Перевод с якутского
саас
аат тыл
Нууччалыы возраст.
English spring
Ис хоһооно · 12
1 аат тыл #
Киһи, харамай, үүнээйи төһө бириэмэ, хас сыл олорбута, үүммүтэ
Нууччалыы Возраст. Дракон маһа сааһынан биэс-алта тыһыынча сылга тиийэр диэн сорох үөрэхтээхтэр этэр эбиттэр. Суорун Омоллоон. Мин икки уол оҕолоохпун, биирдэрэ сааһа тоҕуһа, иккиһэ түөрдэ буолта. Эрилик Эристиин. // Киһи эбэтэр харамай хас сыл олороро, үйэтин уһуна. Продолжительность жизни человека или животного. Биһиэхэ билигин киһи сааһа ортотунан сэттэ уонтан лаппа таҕыста
2 аат тыл #
Киһи олоҕун хайа эмэ кэмэ
Нууччалыы Какой-л. период жизни человека (напр., о детских годах или годах молодости, старости); годы
Оҕо саас. Эдэр саас. Кырдьар саас. Үлэ сааһа. Н. К. Седалищев бэрт эдэр сааһыттан общественнай үлэҕэ кыттыбыта. Софр. Данилов. Кыра оҕо сааспыттан Кырдал күөҕэр хаампытым П. Тулааһынап
3 аат тыл #
Тардыылаах түһүктээһин сыһыарыы түһүгүн форматыгар сыһыат суолталанар: “үйэтигэр, хаһан да”; туохтуур буолбат форматын кытта ситимҥэ: “куруук, үйэтин тухары”
Нууччалыы В форме дательного падежа притяжательного склонения приобретает наречное значение: “никогда в жизни”; в сочетании с отрицательной формой глагола: “всегда, всю жизнь (напр., следовать правде)”. [Кэтириис:] Сааспар таптатан да, таптаан да көрө иликпин
Микиитэни аны сааһыгар илдьэ сылдьыа суох буолан баран, Дьөгүөрдээн дьиэтигэр төннөр. Амма Аччыгыйа Болугур оҕонньор үйэлээх сааһыгар хаста-хаста буурҕаҕа ылларда, хаар анныгар сытта, өлө сыста этэй. Н. Якутскай Өрүс саллар сааһыгар ылбатах арыыта Н. Заболоцкай
4 этии #
Нууччалыы У человека сокращается жизнь под влиянием чего-л. (напр., тяжёлого труда, лишений и т. п.)
сааһа сарбыллар кэпс. - туохтан эмэ киһи доруобуйата кэбириир, үйэтэ кылгыыр Ити курдук иэдээҥҥэ тиэрдэр испиир илиэһэй эбит -- сааһы сарбыйар, үйэни көҕүрэтэр. А. Софронов Төһөлөөх үөлээннээхтэрбит, сэриигэ, үлэҕэ сиэртибэ буолан, саастара сарбыллыбытай?
Н. ЛугиновСаас баттаһа кэпс. - туохха эмэ сөптөөх сааһы аһарбакка, кырдьыах, сааһырыах иннинэ. Θ Пока возраст позволяет, пока не поздно (делать что-л.). Үрдүк үөрэххэ киһи сааһын баттаһа, эдэригэр үөрэнэрэ ордук. Саас баттыыр (ылар) кэпс. - киһи, сааһа элбээтэҕинэ, кырдьар, мөлтөөн барар. Θ Сказываться на ком-л. (о возрасте, годах), годы берут своё (об убывании сил и способностей у человека в пожилом возрасте). Саас баттаан төҥкөччү туттубут, -- Сөдүөт оҕонньор лөҥкөҥнөөн киирэн кэллэ. М. Попов
Өссө холобурдар (2)
Эн биһикки төһө да кырыйдарбыт, төһө да саас ыллар, эр дьон ыралара буоллахпыт дии. ХС Сүүс сааскын быһа сиэ кэпс. - олус уһуннук, бүдүгүрэ кырдьыаххар диэри олор. Θ Жить до глубокой старости. Сүүс сааһын быһа сиэбит оҕонньор
5 этии #
Нууччалыы Достигать совершеннолетия
Сааскын сит - оҕо сааскын ааһан, улахан киһи сааһын туол Сыгынньах киһилэрэ сааһын саҥа ситэн эрэр оҕочоос эбит. Саха фольк Ама, кыра, сокуоннай сааһын ситэ илик кыыһы буруйдуу, хаайа сырыттахтарай? Н. Якутскай Саас ортолоох - эдэр сааһын ааспыт түөрт уончалаах (киһи). Θ Средних лет (о человеке в возрасте около сорока лет). "Оҕонньор" дииллэр да, Хонооһой - саас ортотун эрэ ааспыт, -- киппэ көрүҥнээх киһи. И. Никифоров
Өссө холобурдар (1)
Муннун анныгар тор курдук хара хойуу бытыктаах, саас ортолоох киһи. Д. Очинскай
6 аат тыл #
Кыһыннаах сайын ыккардынааҕы дьыл кэмэ (Саха сиригэр кулун тутар саҥатыттан ыам ыйа бараныар диэри)
Нууччалыы Весна. Быйыл эрдэ ириэриилээх саас буолла. Туман-будул күрэнэн, Тула сандал саас күлэр. Күннүк Уурастыырап. Умнубаппын түөрт уон биэс сыл сааһын, кыайыы күнүн. С. Федотов
