
  • Хара мас түөлбэ. – бөдөҥ, тутууга барар тиит мас. Лиственничный строевой лес на корню. Ок-сиэ, ким манна бу курдук хара мастаах ийэ тыа үүнэн тахсан күнү-ыйы хаххалаатын диэн анаабыта буолуой?
    Н. Неустроев
  • Ол кини эһэтэ Дэгэйэр Көстөкүүн дэбилийэр дириҥ далай Нэлээримэ эбэ хотун хара мастаах халдьаайытыгар ыал буолан олорбута.
    С. Никифиров

Хара муоста көр муоста

  • Атырдьах ыйын бастакы күннэригэр кулууп хара муостата оҥоһуллан, үрдэ сабыллан, даҥа ыһыллан хоруобуйатын саайыыга киирдилэр.
    М. Доҕордуурап
  • Дьиэ хара муостатын үрдүнэн буор кутуллубатах.
    В. Протодьяконов
Өссө холобурдар (1)
  • Хара муостата суох тутуулары ис эргиирдэрин тухары буорунан сабараанньаланар. БГП-Дь ТСК.

Хара өлүү

араҥ ыарыы, хотугу өлүү.

Проказа, лепра.

  • Ол муҥнаах өлөр өлүү ынырыктаах соругар-муҥар ылларбытын да иһин, бар-дьонун хара өлүүнэн сутуйумаары болуотунан таҥнары устан иһээхтиирэ.
    С. Тумат
  • "Хара өлүү" Англияны кураанахтаабыта: дойду нэһилиэнньэтин үстэн биирэ өлбүтэ. АЕВ ОҮИ. Ол эрээри үс хаар анараа өттүгэр саамай ынырык быһыы тахсыбыта. Табаҕаҕа хара өлүү таҥнары сатыылаабыта.
    ХС

Хара паар көр паар II

  • Хара паары оҥорууну бурдук хомуурун кэнниттэн күһүн тиэрэрдээх булуугунан хорутууттан саҕаланар. САССР КСХКҮү.

Хара паар сүрүн соруга

сыыс оттору утары охсуһуу.

  • СОТ. Кураайы оройуоннарга кыһын хара паарга хаары типтэриллэр. КПЫ.

Хара самыыр көр самыыр

  • Күн аайы этиҥнээх хара самыыр ньиккирэтэр.
    И. Никифоров
  • Этиҥ этэр, чаҕылҕан чаҕылыйар. Хара самыыр харса суох суккуйар.
    И. Алексеев
Өссө холобурдар (1)
  • Эмискэ хара самыыр кутта, начаас ыккардыгар туох да көстүбэт буолан хаалла.
    ХС

Итэҕэй

соҕотох бэйэтэ былырыын үс сүүстэн тахса хара саһылы сельпоҕа туттарбыта.

  • Бу барарыгар ыраахтааҕы тойотторугар түөрт ат ындыыта саарбаны уонна хара саһылы илдьэн биэрбит.
    Эрилик Эристиин
  • Ньукулаас быйыл эмиэ холкуоһун иитиэх хара саһылларын аһылыгар анаан тайахтыы тахсар буолла.
    С. Никифоров

Хара сыыр

туруору үрдүк сыыр.

Крутой обрывистый берег, яр, обрыв.

  • Кини [Сиидэркэ] айаннаан сыҥнаран өрүс хара сыырын анныгар кэлбит.
    Р. Кулаковскай
  • Кинилэр үрдүк хара сыыры аннынан кэрийэ устан истилэр.
    Эрилик Эристиин
Өссө холобурдар (1)
  • Амма хара сыырын үрдүгэр кэлэн, ол-бу диэки көрүөлээтэ.
    ХС

Хара тордох курдук көр тордох I

  • Күөл кытыытыгар ынах сүөһү үөрэ мэччийэн, хара тордох курдук, ааллаһа сылдьар.
    М. Доҕордуурап
  • [Аһыҥалар] ууга үүнэн турар өлөҥ от аайы хара тордох курдук ыйаастан олороллор.
    В. Протодьяконов
Өссө холобурдар (1)
  • Өрүскэ хара тордох курдук элбэх киһи бөлөҕө көстөр.
    ИИФ УС

Хара түүлээх

1) көр түүлээх. Сыһыы муҥунан хара түүлээҕи үөрдүппүттэрэ; 2) түөлбэ. Күтэр, моҕотой курдук сайын бултанар түүлээх.

Пушнина летнего промысла, т. е. шкурки водяной крысы, бурундука и т. д.

  • Хара түүлээх кэлин адьас бултаммат буолан, аһара үксээн, ороскуоту оҥороро улаатта, ону кэнники оччо аахайбат да буоллубут. "Кыым".

Хара улар көр улар

  • Биирдэ эмэтэ хара улар тиит төбөтүгэр хантайан чолойон олороро көстөр.
    Н. Несутроев
  • Баай тыа саамай маанылаах көтөрө, хара улар бэйэтинэн көтөн тирилээн кэлээт, муҥураат мутугар түстэ.
    И. Гоголев
Өссө холобурдар (1)
  • Биир хара улары, үс куобаҕы туһахтарыттан ылан үөрбүттэрэ-көппүттэрэ сүрдээх.
    В. Титов

Хара уу I

буордаах уу диэн курдук (көр буор). Халдьаайы сирэйэ харааран, халыҥ хаар хара уу буолан халдьыгырыы уһунна. М. Доҕордуурап. Бааһына биэс-алта сылга саатар биирдэ хара уунан эбэтэр буордаах уунан нүөлсүтүллүөхтээх үһү. ЕВФ УуДК. "Хара уу кэлэрин кэтэһиэххэйиҥ", – диир Александр Константинович. "Кыым". Хара уу II бэт. – төрүүр сүөһү (ынах эбэтэр биэ) оҕотун хаатынааҕы уу.

