Перевод с якутского
хапсыыр
аат тыл
Нууччалыы холодная весна с ветром и снегом, после того, как сойдёт зимний снег, весенние холода
1 аат тыл #
Саас хаар ууллан бүппүтүн кэннэ халлаан тыалыран, хаарданан иккистээн уһуннук тымныйыыта
Нууччалыы Холодная весна с ветром и снегом, после того, как сойдёт зимний снег, весенние холода
Быһаас хапсыыр саҕана, ойоос отуттан биир сыарҕаны бэрсэн абыраан турар ээ. В. Миронов Холкуос ынаҕа да, сылгыта да сааскы хапсыыры, хаһаас оту сиэн, охтубакка мүччү түспүтэ. П. Аввакумов Мин кинилэри [сылгылары] улахан тымныыга, сааскы хапсыырга эрэ аһата түһэбин ХС
2 этии #
Нууччалыы Продолжительные весенние холода и засуха, вследствие чего земля долго остаётся чёрной, не покрывается зеленью
Этиилэр
Хара хапсыыр
саас хаар ууллубутун кэннэ халлаан кураанах тыалынан тымныйан, хонуу уһуннук көҕөрбөккө сытыыта Сороҕор хаар эрдэ баран ыам ыйыгар хара хапсыыр куттала суоһуур.
Сылгыһыттар дьэ ити моһоллору толору бэлэмнээх көрсүөхтээхтэр. ААИ ОБСЫҮ. Модуттар үчүгэй ситиһиилэрин биир суол кистэлэҥэ диэн сүөһүнү хара хапсыыр бириэмэтигэр ырыарбатахтара буолар. АГГ СУоД. Хара хапсыыр саҕана үөскээбит итинник ыарахан балаһыанньа үүт ыамыгар улаханнык оҕуста. "Кыым". Ср. монг. хабса ‘дуть (о сухом холодном ветре)’