7 аат тыл #
суолт. Кыһыннаах сайын ыккардынааҕы кэмҥэ, сааскы кэмҥэ
Нууччалыы Весной. Саас хаар ууллар, сир хараарар. Коля балтыныын саас биирдэ луук үргүү сылдьыбыта. Суорун Омоллоон. Саатар, быйыл саас салама да ыйаабатахпыт. Баҕар онтон дойду иччитэ хомойдоҕо дуу, хайдаҕа дуу? Н. Якутскай. Ср. др. -тюрк. йаз, тюрк. яз, дьас, жаз ‘весна’
8 аат тыл #
Туох эмэ бэйэ-бэйэтин кытта хатыспат, үчүгэйдик араҥаланар, арахсар курдук оннун булбута
Нууччалыы Должный порядок в чём-л., обеспечивающий его отделимость на части, слои
Сүүмэх сап сааһа. Бугулламмыт от сааһа. Сааһын буллар. Сааһын алдьатыма. Кыыс -- баттаҕа харахтарын саба түспүтүн ып-ыраас, сип-синньигэс тарбахтарынан нап-нарыннык, сааһын алдьаппакка сэрэнэн арыйан кэбистэ. А. Софронов Бу ньыма сыарҕаҕа тиэйэрдээҕэр быдан дөбөҥ уонна от сааһын адьас үрэйбэт
Л. Габышев
9 аат тыл #
Туох эмэ хос-хос утах эбэтэр араҥа буолан үүнүүтэ, хаҥааһына
Нууччалыы Волокнистое или слоистое строение чего-л. (напр., растения)
Мас сааһа. Аһаҕас сиргэ үүммүт хатыҥы куруутун тыал мускуйар буолан, кини төрдүн сааһа эриллэн долгуннанан хаалар.
Суорун Омоллоон[Кунаах] тэллэй этэ мас сааһынан тарҕанар, маһы алдьатан эмэҕирдэр. КВА Б
10 аат тыл #
Тардыылаах түһүктээһин туттуу түһүгүн форматыгар сыһыат суолталанар: “сааһын булларан, орун-оннугар буоларын курдук, ыпсаҕайдык”
Нууччалыы В форме орудного падежа притяжательного склонения приобретает наречное значение: “аккуратно, ладно (напр., сложить или разобрать что-л.), складно (говорить)”
Сааһынан кыстаа. Саастарынан ылан уурталаа. Кыһыл тылы сааһынан Кырыытыттан суккуйда. Күннүк Уурастыырап Били кырааскалаах барьер иһигэр ыйаммыт саһыллары, сааһынан ылан, наар-наар таҥнан бардылар Эрилик Эристиин
11 этии #
Нууччалыы Обретать по-колдовски возбужденное состояние, позволяющее видеть и слышать недоступное обычному человеку
Этиилэр
Этин сааһа аһылынна - 1) көр эт II
Маайа бу сэһэни истэ олорон хаста да куйахата ытырбахтаан, этин сааһа аһыллан тымныйталыы сырытта. Н. Якутскай Дабыыт этин сааһа аһыллан устунан тоҥуох чинчилэммитин дьыалайдаабакка өһөспүттүү өссө да олордо. У. Нуолур; 2) кэпс. Туохха эмэ ис-иһиттэн имэҥирбит уоҕар, ойуун-удаҕан кэриэтэ көрбүөччү буолла Онуоха мин арай, Ис-испиттэн этим сааһа аһыллан, Ийэ кутум иэйэн, Ичээн да кулгаахтаах Истибэтэҕин истибитим, Көрбүөччү да харахтаах Көрбөтөҕүн көрбүтүм. С. Зверев
12 этии #
Нууччалыы Волокнисто-слоистое строение тканей тела человека и животных
Эт сааһа - 1) киһи-сүөһү, харамай этэ хос-хос утах, дьураа курдук оҥоһуута Тууччах этин сааһа бөдөҥ буолар. Кус быһыйдар, ат бөҕөлөр икки өттүттэн күрэхтэһиилэригэр эрбии биитин, эт сааһын курдук тэбис-тэҥҥэ тардыаластылар. И. Алексеев; 2) Киһи этинэн билгэтэ, тугу эмэ (хол., итиини-тымныыны) эбэтэр улахан куттаныыны, иэйиини этинэн билиитэ. Θ Способность человека ощущать телом воздействие внешней среды (напр., тепло, холод) или внутреннюю тревогу, сильное чувство; телесное ощущение человека. Киһи этин сааһын курдаттыы сылааһынан угуттуур ылааҥы күн үүммүт. Сэмээр Баһылай. Итини [суругу] ааҕаат, Кириһээн этин сааһа дьар гына түспүтэ. Д. Таас Муусука дуораана, кинилэр эттэрин сааһынан сайа охсон киирэн, сылааларын, тоҥмуттарын ириэрэр. Г. Колесов; 3) көсп. Киһилии сайаҕас өй-санаа, киһилии майгы (үксүн суох диэн тылы кытта төттөрү суолт. тут-лар). Θ Чуткий, отзывчивый ум; чуткость, отзывчивость (большей частью употр. в отриц. смысле). [Бүөтүр:] Ок-сиэ, оҕолор! Өйдөөн көрдөххө, биһиги эппит сааһа суоҕа, уҥуохпут бүтэйэ, тириибит халыҥа сүрдээх даҕаны. А. Софронов