Питательная жидкость, заполняющая защитную оболочку плода, околоплодные воды (у коров или кобыл).

  • Ньирэйи ийэтигэр салатар наада уонна хара уутун биэдэрэҕэ кутан ийэтигэр иһэртэххэ кэнэҕэскитэ кэбэҕэстик кэлэр. ГНИ СҮөТ. Онон төрөөбүт ынахха кини хара уутун иһэрдии кинини матка, бэриҥ ыарыыларыттан көмүскүүр. ТВС ССНьСЫа.

Хара үлэ көр үлэ

  • Манна ханнык эмэ, саатар, хара үлэни булан үлэлии хаалара буоллар, күннэтэ көрүө, кэпсэтиэ этэ! Н. Якутскай Тордоохоп, өтөрүнэн хара үлэни үлэлээбэтэх буолан, балачча тириттэ-хорутта.
    С. Никифоров
  • Оттон, кэм, үлэҕэ дьоҕурдаах, хара үлэ да буоллар, көрөн турбат оҕо олоххо бэйэтин суолун үксүгэр тобулунар. "Кыым".

Хара үлэһит

хара үлэҕэ, илии, быччыҥ күүһүнэн толоруллар үлэҕэ үлэлиир үлэһит.

Чёрнорабочий или человек, который занят физическим трудом.

  • Син биир хара үлэһит буолар киһиэхэ аҕыс да кылаас үөрэх сөп буолбат дуо?
    Н. Лугинов
  • Соҕуруу дойдуга баттыгас улахана баар эбит. Ону утары фабрика, собуот хара үлэһиттэрэ бииргэ түмсэн охсуһаллар үһү.
    М. Доҕордуурап
Өссө холобурдар (1)
  • [Семёнов:] [Үс сылга] алмаас баар сирин була иликпит. Онтон сылтаан хара үлэһиттэр уурайарга тыл көтөҕөн эрэллэр.
    Н. Туобулаахап

Хара хаптаҕас

моонньоҕон II диэн курдук.

  • Тыаҕа үүнэр отоннору: хара хаптаҕаһы, сугуну, отону, дьэдьэни о. д. а. сибиэһэйдии сиир ордук.

Күнтэн

ньыгыл таастарга Саҕар кыымнар саһаллар, Оттон хара хаптаҕас Оонньуур толбон дуйданар.

  • Бу хара хаптаҕастааҕар арыый курас соҕус амтаннаах, хоту дойду мородьунатын, төһө да тиэтэйэн истэр, Кууһума ымсыыра көрдө. Тумарча.

Харах харата

харах иччитэ.

Зрачок.

  • Кини сирэйин бааһа оһон, хаҥас хараҕын халтаһата хара мэҥнэнэр, хараҕын харатыгар үрүҥ эргэлэнэр.
    Н. Якутскай
  • Ньургун Боотур хараҕын харата: Күөх килбэҥэр кэрискэ мырааннар Үрдүк түөстэрэ толбоннууллар.
    Л. Попов
Өссө холобурдар (1)
  • [Грузин кыыһа] Харахтарын харатыгар Таптал кистэл уота тыгар.
    М. Лермонтов

Хара чэй

үүтэ суох чэй.

Чай без молока.

Өссө холобурдар (1)
  • Марба дьэс чаанньыгы остуолугар аҕалан, эригэр хара чэйи кутан биэрдэ.
    Күндэ

Хара ыарҕа

синньигэс, ньирээйи хатыҥ.

Берёзовый ерник.

  • Үс салаалаах ойуунан Үрэххэ оһуор анньан, Хара ыарҕа быыһыгар Хабдьы көтөр сылдьыбыт.
    С. Данилов
  • Онтон үөһээ өттө наар хара ыарҕанан, тамылҕаннаах дулҕанан бүрүллэн турар.
    М. Доҕордуурап
Өссө холобурдар (1)
  • Хагдарыйбыт сөкүлэр, эрбэһиннэр, хара ыарҕалар күһүҥҥү хаҕыс тыалга аргыый хамсыы, иэҕэҥнэһэ тураллар.
    ББ

Хара ыарыы

хара өлүү диэн курдук.

  • Арай мин айыы саҥнаах, Хара ыарыыга Хаптарбыт курдук, Үс үөстээх өргөн өтүүнэн Өрө кэлгиллэн, Өҕүйбэт сиргэ үөтүллэн Баран эрэбин.
    С. Зверев
  • Табабыт биттэммитин Таайбыт-билбит эрээрибит Халыҥ тыаҕа тахсаммыт Хара ыарыыга хаптардыбыт?
    П. Ламутскай
Өссө холобурдар (1)
  • "Убайбын хара ыарыы илдьэ барбыта", – оҕонньор былыргыны ыатара саныырын сөбүлээбэт да.
    В. Санги

Ыас хара

олус хара, туох да булкааһа суох хара.

соотв. чёрный, как смоль.

  • Кырыа кыырпаҕа сыстыбыт уһун кыламаннарынан кэрэлэммит ып-ыраас ыас хара харахтарынан кылаас диэки көрөөт, килбиктик мичээрдээбитинэн, ааһа турда.
    Амма Аччыгыйа
  • Тус хоту үөскээбит буоламмын, Ыас хара баттахтаах эбиппин: Хара тыам лабаатын ыламмын, Төбөбөр анньыммыт эбиппин.
    Л. Попов
Өссө холобурдар (1)
  • Ыас хара сирэйэ тириппитин туора соттор. "ХС"

«Х» буукуба